Интервью

Леонид Спиридонов: «Азия оҕолоруттан» кынаттанан тахсыбытым»

«Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулары көрсө 1996 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы оонньуу геройдарын кытта сэһэргэһиини салгыыбыт. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – “Азия оҕолоруттан” кынаттанан тахсыбыт биллиилээх спортсмен, билигин Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка министрэ Леонид Николаевич Спиридонов.

– Леонид Николаевич «Азия оҕолоро» бастакы оонньуутугар, 1996 сыллаахха кыттыыҥ, кыайыыҥ туһунан бэйэҥ санааҕын билиһиннэр эрэ.

– Билэргит курдук, 1996 сыллаахха биһиги бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев бэйэтин күүстээх санаатынан аан дойдутааҕы таһымнаах «Азия оҕолоро» диэн оонньууну тэрийбитэ. Ол саҕана биһиги куораппыт да, спортивнай объектарбыт даҕаны аан дойдутааҕы ирдэбилгэ сөп түбэспэт, эппиэттээбэт этилэр. Ол да буоллар, Михаил Ефимович инникини өтө көрөн маннык оонньуу ыытылларын ситиспитэ.

Мин саныырбынан, кини, саха оҕото атын сайдыылаах омук дойдуларын оҕотуттан туох да атына, уратыта суох диэн этэ. Биһиги өссө кинилэрдээҕэр үчүгэй буолуохтаахпыт диэн көрдөрөөрү, сайдыыга талаһаары, Саха сирин оҕолоругар күүстээх санааны иҥэрээри бу күрэхтэһии тэриллибитэ.

Мин буоллаҕына, ити 1996 сыллаахха көҥүл тустууга республикаҕа бастааммын, «Азия оҕолоро» оонньууга Саха сирин хамаандатыгар иккис нүөмэринэн киирбитим. Бастакы хамаандаҕа Дмитрий Михайлов киирбитэ. Билэргит курдук, «Азия оҕолорун» кэнниттэн эһиилигэр кини оҕолорго аан дойду чемпиона буолбута. Күрэхтэһиигэ, финалга тахсар иһин кииирсиигэ Дима Михайловы кыайан кэбиспитим. Салгыы финалга эмиэ кыайыыны ситиһэн, бэйэм ыйааһыммар бастакы миэстэни ылбытым.

Этэргэ дылы, эдэр оҕоҕо күүстээх санааны биэрэргэ сүрдээх үчүгэй күрэхтэһии буолбута. Олимпиада курдук тэриллэн, кырдьык даҕаны спорт улахан бырааһынньыга буолан, омуктар кэлэн, түһүлгэни киэргэппиттэрэ.

Бу күрэхтэһии миэхэ тугу биэрбитэй диир буоллахха, «Азия оҕолоругар» бастаан бараммын, Олимпиадаҕа тиийиэхпин сөп эбит диэн санаа киирбитэ. Михаил Ефимовичка улаханнык махтанабын. Кини итинник санааны биэрэн, мин улахан спорка тиийбитим диэн этиэхпин баҕарабын. Уонна элбэх спортсмен манныкка кыттан, кыайан, инники эрэли ылан, улаханы ситиһэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буоллахтара.

– Эн оҕо санааҕар ол бастакы оонньуу дьэ хайдах этэй? Ыытыллыбыт сирэ-уота да буоллун, көрөөччүлэрэ, бэлэмнэниитэ…

– Олус үчүгэй кэм этэ. Мин холобура, «Азия оҕолоро» оонньууга кыттарбынан, аан бастаан анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүү диэни билбитим. Улахан баараҕай тутуулар тутуллубуттара. Холобур, «Кыайыы 50 сыла» Спорт дыбарыаһа, «Эллэй Боотур» Муус дыбарыаһа…

Биһиэхэ, тыа сириттэн кэлбит оҕолорго ол саҕана сүрдээх улахан тутуулар этилэр. Ити курдук оонньуу үөрүүлээх аһыллыыта уонна сабыллыыта олус киэҥ далааһыннаах, сүдү таһымнаах, киһини долгутар түгэннэр этилэр. Ол иһин этэбин дии, оҕо да сылдьан мин Олимпиадаҕа кытта, күрэхтэһэ сылдьар курдук санаммытым. Итиэннэ оннук санаанан салайтаран, дьиҥнээх Олимпиадаҕа тиийиэхтээхпин диэн бэйэм иннибэр халбаҥнаабат сыал-сорук туруорбутум. Барытын итини бэйэм өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан билэн, элбэх атын хамаанда оҕолорун кытта билсэн, кэпсэтэн, доҕордоһон, бу «Азия оҕолоро» оонньуу аҥардас спорт, күрэхтэһии эрэ буолбакка, оҕо сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах улахан тэрээһин буоларын билбитим.

Бастакы оонньууларга кыттыбыппынан уонна кыайбыппынан сүрдээҕин үөрбүтүм уонна дуоһуйбутум. Биир дойдулаахтарым дьөппөннөр, хаҥаластар кэлэн ыалдьан, бу кырдьык биһиги уолбут кыттар диэн эрэнэн, ситиһиини баҕарбыттарыттан, хайдах эрэ сүргэм көтөҕүллүбүтэ. Кинилэр харахтарын далыгар кыайыыны ситиһэн, эрэллэрин толорбутум. Хайдах эрэ, кыайыыттан үөрүүнү, нууччалыы эттэххэ, эйфорияны бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим. Онно аан бастаан, маннык, улахан күрэхтэһиигэ кыайыы минньигэһэ хайдаҕын уонна кыайыы суолтатын билбитим.

