“Коркинныы олоруохха! Коркинныы айыахха!” быыстапка үлэтин саҕалаата
Балаҕан ыйын 5 күнэ. Биһиги улуу тренербит Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүт күнэ. Билэргит курдук, кини 1928 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Баара эрэ 56 сыл олорбута. Ол кэмҥэ төрөөбүт Сахатын сирин Сэбиэскэй Сойууһу ааһан – аан дойдуга биллэрбитэ. Чурапчыга интернат-оскуоланы төрүттээн, республика талааннаах ыччаттарын мунньан тустууга уһуйбута.
Чурапчы спорка, чуолаан тустууга ситиһиитэ киэҥ сиргэ тэлэһийэрин ситиспитэ. Сүүһүнэн ахсааннаах спорт маастардарын иитэн-такайан таһаарбыта. Дмитрий Петрович сүдү ситиһиитинэн – Роман Дмитриев уонна Павел Пинигин олимпийскай чемпион, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов олимпийскай призёр, Василий Гоголев Үтүө Дьулуур оонньууларын кыайыылааҕынан буолбуттара буолар.
Дмитрий Петрович инникини өтө көрөн, саха тустуутун улахан таһымҥа таһаарыыга дьулуурдаахтык, ис иһиттэн хасыһан, үөрэтэн, дьаныһан туран сыал-сорук туруоран үлэлээбитэ уонна онтукатын ситиспитэ. Туох баар өйүн-санаатын барытын онно уурбута. Үлэнэн эрэ олорбута диэххэ сөп.
Биллэ-көстө сатаабакка, албан аакка-суолга таласпакка, сэмэйдик олорбута. Ол иһин кинини саха норуота бэйэтигэр чугастык ылыммыта. Ону, ХХ үйэ бастыҥ киһитинэн талыллыбыта даҕаны итэҕэтэр. Ол курдук, саха спорда сайдыытыгар оҥорбута, киллэрбитэ сүҥкэн. Билигин кини үлэтин үөрэнээччилэрэ салгыыллар…
Бу күн киин куораппыт “Строительнай” рыногын быыстапкалыыр саалатыгар “Коркинныы олоруохха! Коркинныы айыахха!” диэн республикатааҕы таһымнаах быыстапка тэриллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Маныаха бастатан туран, рынок салайааччыта, бэйэтэ көҥүл тустууга Россия спордун маастара, Ил Түмэн депутата Иван Иванович Даниловка махтаныах тустаахпыт. Бу кини уруккуттан былаанныы сылдьыбыт ыра санаата.
Үтүө тэрээһини, Дмитрий Петрович үөрэнээччитэ, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Афанасьевна Гоголева үүннээн-тэһииннээн алтыс сылын ыытар. Сылтан сыл ахсын быыстапка таһыма улаатан, сайдан, кэҥээн иһэрэ кэрэхсэбиллээх. Бииртэн биир үчүгэй экспонаттаах дьоннор кыттыһан иһэллэр.
Быйылгы быыстапкаҕа Чурапчы, Эдьигээн, Амма улуустарын тэҥэ, национальнай библиотека, Ем. Ярославскай аатынан Саха сирин историятын музейа, Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищета, республика спорка Албан аатын музейа, биллиилээх коллекционердар Юрий Щукин, Михаил Друзьянов, олимпийскай чемпион Павел Пинигин, Олимпиада-76 үрүҥ көмүс призера Александр Иванов, ССРС народнай худуоһунньуга Афанасий Осипов уруһуйдара, Д.П. Коркин үөрэнээччитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна Дмитрий Егоров, СР үтүөлээх тренерэ Афанасий Лугинов бу тэрээһиҥҥэ өрүү көхтөөхтүк кытталлар.
Оттон быйыл Саха сирин киэн туттуулара Контоевтар дьиэ кэргэттэрэ уонна көҥүл тустууга спорт маастара, РСФСР чемпиона Алексей Стручков баай ис хоһоонноох экспонаттара аан бастаан киэҥ эйгэҕэ көрдөрүүгэ туруорулуннулар.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар СР Спорка бэлэмнэнии киинин дириэктэрэ Михаил Пахомов, спорт биллиилээх салайааччыта Михаил Гуляев, олимпийскай призёр Александр Иванов, олимпийскай чемпион Павел Пинигин, аан дойду үс чемпионун аҕалара, спорт бэтэрээнэ Степан Контоев, Чурапчытааҕы Д.П. Коркин аатынан музей салайааччыта Егор Пудов, Д.П. Коркин огдообото Александра Коркина, уо.д.а. бэйэлэрин истиҥ ахтыыларын оҥордулар.
Кинилэр бары биир киһи курдук, маннык үтүө тэрээһини өрүү үрдүк таһымнаахтык тэрийэр Татьяна Афанасьевна Гоголеваҕа махталларын биллэрдилэр. Бу, туохха да сыаналаммат иитэр-үөрэтэр үлэҕэ улахан дьыала буоларын эттилэр. Быыстапкаттан киһи элбэҕи билиэн-көрүөн, бэйэтин билиитин хаҥатыан сөптөөҕүн ыйдылар, дьон-сэргэ, ордук оҕо аймах күргүөмүнэн кэлэн көрөрүгэр ыҥырдылар. Омук быһыытынан сайдыыга, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыга, саха спордун таһымын өссө үрдэтэргэ элбэх санаалар этилиннилэр.
Холобур, олимпиецтар Александр Николаевич уонна Павел Павлович, бэйэлэрин этиилэригэр, бөҕөстөрбүт атын омуктары үтүктүбэккэ, Дмитрий Петрович үлэлээбитин курдук, тустууга сахалыы буочары, үөрүйэҕи тутустахха, көрдөрүү өссө тупсуоҕун ыйдылар.
Ити курдук, “Коркинныы олоруохха! Коркинныы айыахха!” республикатааҕы алтыс быыстапка үлэтин, хаһан баҕарар буоларыныы, үрдүк таһымнаахтык саҕалаата.
Быыстапка балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри үлэлиир. Бу күнтэн саҕалаан уон күн устата быыстапка чэрчитинэн араас лекцияларга, “төгүрүк остуолларга”, саҥа кинигэлэр сүрэхтэниилэригэр куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кэлэн көхтөөхтүк кыттыҥ, көрүҥ, сэргээҥ, санааҕытын үллэстэн кэпсэтиҥ, сиһилии сэһэргэһиҥ диэн ыҥырабыт.
Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, “Строительнай” атыы-эргиэн киинин быыстапкалыыр саалата. Жорницкай уул. 35 №-рэ (кыһыл дьиэтэ), бастакы этээс.
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.