Бүгүн – быһаарыылаах хапсыһыылар
Олимпийскай чемпион, аан дойду чемпионатын үс төгүллээх кыайыылааҕа, ССРС спордун үтүөлээх маастара Павел Павлович Пинигин аатынан «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ бирииһигэр көҥүл тустууга 16-гар диэри саастаахтарга Бүтүн Россиятааҕы аһаҕас турнир бүгүн бүтэһик күнэ.
Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, бу саастаахтарга 33 хамаандаттан, ол иһигэр Кыргызстантан, Монголияттан, Забайкальскай кыраайтан, Тываттан, Бурятияттан, Еврейскэй автономнай уокуруктан, Ингушетияттан, Красноярскай кыраайтан барыта 540 эдэр бөҕөс тахсан күөн көрүстэ.
Күрэхтэһии 17 ыйааһыҥҥа үс көбүөрүнэн уруккулуу, ол аата, иккилии хотторуулаах ыытылынна. Оҕолор икки күннээх, сытыы, улахан кэтэһиитэ-манаһыыта суох аһаҕас бырахсыылаах, харах уулаах хапсыһыыларын түмүгэр бастакы миэстэни кимнээх былдьаһаллара быһаарылынна. Ол курдук, Чурапчы, Амма, Бүлүү, Дьокуускай, Уус Алдан, Хаҥалас хастыы да финалистаахтар. Ыалдьыттартан Бурятия, Забайкальскай кыраай, Ингушетия, Иркутскай эдэр бөҕөстөрө үчүгэй курдуктар.
Кыттааччылар кэккэлэригэр соторутааҕыта аҕай түмүктэммит «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар кыайыылаахтара уонна призёрдара эмиэ бааллар. Дьэ, ким күүстээҕин, үчүгэй бэлэмнээҕин быһаарыылаах хапсыһыылар быһаарыахтара. Ону тэҥэ, үс анал бириис кимҥэ тиксэрин билиэхпит. Манна сыһыары тутан эттэххэ, от ыйын 21 күнүгэр – өрөбүлгэ Саха сирин уонна Монголия хамаандаларын 16-гар диэри саастаах уолаттарын икки ардыларыгар табаарыстыы көрсүһүү ыытыллара былааннанар.
Бастакы миэстэ иһин тустуохтара:
24 кг Тамир Бадмаев (Забайкальская кыраай) – Даниель Сутаков (Амма)
26 кг Руслан Афанасьев (Хаҥалас) – Ньургун Слепцов (Ньурба)
28 кг Еремей Потапов (Амма) – Диас Сергеев (Дьокуускай)
30 кг Эрхаан Березкин (Дьокуускай) – Мухамедали Мойдунов (Кыргызстан)
32 кг Валентин Заболоцкай (Өймөкөөн) – Ян Львов (Бүлүү)
35 кг Эрнест Семенов (Чурапчы) – Эрсан Тютрин (Уус Алдан)
38 кг Мирон Протопопов (Бүлүү) – Айаал Петров (Чурапчы)
41 кг Руслан Шарапов (Бурятия) – Андрей Макеев (Уус Алдан)
44 кг Аюши Баторов (Бурятия) – Алихан Полонкоев (Ингушетия)
48 кг Ариан Винокуров (Дьокуускай) – Гавриил Ануфриев (Иркутскай)
52 кг Леонид Павлов (Сунтаар) – Айтал Аммосов (Чурапчы)
57 кг Владимир Федоров (Иркутскай) – Сэнгэ Цыбиков (Забайкальскай кыраай)
62 кг Магомед Евкуров (Ингушетия) – Алексей Сивцев (Чурапчы)
68 кг Эйнар Максимов (Горнай) – Ибрагим Гадоев (Уус Алдан)
75 кг Пантелеймон Софронеев (Бүлүү) – Доржи Ширапов (Забайкальскай кыраай)
85 кг Айдын Аввакумов (Таатта) – Айхаан Кривошапкин (Хаҥалас)
100 кг Дамдин Манджиев – Данзан Тюрбейев (иккиэн Бурятияттан).
Быһаарыылаах хапсыһыылар бүгүн киэһэ 18:00 чаастан «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр саҕаланаллар. Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттары, тустууну сэҥээрээччилэри инники эрэллэрбит күрэхтэһиилэригэр ыҥырабыт!
«Дьулурҕан».