Бырааттыы Ноговицыннар турнирдарыттан санаалар
Дьэ, бу ааспыт өрөбүллэргэ, XIX төгүлүн хапсаҕайга бырааттыы Ноговицыннар турнирдара ыытылынна. Уопсайа 230-тан тахса бөҕөс кыттыыны ылбыта бэлиэтэнэр. Сүрдээх тыҥааһыннаах, сытыы, сылбырхай, кыраһыабай быраҕыылардаах, ыһыылаах-хаһыылаах киирсиилэри көрдөрдүлэр уолаттар. Эппиккэ диэри, «Звёздный состав» бары кэриэтэ бааллара.
Улахан аатырбыт биллэр-көстөр тустуу маастардара, бөҕө-таҕа туруктаах, бүдүрүйбэт хапсаҕайдьыттар түһүлгэни сэргэхсиппиттэрэ чуолкай.
Бэл диэтэр, быйыл күрэхтэһиини Монголия спортсменнара кэлэн киэргэттилэр, интэриэһи тартылар диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо. Оһуоба бэлиэтии көрдүбүт, ыарахан ыйааһыҥҥа киирсибит Мунхдурсгал Турбаты, бэйэбит сахабыт уолаттарыгар хайдах курдук утарсыыны оҥорон ситиһиилээхтик кыттыбытын.
Ону тэҥэ, кырдьык, сылтан сыл ахсын эдэртэн эдэр, бэйэ кыаҕар эрэллээх, кэскиллээх хапсаҕайдьыт уолаттар үүнэн-сайдан, эт-сиин өттүнэн буһан-хатан тахсан эрэллэрин өссө төгүл көрдүбүт-иһиттибит. Биитэр, элбэх көрөөччү болҕомтотун ылбыт – Давид Семёнову дьон-сэргэ өйдөөн хаалбыт буолуохтаах. Кини «прогиб» диэн албаһы туһанан, олус үчүгэй, киһи хараҕар хатанан хаалар быраҕыыны оҥорбута.
Салгыы дэгэтэн абсолютнай хапсыһыылары кэпсиир эбит буоллаххына, 75 киилэ ыйааһыҥҥа дылы тустар, иккис төгүлүн субуруччу ыйааһыныгар бастаабыт, Аар Дархан аатын сүкпүт – Тимур Николаевы, тус бэйэм, биир саамай стабильнай, куруутун үс иһигэр олорор, бириистээх миэстэҕэ тиксэр бөҕөс быһыытынан сыаналыыбын. Оттон 75 киилэни аһары үктүүр ыйааһыҥҥа, эмиэ биир эдэр спортсмен – Чурапчыттан сылдьар Никита Софронов финалга бүдүрүйбэт Бүлүү бөҕөһүн Николай Николаевы кыайан, Аар Дархан аатын хаһаайынынан буолбута.
Онон, түмүктээн этэр эбит буоллахпына, олуһун диэн чаҕылхай, таһымнаах күрэхтэһии буолан ааста. Уолаттар өссө дьарыктарын эбэн-сабан биэрбиттэрэ, кыаҕырбыттара, күүһүрбүттэрэ уопсай хартыынаҕа сүрдээҕин биллэ көстөр. Инникитигэр үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайан тахсан иһиэхтэрэ, дьоннорун-сэргэлэрин үөрдэ туруохтара диэн бигэ эрэллээхпин.
Милена АНДРЕЕВА.