Сонуннар

Туох кыалынна, туох кыаллыбата?

Дьэ, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуу бэйэтэ төрүттэммит дойдутугар – Саха сиригэр, Дьокуускайга эргиллэн кэлэн, бэс ыйын 26 – от ыйын 6 күннэригэр үрдүк күүрүүлээхтик буолан ааста. Кырдьык да, бу улахан таһымнаах тэрээһин – Оҕо саас, Спорт өрөгөйүн быһыытынан ыытыллан, үтүө өйдөбүллэри хаалларда, бэйэтин сыалын-соругун ситистэ. Уонна номнуо уос номоҕор киирдэ.

Ахсыс оонньууларга 24 дойдуттан, Россия 5 регионуттан барыта 3 тыһыынча спортсмен, тренер, хамаанда бэрэстэбиилэ кытынна. Ол курдук – Азербайджан, Армения, Афганистан, Бахрейн, Бангладеш, Беларусь, Грузия, Индия, Иран, Казахстан, КНДР, Кытай, Кыргызстан, Лаос, Ливан, Монголия, Палестина, Пакистан, Корея, Сирия, Таджикистан, Таиланд, Тайбэй, Узбекистан, Россия эдэр спортсменнара күрэс былдьастылар. Россия аатын Ураллааҕы, Сибиирдээҕи, Дальнай Востоктааҕы федеральнай уокуруктар, Москва уонна Саха Республиката көмүскээтилэр.

Эдэр спортсменнар спорт 24 көрүҥэр барыта 239 мэтээл иһин күөн көрүстүлэр, күрэс былдьастылар. “Азия оҕолоро-2024” уотун бу оонньуулартан кынат анньынан Олимпиадаҕа тиийэ ситиһиилээхтик кыттыбыт Георгий Балакшин умаппыта эмиэ да сөп дии саныыбын. Тоҕо диэтэргит, “Азия оҕолоро” – Олимпийскай оонньууларга үктэл буоларын оҕолор бэйэлэрэ көрөн, сыал-сорук туруорунуохтаахтар. Оннук да буолуо, биһиги оонньууларбытыттан аатырбыт спортсменнар үүнэн тахсыбыттара, быйылгы даҕаны кыттыылаахтартан Олимпиадаҕа тиийэ ситиһиилэнэр оҕолор баалларыгар эрэнэбит.

Хаһан баҕарар буоларыныы, маннык улахан тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии эрдэттэн баран – куораппыт да киэркэйдэ, спорт тутууларбыт да тубустулар, оҕо спордугар даҕаны болҕомто уурулунна. Ол барыта киһини үөрдэр. Хайа да сыллааҕар “Азия оҕолоро” оонньууга дойду салалтатын, спорка туһааннаах тэрилтэлэрин өттүлэриттэн күүстээх болҕомто, көмө оҥоһуллан – быйылгы оонньуубут Россия спорка биир саамай улахан тэрээһининэн буолла. Онуоха бастатан туран Ил Дархан, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтэ уонна дирекцията, СР Правительствота, СР физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат дьаһалтата, о.д.а. оонньууга сыһыаннаах министиэристибэлэр, тэрилтэлэр сыралаах үлэлэрин бэлиэтиир оруннаах.

“Азия оҕолорунан” сибээстээн Россия Правительствотын председателин солбуйааччы Дмитрий Чернышенко, Россия спорка саҥа министрэ Михаил Дегтярев, Россия Олимпийскай кэмитиэтин президенэ Станислав Поздняков, Беларусь Республикатын Национальнай олимпийскай кэмитиэтин президенэ Виктор Лукашенко уо.д.а. үрдүк сололоох элбэх салайааччылар болҕомто ууран кэлэн, оонньуу таһымын үрдэттилэр.

Саха сирин хамаандата бэйэтин кыаҕынан кииристэ. Бастакы хамаандабыт барыта 25 кыһыл көмүс, 26 үрүҥ көмүс, 30 боруонса мэтээли ылары ситистэ уонна түмүккэ төрдүс көрдөрүүлэннэ. Оҕолор – биһиги инники кэскиллэрбит. Кинилэргэ болҕомто, усулуобуйа хаһан даҕаны намтыа, уҕарыа суохтаах. Чуолаан бу оҕолор, өссө күүскэ дьарыктанан, чугастааҕы сылларга Сахаларын сирин спорт араас көрүҥнэригэр ситиһиилээхтик көмүскүүллэригэр эрэл улахан.

“Азия оҕолоро” оонньууну төрүттээбит биһиги бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев саҕалаабыт идеята уларытыллыбакка ыытылларыгар баҕарабын. Ол сиэринэн, оонньууларга чуолаан Азия континенын эрэ дойдулара кыттыахтаахтар дии саныыбын. Спорт көрүҥнэрин эмиэ көрүөххэ баара, быйылгы оонньууга дуобат киирбэтэҕэ хомолтолоох. Иһиттэххэ уонна көрдөххө, спорт сорох көрүҥнэригэр Саха сирин хамаандата атын регион спортсменнарынан күүһүрдүллүбүт. Дьиҥэ бэйэбит эрэ оҕолорбутунан кыттар тоҕо кыаллыбатый? Бу оонньууттан саҕалаан бэйэбит оҕолорбутун улахан спорка таһаарар, үүннэрэр-сайыннарар соруктаах буолуохтаахпыт этэ дии…

Чэ, ити курдук, “Азия оҕолоро” түмүктэннэ. Аны мантан инньэ, биирдиилээн көрүҥнэринэн уонна тэрээһиҥҥэ “туох кыалынна, туох кыаллыбата?” диэн бэйэ иннигэр ыйытыы туруораран, буолан ааспыт күрэхтэһиини ырытан, оонньууларбытын салгыы хайдах сайыннарабыт диэн санаа атастаһыыта саҕаланыахтаах.

Петр ПАВЛОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252713
Бүгүн : 185