Николай Тарскай үбүлүөйдээх ыһыаҕар
Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр – биллиилээх судаарыстыбаннай уонна общественнай диэйэтэл, Саха сиригэр физическэй култуура уонна успуорт хамсааһынын тэрийээччи, ССРС физическэй култуураҕа туйгуна Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саргыбыт салалынна, өрөгөйбүт үрдээтэ» ыһыаҕа ыытылынна.
Бу күн Николай Николаевич Тарскай аатын ааттаан, кинини ытыктыыр, киниэхэ сүгүрүйэр дьон кэрэ бэлиэ тэрээһиҥҥэ анаан ыраахтар-чугастан тоҕуорустулар. Күммүт да сайыҥҥылыы чаҕылыйан, үлэлээҥ-хамсаан, үөрүҥ-көтүҥ диэбиттии туран биэрдэ.
Бэлиэ күҥҥэ култуура уонна успуорт дьаһаллара, атыы-тутуу, быыстапка, бюст аһыллыыта, саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ, кэнсиэр, илии-атах оонньуулара о.д.а. буоллулар. Үбүлүөйдээх ыһыахха элбэх бочуоттаах ыалдьыттар, быыппастар быччыҥнаах боотурдар, биллиилээх артыыстар кыттыыны ыллылар.
PS: Н.Н. Тарскай ыһыаҕар бочуоттаах ыалдьыт буолан баран кэлиибитин тэрийбит СР физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтин салалтатыгар, бөлөхпүт салайааччыта Зинаида Егоровна Афанасьеваҕа итиэннэ ыһыаҕы тэрийбит дьоҥҥо барыларыгар, баатаҕайдарга барҕа махтал!
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.