Манчаары оонньууларын ымыы түһүлгэтэ
Бүгүн, чаҕыл күннээх күһүҥҥү күн, Саха норуотугар улуу дьону, биллэр-көстөр Судаарыстыбаннай диэйэтэллэри үөскэппит, саха киһитин өркөн өйүн, толкуйун тобуларга үөһээттэн түстэммит, таалар-налыы хонуулаах, Олоҥхо сиринэн аатырар-сураҕырар ытык Тааттабытыгар, эһиил 2025 сыллаахха, иккис төгүлүн дуулаҕа күүстээх, өбүгэ үгэһин илдьитэ Манчаары Баһылай аатынан XXII “Манчаары оонньууларын” ыытыллар сиригэр, атах тэпсэн олорон кэпсэтэр, санааны атастаһыы тэрилиннэ.
Уруккуну санаһар, инникини кэпсэтэр түһүлгэҕэ, 1999 с. XVI төгүлүн ыытыллыбыт Манчаары Баһылай бирииһигэр “Олоҥхо оонньууларын” тэрийбит, ыыппыт биир дойдулаахтарбыт баҕа санааларын истэр, сүбэ-саргы ылар көрсүһүүгэ нэһилиэк баһылыктара, улуус салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Көрсүһүүнү, 1999 сыллаахха Таатта улууһун баһылыгын Георгий Дмитриевич Никонов тус баҕатынан уонна улууспут “Манчаары оонньууларын” дириэксийэтин тэрийиитинэн ыытылынна. Кэпсэтиини Гаврил Вырдылин иилээн ыытта.
Бастакы тылы улуус баһылыга Айаал Бурцев: “Таатта улууһун олохтоохторо, эһиилги XXII “Манчаары оонньууларын” үрдүк таһымҥа ыытарга бэлэммит. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыытылыстыбатын көмөтүнэн, өйөбүлүнэн, Оонньуулары өрө көтөҕүүлээхтик, таһымнаахтык ыытарга күүстээх эрэллээхпит”, – диэн кэпсэтии сүрүн тыынын күүһүрдэн биэрдэ.
Санатан эттэххэ, “Манчаары оонньууларын” Саха сирэ бүттүүнэ кэтэһэр. Бу Оонньуулар дойду үрдүнэн сырдатыллыахтара, ону таһынан уруулуу норуоттар куйаар ситиминэн эмиэ сэҥээрэ кэтээн көрүөхтэрэ.
“Манчаары оонньуулара” – Саха сирин Олимпиадата, төрүт үгэскэ олоҕурбут, көлүөнэни ситимниир, спорт чаҕылхай бырааһынньыга буолар. Устуоруйаҕа киирбит 1999 сыллаах Оонньуулар түөрт күн устата ыытыллыбыттара. Ыытыллыбыт Оонньуулартан саамай элбэх кытааччы спортсменнардаах уонна ыалдьыттардаах Оонньуу буолар. Барыта 1200 киһиттэн турар 40 хамаанда кыттыыны ылбыта.
Онон, ытык сиргэ, Тааттабытыгар, ыытыллыбыт Оонньуулар хамаандаларын ахсаана күн бүгүн куоһарылла илик. Түөрт күн усталаах туоратыгар ураты күннэр турбуттарын, тыҥааһыннаах киирсиилэр буолбуттарын, норуот күүстээх сомоҕолоһуутун туһунан билиҥҥэ тиийэ кэпсэнэр.
Кулун тутар 22 күнүгэр 1999 сыллаахха Саха Республикатын Президенигэр Михаил Ефимович Николаевка туоска
Урааҥхай ууһа тоҕуоруйар,
Саха саарына күрэстэһэр
“Олоҥхо оонньууларыгар”,
Ытык Тааттабыт ыһыаҕын
Дьоллоох дьоро түһүлгэтигэр
Күндү ыалдьыт буолан
Ыалдьыттыыргар ыҥырабыт!
– диэн дириҥ өйдөбүллээх тыллартан турар ыҥырыылары ыыппыт, тэрийбит, биир дойдулаахтарын түмпүт, икки өттүтүнэн улуус салайааччыларын кынат оҥостубут, Георгий Никонов билиҥҥэ диэри кэпсээҥҥэ сылдьар “Манчаары оонньуулара” хайдах барбыттарын, улуус дьаһалтата, нэһилиэктэр баһылыктара, олохтоохтор биир санаанан тэрийбит улахан тэрээһин барыытын кэпсээтэ.
Ол сылларга сүүрбүт-көппүт салайааччылар, тустаах, туһааннаах тэрийээччилэр, успуорт салаатын салайааччыта Афанасий Андреев, ат успуордун федерациятын салайааччыта Анатолий Мурунов, АПО салайааччыта Владимир Кузьмин, култуура салаатыттан Карл Христофоров, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Михаил Архипов, Уолба нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов, түөлбэ үлэтин Марфа Матвеева, Варвара Будикина ахтан-санаан ыллылар.
Кэлэр Оонньууларга ымыы буолар, өй-санаа угар кэпсэтии түһүлгэтэ олус сэргэхтик ааста.
Кэпсэтии кыттыылаахтара биир сомоҕо буолан, Саха Олимпиадата диэн ааттанар “Манчаары оонньууларын” үрдүк таһымҥа ыытар санааны өссө дириҥник ылынан тарҕастыбыт.
Вера КАНАЕВА.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.