Ытык сиргэ сүгүрүйүү
Урут дьону кытта сылдьан наар ыксалынан, айан суолуттан көлүөһэ үрдүттэн ымсыыра эрэ көрөр Өйдөбөнньүк бэлиэбин дьэ, тохтоон – сүгүрүйэ, кэриэстии көрөн-истэн, санаабын ситтим.
Бу – үһүйээн быһыытынан хаҥаластар баһылыктара, номоххо киирбит Тыгын Тойон аҕата Мунньан Дархан (XVI-XVII үйэлэргэ) олорбут сирэ.
Кырдьык, Куллаты – биһиги, сахалар ытык сирбит эбит. Өбүгэлэрбит олорон кэлбит устуоруйаларын, сирдэрин-уоттарын төһө кыалларынан билэ-көрө, сыаналыы сатыахтаахпыт. Кинилэр ааттарын үйэтитэн, онно харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт.
Номоххо кэпсэнэринэн, Тыгын ийэтэ оҕолонон, ыарытыйан сытар кэмигэр арай киҥкиниир киэҥ халлаантан тойон кыыл улар аҕалан биэрэн, өллөөбүт. Өссө биир үһүйээн быһыытынан, Тыгын кыыһа Тыаһааны көрүүлэннэҕинэ тойон кыыл буолан кубулуйара эбитэ үһү. Дьэ, ол иһин хаҥаластар Хотойу бэйэлэрин ытык көтөрдөрүнэн ааҕыналлар.
Айаҥҥа кэлэ-бара хайаан даҕаны тохтоон, маннык бэлиэ өйдөбүнньүктэргэ сүгүрүйэн, саха омугун туһугар турууласпыт дьоммут ааттарыгар төбөбүтүн тоҥхотон, кэриэстээн ааһыахтаахпыт.
Чугастыы Хаҥалас ытык сирдэрин кэрийэн көрбүт киһи ньии. Холобур, Майаҕатта, били Тыгын аатырбыт ыһыаҕар кини кыыһын эккирэтэн сиппит алааһын, Тыгын, Дьэллик суолларынан, казактары кытта кыдыйсыы сирдэрин өйдөбүнньүк бэлиэлэрин, о.д.а. ытык сирдэри.
Тойон Кыыл өйдөбүнньүгүттэн чугас, илин диэки тыа саҕатыгар бардахха, сүдү таас сытар. Бу 1878 сыллаахха булуллубут, өссө Эллэй эһээбититтэн саҕалаан 14 көлүөнэни хабар өбүгэлэрбит ааттара латынныы буукубанан кыһан суруллубут суруктаах Кэриэс таас эбит.
Устуоруйаны, кыраайы үөрэтээччилэр эрэ буолбакка, бэйэлэрин дьиҥнээх сахаларынан ааттанааччылар, былыргы сахалар олохторун сэҥээрээччилэр маннык өйдөбүнньүк түгэннэри билиэхтээхпит, ытыктыахтаахпыт уонна төһө кыалларынан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиэхтээхпит, тарҕатыахтаахпыт.
PS: Көрдөһүүбүн ылынан – сыныйан көрүүбэр, хаартыскаҕа түһэриибэр өйөбүл буолбут суоппар Леонидка махтал!
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.