Интервью

Бат-Өлзий Баттагтох: “Үһүс сылбын тириэнэрдиибин”

Буолан ааспыт, улуу тириэнэр Дмитрий Петрович Коркин аатынан турнирга Монголия хамаандата икки мэтээллэннэ. Ол курдук 57 кг Батхуяг, 61 кг Тувшинтулга үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.

Мин көҥүл тустууга Монголия хамаандатын тириэнэрэ, сахалыы саҥарар – Баттогтох Бат-Өлзийы көрсөн сэһэргэспиппин, “Дьулурҕан” ааҕааччыларыгар билиһиннэрэбин.

– Баттогтох, эн билигин ханна, киминэн үлэлиигиний?

Монголияҕа, Улан-Батор куоракка улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго тириэнэр быһыытынан үлэлии-хамсыы сылдьабын.

– Тириэнэрдээбиккит хас сыл буолла?

– Быйыл оруобуна үс сылым буолар.

– Хас сыллаахха, хаһан ЧГИФКиС-ка кэлэн үөрэммиккиний?

– Оскуолабын бүтэрээт, тутатына Чурапчытааҕы спорт үнүстүүтүгэр 2014 сыллаахха, Саха сиригэр үөрэнэ кэлбитим. Биэс сылынан үөрэхпин бүтэрээт, салгыы Дьокуускайга магистратураҕа ИФКиС-ка киирбитим.

– Тоҕо Саха сиригэр кэлэн үөрэнэргэ быһаарыммыккыный?

– Мин иннибинэ убайым эмиэ ЧГИФКиС үөрэнэн бүтэрбитэ, кини сүбэтинэн кэлбитим.

– Саха тыла монгол тылыттан төһө уратылааҕый уонна хаһааҥҥыттан сахалыы саҥарар буолбуккунуй?

– Манна, Саха сиригэр кэлэрбэр саха да тылын, нуучча да тылын олох билбэт этим. Ону бэйэм элбэхтик үөрэтэн-үөрэтэн, син билэр буолбутум.

– Спорка, көҥүл тустууга бэйэҥ туох ситиһиилээххиний?

– Монголия спордун маастарабын.

– Коркин турнирыгар хаһан эмитэ кытта сылдьыбыккыт дуу?

– Хомойуох иһин, суох.

– Манна Монголияттан хас бөҕөһү аҕаллыгыт?

– Манна, Дмитрий Петрович Коркин турнирыгар биһиги икки хамаанда буолан кэлбиппит. Уопсайа 13 спортсмен уонна икки тириэнэр буолан.

– Бу күрэхтэһииттэн тугу кэтэһэҕитий?

Сотору көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытыллар, онно кыттыахтаах уолаттарга бу күрэхтэһии старт, тургутуу курдук буолар. Ол кэнниттэн, биһигини өссө да бэлэмнэнии сбордара бөҕө кэтэһэллэр.

Сөп, махтал буолуохтун. Иитиллээччилэргитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕара хаалабын.

Кэпсэттэ, интервьюну ылла – Милена АНДРЕЕВА.

Аааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242606
Бүгүн : 797