Быһаарыылаах хапсыһыыларга киирсиэхтэрэ…
Олимпийскай чемпион Павел Пинигин аатынан «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ бирииһигэр 18-гар диэри саастаахтарга көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир бастакы күнүн түмүгүнэн быһаарыылаах хапсыһыыларга кимнээх кытталлара билиннэ.
Ол курдук, кыайыылаах аатын былдьаһыыга Саха сириттэн 9 бөҕөс күөн көрсүө. Икки бастакы ыйааһыҥҥа бэйэбит уолаттарбыт бастакы миэстэ иһин тустуохтара.
45 кг Ньургун Чоросов – Антон Голиков (иккиэн Саха сирэ)
48 кг Александр Соломонов – Николай Алексеев (иккиэн Саха сирэ)
51 кг Вадим Прядезников (Саха сирэ) – Исмаил Сапралиев (Ингушетия)
55 кг Кундул Местников (Саха сирэ) – Зелимхан Чениев (Ингушетия)
60 кг Максим Григорьев (Саха сирэ) – Нурали Белеков (Кыргызстан)
65 кг Самаил Евлоев (Ингушетия) – Бекхан Бурсагов (Чечня)
71 кг Анатолий Иванов (Саха сирэ) – Расул Ахметалиев (Казахстан)
80 кг Алиризо Бахромов (Таджикистан) – Григорий Смирнов (Калининград)
92 кг Егор Дзюба (ЕАО) – Амир Бейсенкул (Казахстан)
110 кг Михаил Николаев (Саха сирэ) – Данзан Тюрбейев (Бурятия).
Сарсын, от ыйын 21 күнүгэр күрэхтэһии программа быһыытынан күнүс 11:00 чаастан саҕаланар. Бастаан «Уоскутар» бөлөх тустуулара, онтон бүтэһик быһаарыылаах хапсыһыылар буолуохтара.
«Дьулурҕан».