Сонуннар

Түһүлгэ түмүгүн сылыктаан көрдөххө…

ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин кэриэһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы XV турнирга 13 дойду 190 бөҕөһө сэрэбиэйи ааста.   

57 киилэҕэ барыта 34 бөҕөс сэрэбиэйи ааста. Манна эдэрдэргэ Россия уонна Европа күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа, РФ чемпионатын үрүҥ көмүс призёра Лев Павловы уонна соторутааҕыта «Шахтёрская слава» уонна Соҕуруу Сахалинскайга ыытыллыбыт турнирдарга ситиһиилээхтик кыттыбыт монгол Мунх-Эрдэнэ Батхуягы сэрэбиэйдээһиҥҥэ араарбыттар. Ол аата, кинилэр сеткаҕа үөһээҥҥи уонна алларааҥҥы бөлөхтөрүгэр туруоруллубуттар.

Сылыктаан көрдөххө, Лев Павлов бөлөҕөр – Федор Постников, Кежик Седен (Тыва), Жаргал Баяндуев (Бурятия) курдук күүстээх бөҕөстөр бааллар. Өссө Иран уонна Монголия эдэр бөҕөстөрө хайдахтарын көрүөхпүт. Сыаналыахпыт.

Аллараа бөлөххө Петр Адамов, Николай Охлопков, Айаал Белолюбскай (Таджикистан), Кэскил Семенов, Данил Мохначевскай – тувинецтар А.Ондары, А.Чамзыны, монгол М.Батхуягы утары тустуохтара.

Онон күүстэр хабааннаһыылара тэҥ соҕус диэххэ сөп. Сытыы хапсыһыылар күүтүллэллэр. Ол да буоллар, чопчу этэри ирдиир буоллаххытына, сымыһахпын быһа ыстаан, сылыктаан көрөн баран, быһаарыылаах хапсыһыыга Лев Павлов уонна Айаал Белолюбскай көрсүөхтэрэ дии саныыбын.

61 кг. Манна эмиэ 34 бөҕөс күөн көрсүө. Үөһэ бөлөххө сүрүннээн Георгий Окороков (Австралия), Дмитрий Шамело (Беларусь), Яков Павлов (Оренбург), Уйгулан Иванов, Туменбилег Тувшинтулга (Монголия), Кежик Монгуш (Иркутскай), Петр Константинов – финалга тахсар иһин киирсиэхтэрэ.

Оттон аллараа бөлөххө Владимир Егоров (Македония), Михаил Иванов, Александр Авелов, Баир Баяндуев (Бурятия), Манчаары Ильинов, Артем Слепцов курдук тэҥ сыһа баайыылаах бөҕөстөр бааллар.

Бу ыйааһыҥҥа эмиэ, киһи ойуччу тутар киһитэ суоҕун тэҥэ. Ким бу күҥҥэ үчүгэй бэлэмнээх, кыайыыга ордук дьулуурдаах – ол ситиһиилэниэ. Ол да буоллар, биир бэйэм финалга Кежик Монгуш уонна Александр Авелов тустууларын көрүөхпүн баҕарабын. Дьэ, хайдах буолар? Көбүөр көрдөрүө.

65 киилэ – 29 кыттааччы. Бу ыйааһыҥҥа күрэхтэһии биир саамай үрдүк ааттаах-суоллаах бөҕөһө, Россия, Европа, аан дойду чемпиона Абасгаджи Магомедов баар. Биллэрин курдук, кини ити ситиһиилэрин 61 киилэҕэ ситиспитэ. Быйыл Россия чемпионатыгар 65 кг Шамиль Мамедов кэнниттэн иккис буолбута. Үөһэ бөлөххө Абасгаджи чорбойор, салгыы тустан бастыыр да кыахтаах.

Оттон иккис бөлөххө Сунтаар тустууга кыһатын иитиллээччилэрэ Тотонов, Григорьев хоннохторо аһыллан тустан кэбиһиэхтэрин, Кежик Чымбаны хотуохтарын баҕарабын.

70 кг (26 кыттааччы) күүстээх састаап мустубут. Манна үөһэ бөлөххө Айсен Потапов финал чиэппэригэр Корнеевтыын (Кемерово) тустуута быһаарыылаах буолара буолуо дии саныыбын. Оттон хамаанда хапытаана Константин Капрынов – Топшиноев/Матвеев хапсыһыытын кыайыылааҕын, Сайын Казырыгы (Тыва) кытта кытаанах киирсиитэ күүтүллэр. Дьэ, бу ааттаммыт бөҕөстөртөн ким дьолуота тосхойбута – ол финалга тахсыаҕа.

Аллараа бөлөххө дьон үксэ, аан дойду чемпионатын призердара Эрназар Ахматалиев (Кыргызстан) – Евгений Жербаев (Бурятия) киирсиилэрин күүтэр. Бу бөҕөстөр үс сыллааҕыта аан дойду чемпионатыгар, финалга тахсар иһин киирсиигэ көрсөн тураллар. Онно 9:5 ахсаанынан кыргыз кыайбыта. Бу сырыыга дьэ хайалара буолар? Ол иннинэ өссө Ахматалиев – Упхоев/Якимов пааратын кыайыылааҕын, оттон Жербаев сэрэйдэххэ казах Сабыры кытта киирсэн кыайыахтарын наада ээ. Утарсааччылара мээнэ дьон буолбатахтар.

