Биэ – Айылҕа бэлэҕэ
Сүүрүк сылгы түргэн атаҕа, сындалыйбат күүһэ ийэтиттэн эмиэ бэриллэр. Маны ол туоһутунан Сахабыт сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ Мэҥэлэр Совдияларын ааттыахха сөп. Бу биэ республикабыт Дербистэрин Эрэли, Сэгэри, Сайбер Шоту, Совдианы, Флоренция Суоланы уонна олус быһыйынан биллибит Ривьераны төрөппүтэ.
Намнар Роба диэн биэлэрэ Сахабыт сирин бастакы дербиһин Раданы күн сирин көрдөрбүтэ, манна өссө икки оҕотун эбэбит, республика ипподромнарыгар элбэх ситиһилээх Радуганы уонна Радону. Хаҥалас Нөмүгүлэригэр Ракетаны ааттыахха сөп. Кини Алмаз уонна Кэнчээри курдук ааспыт үйэ 80-с сылларыгар ат сүүрүүтүн сэҥээрээччилэри элбэхтэ үөрпүттэрэ.
Хатастар киэн туттар биэлэринэн Кучаарканы аатыахха сөп, биир Лира аата улаханы кэпсиир. Ол кэннэ үгүстэр республикаҕа элбэх кыайыыны, рекорду олохтообут Кэрэчээнэ, Күндээр ийэлэрин Күндэлини билэллэр. Манна кыратык тохтуур буоллахха, Күндэли ийэтэ Катька бэйэтин кэмигэр сүүрэр суолга эмиэ куһаҕана суохтук сүүрбүтэ. Онтон биэҕэ тахсан баран Козырь диэн оҕото, Хатастары элбэхтик ааттаппыта. Күндэли номнуо тыйыттан быһый атахтааҕа биллибитэ. Кини бастакы сүүрүүтүгэр 1982 сыллаахха кулун тутар 28 күнүгэр 800 миэтэрэ дистанцияҕа мэҥэлэр Куотуганнарын, хаҥаластар Хампияларын уонна биир дойдулааҕын Звездочканы кыайан ити кэмҥэ олус түргэн бириэмэни көрдөрбүтэ – лоп курдук 55 сөкүүндэ. Күндэли быһый атахтааҕынан биллибитэ. Сүүрэр суолтан бүтэн баран, 1983 сыллаахха бастакы оҕотун Кэрэчээни төрөтөр, Рапорт диэн атыыртан. Онтон эһиилигэр Күндээр күн сирин көрөр.
Кэрэчээнэлээх, Күндээр 1988 сыллаахха олус табыллан сүүрбүттэрэ. Бу сыл кинилэр тренердэрэ Николай Федотович Реев сүүрүктэрин табан, туруктарыгар киллэрэн иккиэн 2400, 3200 уонна 4800 миэтэрэ дистанцияларга республика рекордарын олохтообуттара. Бастаан кулун тутар 26 күнүгэр Кэрэчээнэ 2400 миэтэрэҕэ нөмүгүлэр Мичээрдэрин кыайан биэтэккэ 2 мүнүүтэ 49,5 сөкүүндэнэн кэлэн, ити кэмҥэ турбут намнар Айхалларын бириэмэтин биэс дьэһээтэйинэн тупсарбыта. Аны кэлэр нэдиэлэтигэр Кэрэчээн быраата Күндээр 2400 миэтэрэҕэ сүүрэ тахсар, утарылаһааччыта ол кэмҥэ бастыҥ сүүрүк нөмүгүлэр Сэргэхтэрэ. Ипподром трибунатыгар уксааччы барыта кэриҥэ Сэргэхтэр…
Дьэ, старт бэриллээтин кытта Күндээр сылбарыс гынан ойон тахсар. Трибунаҕа долгуйуу суох, Сэргэх биэтэккэ эбиэхтээх диэн буолар. Эргиир аҥара ааһа охсор, аттар трибуна иннинэн бүтэһик эргиирдэригэр бараллар. Устаҕа тахсаллар, Сэргэх эбэр. Дьон дьэ саҕаланна дэһэн бараллар, ол гыннар Күндээр сүүрдээччитэ Геннадий Пестерев-Канапай атыырын ыытан биэрбитигэр, Күндээр 3-4 уста тэйэн биэрэр. Оннук биэтэк устатыгар тахсаллар. Сэргэх тэтимин ыһыктыбат, киирэн көрөр. Онуоха Күндээр кутуругунан оонньоон ойорун түргэтэтэн, биэтэккэ 2 мүнүүтэ 48,2 сөкүүндэ көрдөрөн саҥа рекорду олохтуур. Сэргэх 2 мүнүүтэ 51,8 сөкүүндэндэн түмүктүүр. Сааскы сүүрүүлэр Кэрэчээнэлээх, Күндээр рекордарынан түмүктэнэр.
