История

Владимир Голованов ханна төрөөбүтэй?

Соторутааҕыта улуус хаһыатыгар спорт бэтэрээнэ Семен Черноградскай «Уус-Алдан олимпийскай чемпионнаах дуо?» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Ыстатыйаҕа ыарахан атлетикаҕа аан дойду 5, ССРС 12 рекордарын олохтообут спорт үтүөлээх маастара, 1964 сыллаахха Токиоҕа ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуу чемпиона Владимир Семенович Голованов Саха сирин Уус-Алдан оройуонун Батамай сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ диэн суруйуу паспорыгар, өлбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтигэр киирбитигэр уонна 1998 сыллаахха Хабаровскайга бэчээттэммит «Олимпийскай кыһыл көмүс ыйааһына» диэн кинигэ 13 стр. «Мин Саха АССР Уус-Алдан оройуонугар төрөөбүтүм» диэн бэйэтин билиһиннэриитин туоһу оҥостон, ааптар кэпсэтиигэ ыҥырбыта. Манна мин бэйэм сабаҕалааһыннарбыттан билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Бастатан туран, паспорын уонна өлбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ – официальнай докумуоннар. Олорго киирбит суруйуу мөккүөрү үөскэтиэн табыллыбат. Онуоха инники эппит олимпийскай чемпион кинигэтигэр, Владимир Семенович автобиографиятыгар «Саха АССР Уус-Алдан оройуонугар төрөөбүтүм» диэн бигэргэтэр. Онон Головановы Уус-Алдаҥҥа төрөөбүт олимпийскай чемпион диир кыахтаахпыт.

Сирэй туоһу буолар докумуоннара ыйа сылдьалларынан, арай, киһи мунаарара «Уус-Алдан Батамай сэлиэнньэтэ» диэн баар. Тоҕо? История чахчылара бигэргэтэллэринэн, революция иннинэ урукку Дүпсүн улууһугар билиҥҥи Сиэгэн Күөл сирэ-уота Лабыҥха тоҥус аҕатын ууһа диэнинэн туспа нэһилиэк статуһа суох киирэрэ. Оттон Батамаайыны XX үйэ саҕаланыытыгар Эндыбалга сибиньиэс рудатын хостуур Саха сиригэр бастакы собуоту тэрийбит аатырбыт предприниматель, Саха АССР тэриллиитигэр бастакы үп наркома А.А. Семенов Усть-Алданск диэн куорат оҥорор санаалааҕа, революция буолан олоххо киирбэтэҕэ. Батамаайы оччолорго Сиэгэн Күөлүнэн Хотугу улуустарга тахсар суол төрдүгэр турара.

1930 сыл тохсунньу 1 күнүгэр тэриллибит Уус-Алдан оройуонугар Сангаартан саҕалаан урукку Лабыҥха тоҥустарын ууһа, Арбын, Көбөкөн, Хара Алдан, Бахсы нэһилиэктэрэ кытта киирбиттэрэ. Онтон 1931 сыллаахха Саккырыыр оройуона тэриллиитигэр Лабыҥха нэһилиэгэ Уус-Алдаҥҥа бэриллибитэ. Таарыйа аҕыннахха, Саккырыыр оройуона билигин суох. Хрущев оройуоннары холбооттууругар 60-с сылларга бэтэрээ аҥаара – Кэбээйигэ, Хоту Батамай өттө – Дьааҥы оройуонугар холбонон турар. Онон Владимир Голованов төрөөбүт 1938 сыл сэтинньи 28 күнүн саҕана, Батамаайы Саккырыыр оройуонугар Сиэгэн Күөл кииннээх Лабыҥха (билигин Кировскай) нэһилиэгэр киирэрэ. Дьэ, оччотугар, нуучча дьоно Семен Герасимович уонна Анастасия Степановна оҕолорун төрөөбүт оройуонун тоҕо Уус-Алдан диэтилэр? Аны регистрациятын 1938 сыл ахсынньы 7 күнүгэр Нам оройуонун Арбын нэһилиэгэр оҥоттордулар?