– Атын сиргэ сылдьан омуктартан «Азия оҕолоро» оонньуу туһунан сэҥээрэр, астынар санааларын элбэхтик истибит буолуохтааххын.

– Урут оҕолорго итинник, улахан таһымнаах күрэхтэһии суох этэ. Аан дойду да үрдүнэн. Билигин да ылан көрдөххө, бу саастаах оҕолорго оонньуу суох. Холобур, 17-18 саастаахтарга Азия оонньуулара диэн баар. Оҕолор олимпийскай оонньуулара эмиэ «Азия оҕолорун» кэнниттэн тэриллибиттэрэ. Улахан тэрээһиннээх, Олимпиада курдук биир кэмҥэ, биир сиргэ спорт элбэх көрүҥэр ыытыллар оонньуулар суох этилэр. Ол иһин мин санаабар, биһиги оонньууларбытыгар кыттыбыт омук дойдуларын оҕолоро сэҥээрэн, маннык улахан таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыахтарын сөп эбит диэн сүрдээҕин үөрэллэр. Манна диэн эбэн эттэххэ, «Азия оҕолоро» оонньуу баар буолан, кинилэр Саха Республикатын билбиттэрэ-көрбүттэрэ.

Араас, Азия дойдуларыттан барыларыттан кэлэллэр. Индиялар, кытайдар, таиланнар…, миллиардынан нэһилиэнньэлээх дойдулар оҕолоро олох түһээн да баттаппаттар буоллаҕа, Саха сирэ диэн баарын дуу, суоҕун дуу. Атыттар, урукку ССРС республикаларын оҕолоро баҕар син билэллэрэ буолуо. Онтон Дьокуускайга кэлэн, Саха сирэ диэн дойду баар эбит, сахалар маннык олороллор эбит диэн билэн-көрөн бараллар. Итиэннэ улахан тэрээһиннээх күрэхтэһиини кыайа-хото тутан ыыталлар эбит диэн өйдөбүллээхтэр. «Азия оҕолоро» оонньууттан кынаттанан элбэх спортсмен Олимпийскай оонньууларга ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол иһин, билигин, биһиги оонньуубутуттан Олимпиадаҕа тиийбиттэр анал бөлөхтөрө тэрилиннэ. Онно Олимпиада, аан дойду чемпионнара, призердара бааллар. Кинилэр «Азия оҕолоро» баар буоланнар, биһиги спорка сыалламмыппыт-соруктаммыппыт дииллэр. Сахалар төрүттээбит күрэхтэһиилэрэ биһиэхэ төһүү буолбута диэн үтүөтүк ахталлар.

Леонид Николаевич, «Азия оҕолоругар» кыттаары сылдьар оҕолорго туһаайан эн, бастакы оонньуу кыайыылааҕа, билигин спорт салайааччыта быһыытынан тугу этиэҥ этэй?

– Билигин «Азия оҕолоро» оонньуу таһыма сүрдээҕин улаатта. Биһиги саҕана аҕыйах дойду эбит буоллаҕына, билигин элбэх хамаанда кэлээри сылдьар. Дойдулар бэйэлэрин күүстээх спортсменнарын аҕалаары сылдьаллар. Онон биһиги оҕолорбут эмиэ сөптөөхтүк бэлэмнэнэн, Михаил Ефимович Николаев эппитин курдук, саха оҕото атыттартан туох да уратыта суох, биһиги өссө тыйыс дойдуга олорорбутунан күүстээх санаалаахпыт уонна этэргэ дылы, талааннаахпыт. Онон биһиги оҕолорбут дьаныһан туран дьарыктанан, бэйэлэрин баҕа санааларын толороллоругар баҕарабын. Кыайыыгы дьулуурдаах, кыайыыга баҕалаах киһи – кыайар, ситиһиилэнэр.

Билиҥҥи туругунан 20-чэ дойду кэлэрин биллэрдэ. Үлэ бара турар. Барыгытын оонньууга ыҥырабын, көхтөөхтүк кыттыҥ. Оҕолоргутун бэлэмнээҥ. Уонна «Азия оҕолорун» үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытыахха диэн этэбин.

– Леонид Николаевич, ыйытыыларга хоруйуҥ иһин махтал! Оонньуулар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллалларыгар баҕарабыт.

“Дьулурҕан” досьета:

Леонид Николаевич Спиридонов. 1980 сыллаахха Орджоникидзевскай (билиҥҥинэн Хаҥалас) оройуонугар төрөөбүтэ. Көҥүл тустуунан оҕо сааһыттан дьарыктаммыта. Бастакы тренерэ – Олег Лебедев, онтон Будимир Яковлев.

Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара. Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ. Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина.

“Азия оҕолоро” оонньуу кыайыылааҕа (1996), эдэрдэргэ аан дойду күрэхтэһиитигэр иккис миэстэлээх (1999), студеннарга аан дойду чемпиона (2000), Азия чемпиона (2006), Афинытааҕы-2004 Олимпиадаҕа 4-с, Пекиннээҕи-2008 Олимпиадаҕа 5-с миэстэлээх, аан дойду чемпионатын боруонса призера (2009), Азия оонньууларыгар үһүс миэстэлээх (2010), кумахха тустууга аан дойду чемпиона (2014), Саха сирин уонна Казахстан Республикатын хас да төгүллээх чемпиона.

2022 сылтан Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка министрэ.

Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

218155
Бүгүн : 315