Сонуннар

Саха сирин хамаандата билиҥҥитэ 5 мэтээллээх

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуу иккис күнэ түмүктэннэ. Күрэхтэһиилэр спорт 24 көрүҥэр ыытыллаллар, олортон самбо номнуо бүттэ. Кыргыттарга уонна уолаттарга икки күн устата барыта 12 ыйааһыҥҥа кыайыылаахтар быһаарылыннылар.

Самбоҕа Саха сирин спортсменнара түөрт мэтээллэннилэр. Ол курдук, бастакы күн Саха сирин иккис хамаандатыттан Иван Лапушкин 53 киилэҕэ иккис, Анастасия Шевченко (Саха сирэ-1) 47 киилэҕэ үһүс миэстэлэри ылбыттара.

Онтон бүгүн, самбо күрэхтэһиитин иккис күнүгэр Дарья Шарапова (Саха сирэ-1) 54 киилэҕэ уонна Сахая Корякина (Саха сирэ-1) 65 киилэҕэ үһүс бириистээх миэстэлэри ыллылар.

Тхэквондоҕа бастакы күн кэнниттэн Наталья Лазарева (63-тэн үөһэ кг) пьедестал үһүс үктэлигэр тахсан, хамаандаҕа боруонса мэтээли аҕалла.

Онон бу кэмҥэ диэри Саха сирин спортсменнара 5 мэтээллээхтэр, ол иһигэр бастакы хамаанда 4 (түөрт боруонса), иккис хамаанда 1 (үрүҥ көмүс) мэтээллээхтэр.

Ити курдук, спорт 24 көрүҥүттэн – самбо түмүктэннэ. Аны бу күннэргэ тхэквондо, уус уран гимнастика, мас-рестлинг, харбааһын, остуол тенниһэ көрүҥнэргэ финаллар буолуохтара. Олортон мэтээллэри эрэнэ кэтэһэбит.

«Дьулурҕан».

Петр Павлов хаартыскаҕа түһэриитигэр: кыргыттарга 65 киилэҕэ боруонса мэтээли ылары ситиспит Сахая Корякина.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253191
Бүгүн : 49