Дьэ онон Ахматалиев – Жербаев көрсөр күннээх буоллахтарына, финал чиэппэригэр көрсүөхтэрин сөп. Бу хапсыһыы, Коркин быйылгы турнирын биир сытыы, тынааһыннаах хапсыһыытынан буолара күүтүллэр. Кинилэргэ биһиги Олег Фомиммыт буккуһуон сөп. Ол барыта, турнир балаһыанньата хайдах туруктанан тахсарыттан тутулуктаах. Ханныгын да иһин, Ахматалиевтаах Жербаев – аан дойду таһымнаах тустууктар. Биир бэйэм Жербаев хоторо буолуо дии саныыбын. Оттон үөһэ бөлөхтөн киниэхэ, кэлиҥҥи тустууларынан сыаналаатахха Сайын Казырык тахсыан сөп даҕаны, санаам тоҕо эрэ Айсен Потаповка сытар…

74 киилэҕэ 15 бөҕөс сэрэбиэйи ааспытыттан, олимпиец Виктор Рассадины (Таджикистан) уонна Россия чемпионатын призера Александр Балтуевы (Бурятия) араарбыттар. Чэ, сэрэйдээх чопчу бу бөҕөстөр быһаарыылаах хапсыһыыга көрсөллөрө буолуо. Манна, Виктор кыайарыгар кэлтэйдии эрэнэбит.

Биһиги уолаттарбытыттан Албан Аввакумов боруонса мэтээл иһин тустар балаһыанньата куһаҕана суох курдук көрөбүн.

79 кг аан дойду чемпиона Ахмед Усманов билигин үчүгэй тустар таһымыгар сылдьар курдук. Кини, бу ыйааһыҥҥа кыттар 11 киһиттэн чорбойор диэххэ сөп. Эдэр кэскиллээх тустуук Роман Николаев үһүс бириистээх миэстэҕэ киирсэр кыахтаах.

86 киилэҕэ 16 бөҕөс күөн көрсөр. Үөһэ бөлөххө Красноярскайтан А.Улимбашев ордуктара курдук көстөр. Иранец хайдах эбитэ буолла? Бу күрэхтэһиигэ иранецтар аныгыскы Олимпиаданы кыҥаан, сүрүннээн эдэрдэрин аҕалбыттар диэн сыаналыахха сөп.

Аллараа бөлөхтөн, иллэрээ сыл А.Крылов аатынан Бүтүн Россиятааҕы турнир сүрүн бирииһин (1 мөлүйүөн уу харчы) хаһаайына Дмитрий Зайнидинов (Красноярскай) финалга тахсара буолуо диэн сылыктыыбын. Бу ыйааһыҥҥа биһиэннэриттэн табыллан туһуннаҕына Андриан Ленскэй пьедесталга тахсыан сөп.

92 кг – 8 кыттааччы. Бары да кыахтаах, тэҥ күүстээх бөҕөстөр. Биһиги экс-хапытааммыт Ньургун Сергин кытаанах тургутууну барыыһы. Бастаан дагестанец Ханиевтыын тустар. Онно кыайдаҕына Иванов/Эрхитуев пааратыгар тахсар. Дьэ, бу киирсиилэри аастаҕына эрэ финалга тахсар. Чопчу этэр ыарахан.

Аллараа бөлөххө Нажмудинов ылаттыыра буолуо.

97 киилэҕэ 10 бөҕөс сэрэбиэйи ааспыт. Манна биһиги уолаттарбыт сэрэбиэйдэрэ табыллыбыт диэххэ сөп. Максим Толмачевтаах Никита Софроновтан биирдэрэ финалга тахсар кыахтаах. Оттон үөһээ бөлөххө ньыһыйсыы күүтүллэр. Сэрэйдэххэ, Россия уонна Европа чемпиона Магомед Курбанов (Дагестан) уонна Европа хас да төгүллээх призера Александр Гуштын (Беларусь) икки ардыларыгар кытаанах киирсии буолара буолуо.

125 кг Никита Хабаров сэрэбиэйэ үчүгэй курдук, мэтээлгэ олоруон сөп. Иккис бөлөххө Остап Пасенок, Шамиль Мусаев, Харысхан Баппаҕай бааллар. Чэ, ким кыайарын көбүөр быһаарыа.

Кылгастык ыйааһыннарынан күүстээхтэри сылыктаатахха дьэ итинник. Этэргэ дылы, биһиги сылыктыыбыт – оттон туох, хайдах буоларын көбүөр бэйэтэ быһаарыа.

Петр ПАВЛОВ.    

2 комментария для “Түһүлгэ түмүгүн сылыктаан көрдөххө…

  • 57 Л.Павлов
    61 К.Монгуш
    65 А-Г Магомедов
    70 А.Потапов
    74 В.Рассадин
    86 А.Ленский
    92 Г-М Нажмудинов
    97 М.Курбанов
    125 Ш.Мусаев

    лучший борец Л.Павлов

    Ответ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242601
Бүгүн : 792