Сонуннар

Реас Алексеевич аатынан дуобат күрэхтэһиитэ

Бу сайын, сир-дойду силигилии ситэн турдаҕына талыы талба Таатта сиригэр, айылҕа анаан айбыт Кыыс Амма биэрэгэр турар Чычымах бөһүөлэгэр биллэр суруйааччы, прозаик, учуутал, Улуу Өксөкүлээх удьуорун тэниппит Реас Алексеевич Кулаковскай 110 сааһыгар аналлаах нуучча дуобатыгар бүтүн республикатааҕы аһаҕас турнир буолан ааста.  

Эһээбит Реас Алексеевич бэйэтэ дэгиттэр киһи этэ. Суруйарын таһынан дуобакка, саахымакка олус үчүгэйдик оонньуура. Бултуурун сөбүлүүрэ, үчүгэйдик ытара. Сыаҥкаларга оонньуур, бэркэ ыллыыр, гитараҕа, мандалинаҕа да тыаһатара үһү. Эдэригэр атаҕар да кыаллар эбит. Кини 1935 сыллаахха Саха сирин II Спартакиадатыгар атах оонньуутугар Кынаттаах Буоһукап кэнниттэн иккис миэстэ буолан, спорт маастарын нуорматын толорбута. Ону кэлин сааһырбытын кэннэ ол күрэхтэһии боротокуола көстөн, оччотооҕу Уус Алдан спорка кэмитиэтин салайбыт Семен Ильич Черноградскай бу үрдүк ааты Бороҕоҥҥо дьиэтигэр аҕалан туттарбыта.

Турнирга ырааҕы ыраах диэбэккэ, суол-иис алдьаммытын да аахсыбакка, элбэх кыттааччы мустубут. Таатта, Чурапчы, Амма, Уус Алдан, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Бүлүү, Кэбээйи уонна Дьокуускай куорат дуобаччыттара ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбиттэр. Састаап олус күүстээх – 5 гроссмейстер, 4 спорт маастара, 23 маастарга кандидаттар уонна элбэх разрядтаах эдэркээн көлүөнэ ыччаттарбыт күөн көрүстүлэр, күрэс былдьастылар.

Күнэ да туран биэрбитэ сүрдээх, тэрээһинэ да ааттаах, эчи айылҕата да кэрэтин. Бу бэйэлээх киһи хараҕа туолар, киэҥ-куоҥ дойду мүөттээх салгынын дуоһуйа тыыннахха, Дьаам хайатын анныгар Амма Эбэ үүт курдук сылаас, ып-ыраас уутугар чомполонноххо, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх, турукка киириэх, суруйааччы-бэйиэт буолуох курдук ээ!

Дьэ, күрэхтэһиибит саҕаланна, тууртан туур бүтэн истэ, кыайыылаахтар бастакы очукуоларын суруннулар, хотторбуттар кыаттарыы хомолтотун биллилэр. Балаһыанньа улам-улам тыҥаан истэ, лидердэр биллитэлээн бардылар. Онон бастакы бөлөххө (гроссмейстердар уонна маастардар) Аан дойду 11 төгүллээх чемпиона, Аан дойду гроссмейстера Гаврил Колесов тулуппата, бастыан бастаата уонна Кулаковскайдар аймах анаабыт бириистэрин 50 000 солкуобайы уу харчынан тутта. Иккис миэстэни Амматтан сылдьар гроссмейстер Андрей Федотов ылан, Амма нэһилиэгиттэн (баһылык э.т. А.А. Бытыков) “Телемир” маҕаһыын сертификатын, үһүс миэстэ буолбут Чурапчы гроссмейстера Матрена Ноговицына Уус Алдан улууһун администрациятын (баһылык В.И. Аммосов) бирииһин туттулар.

Иккис бөлөххө (маастарга кандидаттар, разрядтаахтар уонна разряда суохтар) бастакы миэстэни Ытык Күөлтэн Анатолий Мурунов ылла уонна Таатта улууһа (баһылык А.С. Бурцев) туруорбут бирииһин бензогенераторынан наҕараадаланна. Анатолий Григорьевич “Тааттаҕа дуобат сайдыыта” диэн бэйэтэ суруйбут бэртээхэй кинигэтин хас да киһиэхэ бэлэх уунна. Иккис миэстэҕэ Чурапчыттан Марианна Федорова буолла уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура дыбарыаһа туруорбут бирииһин – 20 000 солкуобайдаах сертификаты тутта, онтон үһүс миэстэҕэ Дьокуускайтан Артем Федоров ылары ситиһэн, Харбалаахтааҕы чох разреһа (салайааччы П.Д. Рахлеев) олохтообут бирииһин ылла. Ону таһынан дуобат республикатааҕы федерацията олохтообут (Р.М. Платонов) хас да анал бириистэри туттардылар.

Онон бары ыҥырыыбытын ылынан, ыраахтан-чугастан кэлэн кыттыбыт, күрэхтэһиини киэргэппит дуобаччыттарга, күүс-көмө буолбут, бирииһинэн көмөлөспүт дьоммутугар Таатта улууһун спорткомитетыгар (Н.Сабарайкин) уонна Уус Алдан улууһун спорткомитетыгар (Е.Алексеев), Чычымах олохтоохторугар (К.Софронов), Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура дыбарыаһын коллективыгар (дириэктэр А.Н. Корякина, А.Дарбасова), Харбалаахтааҕы чох разреһыгар (дириэктэр П.Д. Рахлеев, П.Е. Захаров) уонна бу күрэхтэһиини хара бастакыттан өйөөбүт, тэрийсибит С.С. Соровка, сирдээх-уоттаах киһибитигэр Д.Е. Афанасьевка, күрэхтэһиини салайбыт, кыттыбыт, судьуйалаабыт дьоммутугар М.С. Ноговицынаҕа, И.А. Токусаровка, В.П. Варламовка, В.В. Ивановка дириҥ махталбытын тиэрдэбит!

Барыгытыгар ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабыт уонна дуобат тумара хонуутугар көрсүөххэ диэри диибит!

Арыйаастар ааттарыттан АЙЫМ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

217918
Бүгүн : 78