Сонуннар

Өй-санаа өркөнө, эт-хаан чэгиэнэ – ситиһиилээх буолуу мэктиэтэ

Билигин биһиги олорор, үлэлиир-хамсыыр кэммит бары хараһыктаах хара тыыны быыһыырга сырдыкка дьулуһуу күүһэ ордук сытыырхайан турар.

Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ социологическай билим дуоктара, убаастанар ытыктанар Ульяна Алексеевна Винокурова анаарарынан, аан дойду дьонун итэҕэллэрэ сүрүннээн тус-бэйэ этэ-сиинэ өлүүттэн быыһаныытын эрэ тутах кыһалҕатын харамныы сылдьар. Ол эбэтэр, дойдуга бэриниилээх буолуу, дьон-сэргэ туһугар, кэлэр көлүөнэ ыччат туһугар уо.д.а өй-сүрэх, суобас, дууһа боппуруостара кытыыга анньыллыбыт түгэннэрэ аҕыйаҕа суох.

Дьэ, маннык ыарахан кэмҥэ оҕо дьону уһуйар, үөрэтэр, иитэр тэрилтэлэр сыаллара-соруктара, үлэлэрэ төһүү күүс буолаллар. Бу түгэҥҥэ саха дьоно айылҕаҕа чугаспыт, дириҥ итэҕэллээхпит, сиэрбит-туоммут цивилизация модун күүстээх массыынатыттан быыһаан киһилии дьону иитэн үтүө чиргэл сааһыламмыт олохтоох буоларбыт тускула.

Хатас нэһилиэгэр урукку салайааччыларбыт инникилээх, кэскиллээх олох туһугар оҕо аймаҕы уһуйар тэрилтэлэри дэлэччи-холоччу тэрийэн, олохтообуттара хайҕаллаах уонна махталлаах суол. Мин бүгүн Саргылана Тарасовна Стручкова дириэктэрдээх “Ситим” айымньы дьиэтин иһинэн үлэлиир Максим Павлович Осипов салайар “Дьулуур” куруһуок үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин, кыайыыларын-хотууларын, инники былааннарын сэһэргиэхпин баҕардым.

Дьэ, аата даҕаны этэринии, дьулуурга-тулуурга, умсугуйан туран дьарыктанарга, билиини-көрүүнү, сатабылы кэҥэтэргэ, дириҥэтэргэ, тэнитэргэ туһуламмыт сыаллаах-соруктаах үлэлээх куруһуок сыыйа-баайа киһиэхэ кэпсиирэ, сонун оҥосторо баар буолан эрэр. Сүрүн хайысхата оҕо дьон чөл-чэгиэн туруктаах, айылҕалыын сатаан алтыһар, араас мэһэйдэртэн-моһоллортон кыайыылааҕынан тахсар күүстээх санаалаах, сатабыллаах буолалларын тускулун тутуу буолар.

Максим Павлович анал үөрэхтээх физкультура учуутала, тренер уонна спортивнай массажист буолар. Уонунан сылларга утумнаахтык, кэккэ ситиһиилэрдээхтик маассабай спорду чуолаан футболу пропагандалааһыҥҥа үлэлээбитэ. Онон оҕону кытта үлэ уратыларын, араас ньымаларын, оҕоҕо сыһыан суолтатын бары өттүттэн билэр. “Дьулуур” куруһуокка сылдьар оҕолор спортивнай ориентирование диэн киһиттэн болҕомтолоох, толкуйдаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах буолары ирдиир көрүҥҥэ дьарыктаналлар. Бу көрүҥү бу эйгэ дьоно чэпчэки атлетикаҕа саахыматы эптэххэ, спортивнай ориентирование буолар диэн киэн тутта кэпсииллэр.

Дьэ, кырдьыга оннук курдук буолан тахсар. Манна сүүрүү-көтүү эрэ буолбакка каартаны ааҕан (онно баар араас усулуобунай бэлиэлэринэн) этэргэ дылы, субу бараары туран суолгун барытын хараххар көрөн өйгүнэн-санааҕынан хайдах фиништииргин ааҕан-суоттаан турар буолуохтааххын. Ол туһугар эн айылҕаны кытта сибээһиҥ ыкса буолуохтаах, айылҕа кинигэтин буукубаары ааҕардыы биэс тарбаҕыҥ курдук дьэҥкэтик билиэхтээххин. Кыратыттан ылан эттэххэ, кыымаайыттан, кырдаайыттан саллыбакка, бырдахтан быстыбакка, кумаартан куттаммакка, сииктээххэ, силбиккэ сирбэккэ-талбакка сүүрэн, хааман, утатары уйан, тиритэри тулуйан, табыгастаах гына таҥнан сылдьыахтааххын, онтон хотуну, соҕурууну араарыахтааххын, күнүскү, түүҥҥү тыа уратыларын этэ да барбаккын буоллаҕа…

