Көбүөргэ 18-гар диэри саастаахтар
От ыйын 20-21 күннэригэр олимпийскай чемпион, аан дойду чемпионатын үс төгүллээх кыайыылааҕа, ССРС спордун үтүөлээх маастара Павел Пинигин аатыгар «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ бирииһигэр көҥүл тустууга 18-гар диэри саастаах уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир ыытыллар.
Күрэхтэһии «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр үс көбүөрүнэн ыытыллар. Хапсыһыылар 10 ыйааһыҥҥа: 45, 48, 51, 55, 60, 65, 71, 80, 92, 110 кг ыытыллаллар.
Көбүөргэ Казахстан, Беларусь, Монголия, Кыргызстан уонна Россия регионун бөҕөстөрө күөн көрсүөхтэрэ. Күрэхтэһии Аан дойдутааҕы тустуу түмсүүтүн (UWW) быраабылатынан барар. Кылаабынай судьуйанан норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Алексей Цыренов (Москва) үлэлиэҕэ.
Күрэхтэһиини Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтэ, СР спортивнай тустууга федерацията, СР Спорка бэлэмнэнии киинэ, «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ үүннээн-тэһииннээн тэрийэллэр.
Ыйааһыннарынан кыайыылаахтар уонна иккис-үһүс миэстэлэммиттэр дипломнарынан, мэтээллэринэн уонна харчынан бириэмийэнэн наҕараадаланыахтара. Итини тэҥэ түһүлгэ түмүгүнэн «Бастыҥ бөҕөс», «Кыайыыга дьулуурун иһин» уонна «Кыраһыабай хапсыһыы иһин» диэн анал бириистэр оонньонуохтара.
Күрэхтэһии бырагыраамата
От ыйын 20 күнэ, субуота
08:00-08:30 Ыйааһыннаныы.
11:00-18:00 Барыллааһын күрэхтэһии. Финалистары быһаарыы.
От ыйын 21 күнэ, өрөбүл
08:00-08:30 Ыйааһыннаныы.
11:00-18:00 «Уоскутар» бөлөх тустуута. Финаллар. Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттары, тустууну сэҥээрээччилэри инники эрэллэрбит күрэхтэһиилэригэр ыҥырабыт! Киириитэ – босхо.
«Дьулурҕан».