Сонуннар

Павел Пинигин уолаттары көбүөргэ ыҥырар

От ыйын 16-19 күннэригэр аан дойду үс төгүллээх чемпиона, Олимпиада кыайыылааҕа, спорт үтүөлээх маастара Павел Павлович Пинигин аатынан «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ бирииһигэр көҥүл тустууга 16-гар диэри саастаахтарга Бүтүн Россиятааҕы аһаҕас турнир ыытыллар.

Күрэхтэһии «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр буолар. Хапсыһыылар барыта 17 ыйааһыҥҥа ыытыллаллар: 24, 26, 28, 30, 32, 35, 38, 41, 44, 48, 52, 57, 62, 68, 75, 85, 100 кг.

Күрэхтэһиини Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтэ, СР спортивнай тустууга федерацията, СР Спорка бэлэмнэнии киинэ, «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ үүннээн-тэһииннээн тэрийэллэр. Ыйааһыннарынан кыайыылаахтар уонна иккис-үһүс миэстэлэммиттэр дипломнарынан, мэтээллэринэн уонна харчынан бириэмийэнэн наҕараадаланыахтара. Итини тэҥэ түһүлгэ түмүгүнэн «Бастыҥ бөҕөс», «Кыайыыга дьулуурун иһин» уонна «Кыраһыабай хапсыһыы иһин» диэн анал бириистэр оонньонуохтара.

Күрэхтэһии бырагыраамата

От ыйын 16 күнэ, оптуорунньук

10:00-17:00 Мандат хамыыһыйатын үлэтэ, судьуйалар хамаандалар бэрэстэбиитэллэрин кытта сүбэ мунньахтара.

17:00-18:00 2009-2010 сс. төрөөбүттэр сэрэбиэйдэрэ.

От ыйын 17 күнэ, сэрэдэ

08:00-08:30 Ыйааһыннааһын.

10:00-12:00 Барыллааһын күрэхтэһии.

12:00-13:00 Күрэхтэһиини үөрүүлээхтик аһыы.

13:00-18:00 Күрэхтэһии салгыыта.

От ыйын 18 күнэ, чэппиэр

08:00-08:30 Ыйааһыннаныы.

10:00-18:00 Финалга тахсар иһин киирсиилэр, үһүс миэстэлэри былдьаһыы.

От ыйын 19 күнэ, бээтинсэ

18:00-20:00 Финаллар, кыайыылаахтары наҕараадалааһын.

Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттары, тустууну сэҥээрээччилэри инники эрэллэрбит күрэхтэһиилэригэр ыҥырабыт!

«Дьулурҕан».

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

217914
Бүгүн : 74