Аны дьэ сайыҥҥы сүүрүүлэр кэлэллэр. Тренердэрэ Николай Реев уонна сүүрдээччи Геннадий Пестерев аттарыгар өссө эрэллэрэ күүһүрэр. Бэс ыйын 4 күнэ, бэһис сүүрүүнэн икки эргииргэ хамаҕатталар Айхаллара, нөмүгүлэр Чэрэлийэлэрэ (ити кэмҥэ рекордистка 3 мүнүүтэ 45,4 сөкүүндэ) тахсаллар. Дьэ тэҥ киирсии буолар, утуу-субуу хардарыта түсүһүү. Аттар бүтэһик иккис эргиирдэригэр баралларыгар, Күндээр тэтимин эбээтин кытта субурус гынан сырдыктанар. Трибуна утары көнөҕө лаппа атар уонна биэтэккэ иккис кэлбит Чэрэлийэни 4,5 сөкүүндэ атан кэлэн республика саҥа рекордун олохтуур – 3 мүнүүтэ 43 сөкүүндэ.
Ити күн иккис рекорду намнар Хатан Куолара 1200 миэтэрэҕэ тупсарар – 1 мүнүүтэ 19,5 сөкүүндэ. Ат сүүрүүтүн сэҥээрээччилэригэр тахсыылаах, үчүгэй күн тосхойор. Биир нэдиэлэ ааһар, Николай Федотович атыырын Күндээри үс эргииргэ (4800 м) суруйтарар. Сэргэх, Күндээр, Мичил сүүрэр суолга төрдүс сүүрүүгэ тахсаллар. Сэргэххэ Михаил Федоров, Мичилгэ Саха сирин бастакы маастар сүүрдээччи аатын ылбыт Сергей Ядреев уонна Күндээргэ мэлдьи олорор Геннадий Пестерев. Дистанция уһун, үс эргиир. Аттары таһааран, трибуна инниттэн тэҥҥэ ыыталлар. 800 миэтэрэ бараат, трибуна утары устатыгар Күндээр эмискэччи 5-7 уста атан барар. Тэтимэ түргэн, үс эргииргэ сэрэхтээх саҕалааһын. Сэргэх отой хаалар санаата суох, Михаил Федоров биир кэм атыырын эккирэтиннэрэр. Ити курдук аттарбыт үһүс быһаарыылаах эргиирдэригэр бараллар. Дьэ, манна биэтэккэ дылы 800 миэтэрэ хаалбытын кэннэ Геннадий Пестерев-Канапай атыырын тэһииниттэн босхолоон көҥүл ыытар. Күндээр ону кэтэспиччэ, дьэ атаҕын бараҕыыта уһаан арытын улаатыннаран биэрэр. 8-10-12-15 устанан хас ойуутун аайы атан биэрэн, биэтэк көнөтүгэр тахсар. Күндээр кыайыытыгар ким да саарбаҕалаабат…
Арай, рекорд тупсарыллыа да диэн баар. Хатастар өрөгөйдүүллэр. Оччолорго сопхуос дириэктэрэ Прасковья Павловна Федорова, рабочком Радимир Уваровскай, зоотехник Михаил Попов төһөлөөх үөрбүттэрэ буолуой. Былааннаах, соргулаах үлэлэрэ тахсыылаах буоларыттан. Судьуйалар өр-өтөр буолбакка бириэмэни биллэрэллэр – 5 мүнүүтэ 39,9 сөкүүндэ. Баар этэ, саҥа РЕКОРД, Күндээр бу сыллааҕы үһүс рекорда! Бу сүүрүү биир сэдэх көрдөрүүтэ, кини кыттыылаахтара Мичил (5 м 46,9 с), Сэргэх (5 м 47,6 с) ити кэмҥэ турбут рекорду 5 мүнүүтэ 49,9 сөкүүндэни үһүөн тупсаран кэлиилэрэ. Маннык хартыына күн бүгүнүгэр дылы хатылана илик, хатыланара да саарбах.
Бу түгэн кэннэ Карька – Күндэли курдук биэлэр үчүгэй төрүөҕү биэрэннэр, төһөлөөх дьону-сэргэни үөрдэллэрэ, дуойаталлара буоллар. Үчүгэй БИЭ, айылҕа анааһына диэххэ сөп.
Михаил МОРДОВСКОЙ-Михута.
Бэрдьигэстээх, Горнай.