Сонуннар

Дыгын оонньуутун кыайыылааҕар бирииһэ туттарылынна

Орто туруу Дьаҕыл дойду оргуйар олоҕун дьалхаанын уйар аналлаах, дьаһайар, сүрүннүүр иэстээх, үс кут быстыбат ситимин тутуһар, удьуор хааны эргитэр окко оройунан буола түһэн, күөххэ күөлэһийбит уол оҕо олох олорорун тухары тургутуулары тулуйарыгар, харгыстары кытта харсыһарыгар оччугуй эрдэҕиттэн очуру-чочуру туораан, кыра эрдэҕиттэн кылаанын кырыылаан, туруктуун туйгун, сэбэрэлиин сэргэх буоллаҕына иэгэйэр икки атахтаахха иннинэн, сирэйдээххэ суон дурда, халыҥ хахха, баараҕай баҕана буолар.

Бүгүн Хатас сиригэр, Чепалов В.А. салайааччылаах “Тускул” КК киэҥ уораҕайыгар биир оннук Эр бэрдэ, уол оҕо аҕыс кырыылааҕа, 2024 сыл Дыгын оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа – Дьулустаан Ноговицын кэлэн, бу күрэхтэһии сүрүн спонсорыттан  “Прогресс” ХЭТ салайааччытыттан Пинигин Алексей Семенович илиититтэн 1000000 солкуобайы уу харчынан тутта. Ыраас сырдык санаа – үтүө майгыны саҕар диэн кынаттаах тыллар Хатаска хонтуоралаах «Прогресс» ХЭТ салайааччыта Алексей Семенович Пинигин олорор олоҕун ыйар-кэрдэр, сирдиир сирдьит сулуһа диэтэхпинэ сыыспаппыт. Ол курдук, кэлиҥҥи 5 сыл тухары салайар кэлэктиибин кытта сүбэлэһэн, сөбүлэһэн туран сылын ахсын “Дыгын ооньууларын” кыайыылааҕар туттарыллар бириис сүрүн спонсора буоллулар.

Бу өрөгөйдөөх түгэни Хатас олохтоохторо мүлчү туппакка оҕолуун-кырдьаҕастыын, эдэрдиин-эмэнниин бииргэ буолан, аан айаҕыттан сылаас алаадьылаах уруйдаан, айхаллаан көрүстүлэр. Күн бэҕэһээ Үс Хатыҥ киэҥ нэлэмэн хонуутугар ааттаахтары-суоллаахтары кытта алтыспыт, уйаннары-хатаннары кытта тутуспут бэйэтин сэмэй майгытынан, тулуурунан-дьулуурунан дьон-сэргэ убаастабылын, тапталын ылбыт Дьулустаан бүгүн даҕаны хайдах эрэ ис иһиттэн чуумпутук, ол эрээри дьоһуннук, чиҥник үктэнэн киирэн кэлбитин мустубут дьон бары даҕаны астына-дуоһуйа, киэн тутта көрүстүлэр. Кырдьыга даҕаны оннук, ол курдук Дьулустаан Ноговицын таһыттан көрдөххө өрө көрбүтэ, ыга-түүрэ сылдьыбыта суох эрээри наадалаах күннэргэ, сөптөөх түгэннэргэ хаҥыл хаанын хамсатан, ис көҥүлүн күөмчүлэппэккэ, өркөн өйүн сытыылаан, ис туругун ыспакка киирсэн бастыҥнартан бастыҥ, үтүөлэртэн үтүө буолла.

Үөрүүлээх түгэҥҥэ бу сыллар тухары Дьулустааны кытта бииргэ сылдьан кинини өйөөбүт-өйдөөбүт, сүбэ-соргу буолбут тренерэ, спорт салайааччылара, “Дыгын оонньууларын” үрдүк таһымҥа таһаарбыт, саха дьонун олоҕун бөлөсүөпүйэтигэр эт-хаан өттүнэн сайдыы өй-санаа үлэтин кытта тэҥҥэ тутуһуллан сайыннаҕына дьиҥ чахчы кыайыылаах-хотуулаах, чиҥ туруктаах буолуутун дакаастааччылар чөл-чэгиэн олохтоох убаастанар дьоммут бааллар – П.П. Пинигин, И.П.Белолюбскай, М.Е. Друзьянов, Г.В.Васильев, И.Ф. Макаров, Дьокуускай куорат дьаһалтатын спорка управлениетын салайааччыта Э.В. Ефимов.

Ону тэҥэ Дьулустааны күн сирин көрдөрбүт, олох киэҥ аартыгар таһаарбыт күн күбэй ийэтэ, тапталлаах кэргэнэ, көлүөнэ ситимэ кырачаан оҕолоро Хатас нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр махтанан бардылар. Тэрээһин күүрээнин, сырдык сыдьаайын талба талааннаахтарбыт: СӨ үтүөлээх артыыстара Сахаайа, Байбал Сэмэнэп, Майя Сергина ылбаҕай ырыанан ыпсаран биэрдилэр. РФ  үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, алгысчыт Дмитрий Артемьев Дьулустаан кыайыы көтөлүн уйарыгар, үктэммит үрдүк үктэлин өссө үрдэтэригэр анаан алгыс тылын анаата.

Көрөөччүлэр, сүгүрүйээччилэр – оскуола оҕолоро, спортсменнар, Е.Е. Гоголев дириэктэрдээх Хатастааҕы 7 нүөмэрдээх спортивнай оскуола кэлэктиибэ толору састаабынан, Е.П. Пермяков салайааччылаах Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, Хатас олохтоохторо, ийэлэр, аҕалар, эбээлэр, эһээлэр бары биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн чөл-чэгиэн олох өрөгөйүн өрө туттулар. Тэрээһини Туймаада ыһыаҕын оһуохайдьыттарыттан бастыҥнарыттан бастыҥа, үтүөлэриттэн үтүөтэ, муҥутуур кыайыылааҕа Уйгулаах Саарын кыыһа Күбэйэ оһуохайынан түмүктээтэ.

Наталья РУФОВА.

Хатас.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253191
Бүгүн : 49