Кини киирсиилэрин анаан көрөр, киниэхэ ыалдьар этибит
“Дьулурҕан” хаһыакка “Сэдэх хаартыска сэһэнэ” диэн ааптар Федот Соловьев – биллиилээх боксер, учуонай Юрий Семенович Луковцев туһунан ахтыытын ааҕан баран, сэҥээрии быһыытынан бэйэм санаабын суруйуохпун баҕардым.
…1967 сыллаахха Ньурба бөһүөлэгэр Ленинскэй оройуонун боксаҕа бастакы аһаҕас республикатааҕы турнира ыытыллыбыта. Онно Сунтаар, Бүлүү, Ньурба оройуоннарыттан, СГУ студеннарын уонна Дьокуускай куораттан боксердар Саха АССР хамаандатын сүрүн тренерэ Арсен Петров салалтатынан кэлэн кыттан, күрэхтэһии таһымын улаханнык үрдэппиттэрэ.
Биһиги, Маалыкай оскуолатын саҥа бүтэрбит, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Александр Александрович Агеев үөрэнээччилэрэ: Николай Дмитриевич Иванов, кэнники Чуумпу акыйааннааҕы флот элбэх күрэхтэһиилэригэр бириистээх миэстэлэри ылбыт күүстээх, бастакы разрядтаах боксер буола үүммүт, оччолорго кэскиллээх спортсмен уонна мин – оройуон хамаандатын сүүмэрдиир түмсүүтүгэр Ньурбаҕа эрчиллэ сылдьыбыппыт.
Биир үтүө күн гостиницаҕа биһиги олорор хоспутугар Сунтаартан кэллим диэн республика биллиилээх боксера, Саха сирин чемпиона, республика чиэһин элбэхтик көмүскээбит Юрий Луковцев киирэн кэлбитэ. Юрий Семенович ол кэмҥэ СГУ бүтэһик курсун студена, Сунтаар оройуонун Тойбохой нэһилиэгэр биллиилээх педагог Г.Е. Бессонов оскуолатыгар диплом иннинээҕи практикатын бара сылдьар этэ. Ол иһин күрэхтэһии саҕаланыа биир нэдиэлэ эрдэ кэлэн, Ньурба боксердарын кытта бэлэмнэммитэ.
Опыттаах, элбэх ситиһиилээх спортсмены кытта биир хоско олорорбут быһыытынан үчүгэйдик билсибиппит. Кини кэпсээниттэн бокса туһунан элбэх саҥаны билбиппит. Юрий Семенович биһиэхэ, эдэр спортсменнарга бокс киирсиилэригэр хайдах бэлэмнэнэн рингэҕэ киирэр туһунан, киһи өйдүүр гына быһаарбытын, кэпсээбитин өйдүүбүн. Биһиги, доҕорбунаан Колялыын кинини тута сөбүлээбиппит, кини киирсиилэрин анаан баран көрөр, киниэхэ ыалдьар этибит.
Күрэхтэһиибит саҕаланна. Табаарыһым Коля бастакы киирсиитин кыайан баран, иккис эргииргэ республика биир күүстээх боксера Р.Алексеевка тэҥ киирсиигэ очконан хотторбута.
Мин 54 киилэҕэ икки утарсааччыбын хотон баран, финалга аатырбыт боксер, спорт маастарын нуорматын толорбут Юрий Федоровка очконан хотторон, иккис миэстэни ылбытым.
Юрий Луковцев 67 кг ыйааьыҥҥа бастакы киирсиилэригэр Дьокуускай куорат, СГУ күүстээх боксердарын В.Филипповы, А.Иванову холкутук кыайталаан финалга тахсыбыта. Финалга кинини утары Саха АССР 1967 сыллааҕы чемпиона, «Спартак» ДСО Россиятааҕы сэбиэтин финалиһа, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга иккис миэстэлээх Сунтаар спортсмена Василий Ананьев тахсар. Биһиги Колябытынаан Юрий Семеновичпытыгар ыалдьабыт. Саха сирин биир чулуу боксера В.Ананьев сытыы, күүстээх охсууларынан утарылаһааччыларыгар бокуой биэрбэккэ тоҕута сынньан хототтуур этэ.
Мин өйдүүрбүнэн, В.Ананьев киирсии саҕаланаатын кытта Юрий Луковцевка, харса суох бэйэтин сөбүлүүр охсууларынан элбэхтик охсуталаан барбыта. Юрий ыксаабакка, кэннинэн чугуйбакка утары барбыта уонна хас биирдии охсууга илиитин тоһуйан буолбакка, аһаран, көмүскэнэн баран эппиэттиир, эбэтэр утары көрсөр охсууларынан табыталаабыта. Ол курдук, тэтимин тохтоппокко утары охсууга ыҥырар тактикатынан эрдээхтик баран испитэ. Хас биирдии охсууну хонтуруоллаан, хардары охсор утары тактикатын сөптөөхтүк туттан, техника уонна тактика албастарын сатабыллаахтык туһанан, чаҕылхай кыайыыны ситиспитэ.
Ити курдук, Луковцев уонна Ананьев киирсиилэрэ – турнир саамай үчүгэй киирсиитинэн ааттаммыта. Юрий Луковцев күрэхтэһии биир бастыҥ боксерун бирииһин ылбыта.
Саха сирин боксаҕа чемпионатын, Саха государственнай университетын, Саха уобаластааҕы «Спартак» ДСО сэбиэтин хас да төгүллээх кыайыылааҕын, Саха АССР норуоттарын үбүлүөйдээх спартакиадатын чемпионун, ССРС наукаларын академиятын Сибиирдээҕи филиалын бэтэрээнин, биологическай наука кандидатын, 80-тан тахса научнай үлэлэр ааптардарын Юрий Семенович Луковцевы, бу дьыл бэс ыйын 1 күнүгэр лоп курдук 80 сааһын туолбут үөрүүлээх үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Убаастыбыллаах Юрий Семенович! Куруук доруобай, ситиһиилээх уһун байылыат олоҕу баҕарабын. Айыылар араҥаччылаатыннар, Айыы Таҥара көмөтүнэн барыта этэҥҥэ буолуохтун, дьол-саргы тосхойдун!
Александр Афанасьевич ТЫАСЫТОВ, ССРС спордун маастара, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Саха Республикатын физическэй култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба оройуонун бочуоттаах гражданина.