Париж-2024: Күүрүүлээх күннэр үүннүлэр
Франция киин куоратыгар – Парижка XXXIII сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар үгэннээн ыытылла тураллар. Билэргит курдук, түөрт сылга биирдэ ыытыллар киһи-аймах сүдү оонньууларыгар Саха сириттэн биэс спортсмен кыттар.
Бу, үчүгэй көрдөрүү. Саха сирин спорка ситиһиитэ диэххэ сөп. Билигин спорт наһаа идэтийэн хаалла. Кыайыы туһугар араас ньыманы барытын тутталлар. Оттон урут, бу улахан тэрээһини төрүттээбит Пьер де Кубертэн этэн хаалларбытынан, аҥардас Олимпиадаҕа кыттыы – бу улахан ситиһии, спортсмеҥҥа бэйэтигэр үөрүү-көтүү, кыайыы этэ.
Билигин, олимпиец аатын ылыыга элбэх сүүмэрдээһини, моһолу ааһаҕын. Онон Олимпийскай оонньууларга үрдүк көрдөрүүлээхтэр, күүстээхтэр, быһыйдар, сымсалар талыллан киирэн кытталлар. Бастакы санааҕа, биһиги спортсменнарбыт барыллааһын сыалларын-соруктарын ситистилэр, олимпиец буолан үйэ-саас тухары ааттарын үрдэттилэр, үйэтиттилэр. Ол эрэн, син эмиэ, «ханнык саллаат – генерал буолуон баҕарбатый» диэбиккэ дылы, ханнык спортсмен бэйэтин кыаҕын, күүһүн Олимпиадаҕа тургутан, холонон көрүөн баҕарбатаҕай?
Олимпиецтарбыт кыттар күннэрэ:
Хотугу Македонияттан чиэһин көмүскүүр, көҥүл тустууга Европа чемпиона Владимир ЕГОРОВ быйылгы Олимпиадаҕа сахалартан бастакынан суолу тэлэр. Кини күрэхтэһиитин атырдьах ыйын 8 күнүттэн саҕалыыр. Билэргит курдук, В.Егоров – Олимпиадаҕа, Аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэт (МОК) быһаарыытынан, Арыйаан Тютрин оннугар киллэриллибитэ. Биирдэ санаан көрдөххө, кини сүтэрэрэ туга суох. Ханнык да бөлөххө түбэстэр, кими баҕарар өмүтүннэрэн кыайар кыахтаах. Син эмиэ 2022 сыллаахха Европа чемпионатыгар тыыллан-хабыллан тахсыбытын, чаҕылхайдык тустубутун курдук.
Виктор РАССАДИН уонна Айаал ЛАЗАРЕВ – атырдьах ыйын 9 күнүттэн күрэхтэһэллэр. Бөҕөстөрбүт иккиэн даҕаны, этэргэ дылы, ууту-уоту ааспыт, үөрүйэхтээх спортсменнар. Күрэс былдьаһыы уонна тустуу муудараһын барытын бэйэлэрин эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан билбит, эр киһи саамай сиппит-хоппут кэмигэр сылдьаллар. Спортсмен да быһыытынан араас үрдүк көрдөрүүлэнэн – тустуу эйгэтигэр биллэр, бэйэлэрин ытыктатар, тэҥҥэ аахсар бөҕөстөрүнэн биллэллэр. Төһө да бөлөхтөргө күүстээхтэри аттаран туруорууларыгар түбэспэтэхтэрин үрдүнэн, Виктордаах Айаал олимпийскай мэтээл иһин киирсэр кыахтаахтар.
Оттон Австралияттан кыттар Георгий ОКОРОКОВ субуотаҕа – атырдьах ыйын 10 күнүгэр көбүөргэ тахсар. Биһиги киниэхэ эмиэ эрэнэбит. Олимпиада – ураты тыыннаах күрэхтэһии дииллэрин элбэхтик истибиппит, аахпыппыт. Манна эн урукку аатын-суолун, ситиһииҥ-кыайыыҥ улахан оруолу оонньообот. Олимпиада диэн, ким барыта талаһар үрдэлэ. Бастатан туран, тэҥ таһымнаах дьоҥҥо, маастарыстыбаны тэҥэ, өй-санаа өттүнэн бэлэмиҥ, кыайыыга дьулууруҥ улахан быһаарар оруоллаах. Санаан көрүҥ, аатырбыт Али Алиевы, аан дойдуга биэстэ бастаан баран, үс Олимпиада тухары “ытыһын соттубутун”. Эбэтэр, итальянец Поллиону, американец Сехудону… Кинилэр, улахан ситиһиитэ суох сылдьан, соһуччу кэриэтэ олимпийскай чемпионнарынан буолбуттарын.
Спорт көрүҥнэриттэн биир саамай ыараханнара – марафон (42 км сиргэ сүүрүү). Манна кырдьык да сындалыйбат сындааһыннаахтар, хорсун санаалаахтар, уонунан сылларга хатарыллыбыттар эрэ күрэс былдьаһаллар. Биһиги дьэ, Сардаана ТРОФИМОВАБЫТ оннук таһымҥа сылдьар. Кини, Олимпиада бүтэһик күнүгэр – атырдьах ыйын 11 күнүгэр сүүрэр. Син эмиэ үөһэ ахтыллыбыт спортсменнарбытыгар курдук, киниэхэ эмиэ сүрдээҕин эрэнэбит, биир дойдулаахтара буолан ыалдьабыт.
Онон дьэ, спорду таптааччыларга күүрүүлээх күннэр үүннүлэр, олимпиецтарбытыгар барыларыгар ситиһиилээхтик кыттыахтара диэн эрэнэбит уонна Парижтан үчүгэй сонуннары долгуйа күүтэбит…
Петр ПАВЛОВ.