Эмиэ история чахчыларыгар сигэннэххэ, нуучча дьоно сахалар курдук сиргэ, дьиэҕэ оҕоломмоттор, хайаан да эмтээх-томтоох сири була сатыыллара баар суол. Батамайга бэйэтигэр медпуун суох, Сиэгэн Күөлгэ барыахтарын медпуун баара биллибэт, баар да буоллаҕына, суола-ииһэ мөлтөх, 9 көс сир. Өрүс эрэ туорааһыннаах Арбыҥҥа тахсыахтарын, медпуун суох. Нам улууһун историятын кинигэтин көрдөххө, Арбыҥҥа медпуун хаһан аһыллыбыт даатата суох, көннөрү 30-с сыллар бүтүүлэрэ дэммит. Ол аата, 1938 сыллаахха Арбыҥҥа медпуун суох эбит дииргэ биир түгэн баар. Арбын нэһилиэгэр регистрацияланан төрөөһүн туһунан сибидиэтэлистибэҕэ төрөөбүт сирэ диэн графа толоруллубатах. Чахчы Арбыҥҥа медпуун баара буоллар (буолаары буолан, бастакы фелдьшерынан нуучча үлэлээбит) медпуун ыспараапкатынан төрөөбүт сирин туруоруо этилэр. Ол – суох.

Төрөөбүт оройуона Уус-Алдан эрэ диэн этиллэригэр биир төрүөт баар. Ол Уус-Алдан оройуонун эмп тэрилтэтин 1938 сыллааҕы министерствоҕа түһэрбит отчуотугар II Өспөх нэһилиэгэр колхознай роддом баара ыйыллар. Батамаайыттан саамай чугас биэлсэрдээх (оччолорго бары нуучча этилэр) төрүүр дьиэлээх II Өспөх эрэ этэ. Эппитим курдук, нуучча дьоно эмтээх-томтоох өйдөһөр, быһаарсар кыахтаах нуучча биэлсэрдээх сиргэ оҕолоно кэлбиттэрэ чахчы. Ол иһин Арбын сэбиэтэ атын оройуон олохтооҕо, өссө Уус-Алдан сиригэр баран оҕоломмутунан төрөөбүт сирин туһунан графаны толорбокко аһаҕас хаалларыан сөп. Оччоҕо тоҕо Саккырыыр оройуонун Лабыҥха нэһилиэгин сэбиэтигэр оҕолорун регистрациялаппатылар диэн сиэрдээх ыйытыы турар. Бииринэн, оччотооҕу ирдэбил кытаанах, төрөөһүн-өлүү 10 хонук иһигэр булгуччу регистрацияланыахтаах. Сиэгэн Күөл нэһилиэктэрин сэбиэтигэр тахсыахтарын – ыраах, 9 көс сир. Рабочай, онуоха эбии нуучча дьоно булчут, табаһыт идэлээх саха, тоҥус дьонун кытта соччо бодоруспат, наадыйбат, соччо-бачча сибээһэ суохтара чахчы, айан көлөтө да суох буоллаҕа. Онон чугастыы нэһилиэк сэбиэттээх Арбынтан атын сиргэ барар кыахтара суох. Оччотооҕу колхознай роддом дьыалата-куолута архыыпка хаалбатах, оройуон отчуотугар хас оҕо, хайа сылга II Өспөх роддомугар төрөөбүтүн киллэрбит сибидиэнньэлэрэ баар эбит буоллаҕына, райсовет дьиэтэ умайыытыгар, архыып докумуоннара эмиэ былдьаммытынан күл-көмөр буоллаҕа. Голованов дьоно чахчы Уус-Алдан II Өспөҕөр оҕоломмут буоланнар, онно олоҕуран Владимир Семенович паспорыгар суруттардахтара. Оччолорго сокуон кытаанах. Бэл, оҕолорун көссүүлэрин аатынан суруттараллара дии.

Ити тус бэйэм сабаҕалааһыннарбынан, олимпийскай чемпион В.С. Голованов официальнай докумуоннарыгар: паспорыгар итиэннэ 2003 сыл атырдьах ыйын 5 күнүнээҕи Хабаровскай куорат Железнодорожнай оройуонунааҕы ЗАГС отделын I-ДВ581540 №-дээх өлүү туһунан сибидиэтэлистибэтигэр киирбит сурутууларынан уонна бэйэтэ төрөөбүт сирин чопчу этэринэн, Уус-Алдан оройуонугар төрөөбүтэ диэн бигэргэтии сокуоннай.

Иннокентий СЫРОВАТСКАЙ, суруналыыс.

“Мүрү саһарҕата” хаһыат, 2013 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

321955
Бүгүн : 210