Сонуннар

Улууспутугар өрөспүүбүлүкэ өттүттэн болҕомто улахан

Успуорт улахан түһүлгэтэ, XXII төгүлүн ыытыллар “Манчаары оонньуулара» эһиил от ыйын 1-6 күннэригэр Тааттаҕа буолар. Оонньууларга бэлэмнэнии үлэтэ улууспут хас биирдии олохтооҕун долгутар.

Атырдьах ыйын 22-23 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирин эбээһинэһин толорооччу Гаврил Мохначевскай, «Модун» успуорт комплексын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Иван Борисов, ону тэҥэ успуорт министиэристибэтин тутаах үлэһиттэрэ кэлэн үлэлээтилэр. Оробуочай бөлөх Октябрьскай нэһилиэгэр успуорт модульнай саалата тутуллаары, матырыйаала барыта бэлэмнэнэн сытарын көрдө. Салгыы Боробулга аһаҕас дьоҕус стадион миэстэтин, Ытык Күөлгэ оонньуулар ыытыллыахтаах тутулла турар сүрүн эбийиэктэри, кыттааччылар, ыалдьыттар түһэр-хонор сирдэрин туругун кытта билистэ, бүгүҥҥү күҥҥэ төһө бэлэмнээхпитин, туох үлэ бара турарын, туох ситэриллиэхтээҕин көрдө-иһиттэ.

Гаврил Мохначескай оонньууга бэлэмнэнии бары эйгэтин хабан, култуура бырагыраамматын, туристическай маршруту, пресс-киин үлэтин, атрибутика сөбүлэһиитин о.д.а ыйытыыларга ымпыктаан-чымпыктаан сүбэтин-соргутун эттэ: “Оонньууну бэлэмнииргэ дирекция тэриммиккит сөптөөх суол. Үлэ болдьохторунн сөпкө туруоран, биир да хайысхаҕа үлэ хаалымыан наада. Кыһалҕа үөскээтэҕинэ тута дьүүлгэ таһааран кэмигэр быһааран иһиэххэйиҥ”, – диэтэ.

“Манчаары оонньууларын” бэлэмнииргэ дирекция салайааччыта Петр Захаров иһитиннэрбитинэн, барыта 21 хамыыһыйа тэриллибит, ыалдьыттар түһэрэр-хоннорор эбийиэктэргэ өрөмүөн бара турар.

Таатта нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов Амма уулуссатын суолун оҥоруутун, Өксөкүлээх Өлөксөй болуоссатын тупсарыытын туһунан эттэ, күөҕү үүннэрии уонна ырааһырдыы кыһалҕата син биир сытыытын бэлиэтээтэ. Октябрьскай нэһилиэгин баһылыга Андрей Семенов модульнай успуорт саалатын тутуутугар графиктан хаалыы баарын, нэһилиэк дьоно түмсэн, федеральнай суол кытыытыгар өссө субуотунньуктуохтарын эттэ, оонньуу буолар кэмигэр ыалдьыттары таһар маршрутнай автобус сырыытын туруоруста.

Таатта улууһун баһылыга Айаал Бурцев: “Улууспутугар өрөспүүбүлүкэ өттүттэн болҕомто улахан: үп-харчы көрүүтүгэр даҕаны, үлэ хаамыытын билсиигэ даҕаны. Аҕыйах күн иһигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников икки министиэристибэни кытта, ол кэннэ инновация миниистирэ Василий Ефимов кэлэн бардылар. Аныгыскы нэдиэлэҕэ государственнай сакаас сулууспата уонна архитектура үлэһиттэрэ кэлиэхтээхтэр. Улууспут хас биирдии олохтооҕо ыытыллыахтаах оонньууну инники күөҥҥэ туруоран, тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, таһымнаах оонньууну ытыахтаахпыт», – диэтэ.

Маны таһынан улуус баһылыга «Манчаары пуондатын» салайааччытынан Клавдия Протопопова анаммытын билиһиннэрдэ. Түгэнинэн туһанан, Сардаана Кононова салайааччылаах улуустааҕы киин балыыһа пуондаҕа харчы туттарыытыгар биир бастыҥ көрдөрүүлээҕин эттэ, бу сатабыллаах салайааччыттан быһаччы тутулуктааҕын, атын тэрилтэлэргэ холобур буолаҕыт диэн махтанна.

Наталья Григорьева.

Ытык Күөл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253191
Бүгүн : 49