Интервью

Георгий Балакшин: «Азия оҕолоругар» кыттыы улахан эппиэтинэс»

“Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары көрсө 1996 сыллааҕы бастакы тэрээһин дьоруойдарын кытта сэһэргэһиини салгыыбыт. Бүгүн биһиэхэ ол бастакы оонньуу боксаҕа күрэхтэһиитин кыайыылааҕа, спорт үтүөлээх маастара, Ил Түмэн депутата Георгий Балакшин ыалдьыттыыр.

-Георгий Русланович, эн 1996 сыллаахха ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» оонньуулартан кынаттанан тахсан, улахан спорка ситиһиилэммитиҥ. Баһаалыста, ол кэми санаан ылыахха эрэ.

-1996 сыллааҕы “Азия оҕолоро” оонньуу – бэйэтин кэмигэр улахан таһымнаах күрэхтэһии этэ. Тус бэйэм ити оонньууларга кыттыым – норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа бастакы сүрэхтэниим этэ. Ол иннинэ Дальнай Восток федеральнай уокурук уонна Россия күрэхтэһиилэригэр, үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар эрэ кыттыбытым.

Ол бастакы оонньууларга аҕыс дойду спортсмен оҕолоро кэлэн күрэхтэспиттэрэ. Мин сэрэбиэйим үчүгэй соҕус этэ. Бастакы эргииргэ бэйэм хамаандам уолун Дмитрий Ушкановы кыайбытым. Онтон финалга бурят уолун баһыйбытым. Ылан көрдөххө, «Азия оҕолоро» – комплекснай спартакиада курдук, спорт элбэх көрүҥэр биир кэлим күрэхтэһии буоллаҕа. Биһиги санаабытыгар, оонньуулар ыытыллар таһымнара улахан этилэр. Онно хамаанда састаабыгар киирии, ситиһиилээхтик кыттыы – барыта улахан эппиэтинэс, бэйэ бодотун тардыныы этэ.

Уопсайынан, бу оонньуулары төрүттээбит биһиги республикабыт бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев инникини өтө көрөн, кэскиллээх санааны ылынан, бу «Азия оҕолоро» тэриллибит эбит дии саныыбын. Онтон бастакы Аан дойдутааҕы оҕолор оонньуулара икки сылынан – 1998 сыллаахха Москваҕа буолбуттара. Онон оҕолор спортивнай оонньууларын тэрийэн ыытыы идеятын биһиги Михаил Ефимовичпыт саҕалаабыта диэххэ сөп.

Ол 1996 сыллаахха, «Азия оҕолорунан» сибээстээн манна, куоракка улахан бырааһынньык, үөрүү-көтүү буолбута. Оонньуулары үөрүүлээхтик түмүктээһиҥҥэ кыайыылаахтар парадтара тэриллибитэ. Концерт буолбута, аан дойдуга биллэр «Бони М» бөлөх кыттыбыта. Ол барыта биһиэхэ – оҕо дьоҥҥо наһаа үчүгэй, сырдык, хаһан да умнуллубат үтүө өйдөбүллэри үөскэппитэ.

Оонньууларга бэлэмнэнии эмиэ бэйэтэ ураты этэ. Биһиги икки анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүүгэ кыттыбыппыт. Холобура, түмсүү кэмигэр уонна ити оонньууларга тренердэринэн биир дойдулаахтарым: Артур Иннокентьевич Пахомов, Василий Афанасьевич Тыасытов, Иван Васильевич Степанов бааллара. Биһигини кинилэр көрө-истэ, бэлэмнии сылдьыбыттара.

-Боксёрдар бастакы оонньууларга хайдах кыттыбыттарай?

-Саха сириттэн Стас Потапов, Степан Лебедев, Нерюнгриттан Константин Хрушков, Андрей Шакиров уонна мин бэйэбит ыйааһыммытыгар бастаабыппыт. Бокса күрэхтэһиитэ «Кыайыы 50 сыла» Спорт дыбарыаһыгар буолбута.