Тыаҕа сылдьар киһиэхэ хамаанда  диэн өйдөбүл ураты улахан суолталаах, бэйэ бэйэни кытта сыһыан сылаас  тыына, кэккэлэһэ сылдьар киһиэхэ эрэлиҥ, эн кини туһугар кыһамньыҥ, быһатын эттэххэ, маны туораабыт киһи хайдах даҕаны бэйэмсэх буолар кыаҕа суох. Онон “Дьулуур” куруһуок оҕолоро ис-тас туруктуун биир таһымҥа киирэн өй санаа өркөнүн, эт-сиин чэгиэнин табан алтыһыннаран киһи быһыытынан кииллийэн, кыайары да, кыайтарары да уйар дьон буолан иитиллэн тахсалларыгар эрэлбит улахан. Манна мындыр салайааччыга Стручкова Саргылана Тарасовнаҕа махталбыт улахан. Ол курдук, барытын ырытан, ыраҥалаан, ыараҥнатан айымньы дьиэтэ диэн тэрилтэҕэ субу курдук омос көрдөххө, ханан сыһыаннааҕый диэбит курдук хайысхаҕа куруһуок салайааччытыгар эрэнэн-итэҕэйэн арыйбыттарын үтүө түмүгэ номнуо Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ кыттар оҕо – Осипов Витя баара арылхайдык дакаастаата.

Бу күннэргэ СӨ спортивнай ориентированиеҕа хамаандатын кылаабынай тренерэ Назарова Оксана Николаевнаны кэпсэтиим маннык буолла:

– Хатастааҕы “Ситим” айымньы дьиэтин иһинэн үлэлиир “Дьулуур” куруһуок иитиллэччилэрэ хара маҥнайгы тэриллиэхтэриттэн сүрдээх көхтөөхтөр, ыраах барар сыаллаах-соруктаах үлэлииллэрэ биллэр. Мин сборнай хамаанда салайааччыта буоларым быһыытынан күрэхтэһэр, кыттар дьоммун – оҕолорбун араас хамаандалартан бэлиэтии көрөн, кэтээн-манаан көрөн ылааччыбын.

Витя кыратын көрүмэ сүрдээх ис иһиттэн иһигэр “буорахтаах”, сааһыгар холооно суох дьоһун киһи. Сахалыы холку, өрө биэрэ сылдьыбат эрээри, мэлдьи сэргэх сэбэрэлээх, мичээрдээх, мэлдьи көрө-истэ, билэ сатыыр уонна сүрүнэ тулуурдаах, дьулуурдаах уол. Ол курдук, бу сайын биир барыыга аҕыйах хонугунан быысаһан 9 төгүл стартаан араас (таһымынан даҕаны, уһунунан даҕаны)  дистанцияларга сырытта.

Саамай маҥнайгы стартара – түүҥҥү старт этэ. Бары билэрбит курдук, соҕуруу дойду түүнэ дьиҥ чахчы хараҥа түүннэр. Манна сайыҥҥы үрүҥ түүннэргэ үөрэммит эбит буоллахпытына, кини ытыс таһынар хараҥаҕа картаны ааҕан, банаарынан эрэ сирдэтинэн бэрт дьоһуннук аныгыс түһүмэххэ тиийбитэ. Ити “Владимир Суздальская Русь” диэн күрэххэ, онтон иккис күнүгэр классическай дистанцияҕа сүүрдүлэр. Ол кэннэ Майкоп куоракка тиийэн эмиэ саҥаттан атын сиргэ күрэхтэспитэ. Өскөтүн Владимир куоракка көнө налыы хонуу эбит буоллаҕына, Майкопка хайалардаах, ыркый ойуурдаах этэ. Онтон Сочига тиийэн куорат иһигэр уонна Олимпийскай пааркаҕа (куорат усулуобуйатыгар) сүүрүү буолбута. Витя маны барытын улахан киһилии уйан, уйарын ааһан хас эмит сүүһүнэн оҕо ахсааныттан кэннигэр сүүһүнэн оҕону хаалларан ортоку кэккэҕэ сырытта. Ол тухары сылайдым-элэйдим, быһынным диэн биир да тылы быктарбакка, куруутун мичээр кэһиилээх сүрдээх холкутук күрэхтэстэ. Түмүкпэр, бу улахан тургутууну ааспытынан өссө төгүл эҕэрдэлиэм этэ уонна киниэхэ эрэлим улаханын, салгыы үлэлииэхпит диэн этиэм этэ. Максим Павловичка үлэтигэр ситиһиилэри уонна маннык курдук сулустары умата турарыгар баҕарыам этэ.

Дьэ, ити курдук, төрөөбүт төрүт дойдубут муус болгуо сиригэр көннөрү тыыннаах эрэ хаалар туһугар буолбакка, сайдар-үүнэр саҕахтары арыйарга хас биирдии киһи айылҕаны кытта дьүөрэлэһэн тулуурдаах-дьулуурдаах, өй-санаа өркөнүн, эт-хаан чэгиэнин тутустаҕына ол буолуо этэ – ситиһиилээх буолуу мэктиэтэ.

Суруйбут геройдарбар сахалыы сэмэйдик ситиһиилэри, кыайыылары туруктаах буолууну баҕарыам уонна эрэлбитин биллэриэм этэ.

Наталья РУФОВА.

Хатас.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253186
Бүгүн : 44