Сонуннар

Андрей Мидловец – Европа чемпиона!

Сербия Нови Сад куоратыгар 20-гэр диэри саастаахтарга көҥүл тустууга Европа күрэхтэһиитэ ыытыллан түмүктэннэ. Бу күрэхтэһиигэ Россия сүүмэрдэрдэммит хамаандатын чиэһин Грознайга буолбут дойду түһүлгэтин кыайыылаахтара көмүскээтилэр. Итиэннэ, уон ыйааһынтан – 7 кыһыл көмүс мэтээли ылан, дьоһун көрдөрүүнү ситистилэр.

Хамаанда састаабыгар Саха сириттэн Лев Павлов уонна Андрей Мидловец киирэн ситиһиилээхтик кытыннылар. Төрөөбүт республикаларын аатын ааттаттылар.

Бөөлүүн ыытыллыбыт финалларга россиялартан бастакынан көбүөргэ Амма ыччата Андрей Мидловец тахсыбыта. Кини 61 киилэҕэ быһаарыылаах хапсыһыыга азербайджанец Джамал Аббасовы кытта туһунна. Аббасов – сааһа 18-һа, былырыын уолаттарга Европаҕа бастаабыта, аан дойдуга призердаабыта. Кинини биһиги уолбут тустуу бары хайысхатынан баһыйа тутта. Туох дьиэк биэрбэтэ.

// 61 кг: 1. Андрей Мидловец (Россия), 2. Джамал Аббасов (Азербайджан), 3. Толга Озбек (Турция), Виктор Борохан (Украина).

Андрей ордук, үөһэттэн тутуһа сылдьан туора садьыйан дьоннорун кэннигэр тахсыыта уонна партерга «накат» диэн албаһы эҥкилэ суох оҥоруута – саамай сөбүлээн туттар албастара. Бу күрэхтэһиигэ утарсааччыларын барыларын ити хамсаныынан, албаһынан баһыйда. Ол курдук, немец Ребхольцу 12:2, молдован Лебедевы, украинец Бороханы 10:0 ахсаанынан ыыталаата.

PS: Андрей Мидловец финалга тустуутун Дьулурҕан телеграм каналыгар (t.me/dzulurgan) көрүөххүтүн сөп.

Бу дьоһун ситиһиитинэн аан бастаан Россия хамаандатыттан улахан түһүлгэҕэ сүрэхтэнэн кыайыы кынаттаммыт Андрей Мидловеһы уонна кини тус тренерэ – Саха сирин үтүөлээх тренерэ Гаврил Игнатьевы, республика эдэрдэргэ сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Василий Неустроевы эҕэрдэлиибит! Итиэннэ хаһан баҕарар буоларыныы, ситиһииттэн уоскуйан хаалбакка, өссө дьаныһан туран дьарыктанан, улахан сыаллары-соруктары, үрдүк кирбиилэри дабайалларыгар баҕарабыт.

Балаһыанньа хайдах буолан тахсара биллибэт, табылыннаҕына аны Лев Павлов уонна Андрей Мидловец быйыл күһүн Испаниялаах буолуохтаах, бэйэлэрин саастыылаахтарыгар аан дойду күрэхтэһиитигэр кыттыахтарын сөп. Бириэмэ көрдөрүө.

Петр ПАВЛОВ.      

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

217924
Бүгүн : 84