Сонуннар

Тирана-2024: Уолбутугар эрэнэбит!

Албания киин куоратыгар алтынньы 30 күнүгэр, Олимпиадаҕа киллэриллибэтэх ыйааһыннарга (61, 70, 79, 92 кг) көҥүл тустууга аан дойду чемпионата саҕаланар.

61 киилэҕэ диэри барыта 27 кыттааччы сэрэбиэйи ааспыт. Састаап күүстээх диэххэ сөп. Сэрэбиэй быһыытынан Азия чемпиона кыргыз Тайырбек Жумашбегы уонна аан дойду-2023 чемпиона американец Вито Оруджовы үөһээ-аллараа бөлөхтөргө араарбыттар.

Биһиги Арыйаан Тютриммыт үөһэ бөлөххө түбэспит. Бастакы утарсааччыта – монгол Цевенсурен Цохтбадрах. Бу бөҕөс былырыыҥҥыга диэри 65 киилэҕэ кыттара. Азия чемпионатыгар тиийэ тустубута. Бэйэтин дьиэтигэр, биир күрэхтэһиигэ Тумур Очир-Тулганы кыайан турардаах. Оттон быйыл бэйэтин күүһүн 61 кг холонно. Аан дойдуга чемпионатыгар сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ бастаабыта. Ол кэнниттэн соторутааҕыта Тываҕа буолбут байыаннайдар күрэхтэһиилэригэр 65 кг тэҥнээҕин булбатаҕа.

Сэрэбиэйи ырытан көрдөххө, Тютрин монголу кыайдаҕына, салгыы күрэхтэһиигэ финал 8/1-гэр Жумашбекка тахсыаҕа.

Өссө бу бөлөххө иранец Момени, турок Думан, азербайджанец Новрузов бааллар.

Оттон иккис бөлөххө, олимпийскай чемпион Заур Угуев (Россия) – Йосоносуке Оно (Япония) бастакы эргииргэ көрсөллөр. Дьэ, баай опыттаах, улахан ааттаах-суоллаах бөҕөс – эдэр талааннаах тустуугу кытта киирсиитэ тыҥааһыннаах буолара күүтүллэр. Оно 21-гэр диэри саастаахтарга аан дойду түһүлгэтигэр чаҕылхайдык, биир тыынынан бастаабыта.

Өссө манна хохол Джелебы уонна Оруджовы чорботуохха сөп.

Бастыҥнары урукку тустууларынан сылыктаатахха (нууччалыы эттэххэ, теоретически), үөһэ бөлөхтөн Жумашбек, Тютрин, алларааттан – Угуев/Оно, Оруджов бэлиэтиэххэ сөп. Ол эрэн, бу күҥҥэ, бу чааска (фактически) ким күүстээҕин көбүөр көрдөрүө.

Санатан эттэххэ, Арыйаан Тютрин ааспыт ыйга Минскэйгэ, албан аатырбыт Александр Медведь кэриэһигэр турнирга бу ыйааһыҥҥа эрэллээхтик бастаан, Тиранаҕа барар быраабы ылбыта. Билэргит курдук, дьиҥэ Арыйаан быйыл сайын Парижтааҕы Олимпиадаҕа кыттыахтаах этэ. Ону политиктар орооһон, кытыннарбатахтара хомолтолоох.

Ол да буоллар, тоҕоостоох түгэн төһө да ааспытын үрдүнэн санаабытын түһэрбэппит, уолбутугар эрэнэбит!

Петр ПАВЛОВ.  

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242620
Бүгүн : 10