Манна даҕатан эттэххэ, эмиэ Михаил Ефимович көҕүлээһининэн Дьокуускайга спорт тутуулара: ити Дыбарыас, «Эллэй Боотур» Муус дыбарыаһа… аһыллыбыттара.

-Георгий Русланович, биһиги бастакы президеммит туһунан өссө тугу этиэххин сөбүй?

-Михаил Ефимовиһы кытта бастакы билсиһиим 1996 сыллаахха «Азия оҕолорругар» этэ. Ол кэнниттэн спорка ситиһиилэрим биир-биир кэлэн испиттэрэ – Россия чемпиона, Европа кыайыылааҕа, Олимпиада призера…

Михаил Ефимович, эппитим курдук, инникини өтө көрөн сайдыыга, үүнүүгэ, ситиһиигэ талаһара, элбэҕи былаанныыра. «Азия оҕолоро» сылтан сыл ахсын кэҥээн, сайдан, билигин аан дойду билинэр күрэхтэһиитэ буолла. Холобур, бастакы оонньууга аҕыс дойду эбит буоллаҕына, алтыс оонньууларга – 32 дойду спортсменнара күөн көрсүбүттэрэ. Ити курдук, сырыы ахсын таһыма улаатан иһэр. Ол кэнниттэн спорт министринэн да үлэлиир кэммэр, Михаил Ефимовичтыын көрсөн кэпсэтэр этибит. Наар, саха спордун хайдах сайыннарыахха сөбүй диэн ырытыһарбыт.

-Быйыл биһиги Дьокуускайбытыгар «Азия оҕолорун» ахсыс оонньуулара ыытыллар…

-Россияны ылан көрдөххө, 2024 сылга икки улахан норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии ыытыллар. Бастатан туран, спорт 24 көрүҥэр күрэхтэһиилээх «Азия оҕолоро», быйылгы оонньууга, мин билэрбинэн, билиҥҥитэ 20-чэ дойду кыттарын биллэрдэ.

Иккис улахан күрэхтэһии – бэс ыйыгар Казань куоракка БРИКС холбоһук дойдуларын спорка оонньуулара буоллаллар. Ити оонньууларга биһиги бэйэбит спортсменнарбыт эмиэ кытталлар.

-«Азия оҕолоруттан» үүнэн-сайдан тахсыбыт киһи, бу оонньуулар суолталарын хайдах быһаарыаҥ этэй?

-Михаил Ефимович бу оонньуулары биир кэмнээх эрэ буолбакка, салгыы өссө сайдан, тэнийэн, кэҥээн тахсарын өтө көрөн тэрийбитэ. Ол курдук, «Азия оҕолоро» син эмиэ Олимпиада курдук, түөрт сылга биирдэ ыытыллар улахан таһымнаах күрэхтэһии буолла. Оонньуу суолтатын туһунан эттэххэ, бастатан туран, биһиги бэйэбит талааннаах спортсменнарбытын булан таһаарабыт.

Иккиһинэн, «Азия оҕолоро» аҥардас спортивнай эрэ инфракструктура буолбатах – уопсай куорат, республика сайдыыта. Холобур, спорт саалалар тутуллаллар, суоллар оҥоһуллаллар, благоустройство тэриллэр. Куорат сыл ахсын сайдан, тупсан иһэр. Аҥардас «Азия оҕолоро» ыытылларынан эрэ диэн буолбатах. Үлэ сыллата былаан быһыытынан ыытыллар.

өрсүһүүбүт түмүгэр, билигин Ил Түмэн Государственнай мунньаҕар физическэй култуураны уонна спорду сүрүннүүр комитет салайааччытын быһыытынан үлэҕин кылгастык билиһиннэр эрэ.

-Былырыын күһүн талыллан баран үлэбитин тута саҕалаабыппыт. Ол курдук, бастакы сессия кэнниттэн Москваҕа бара сылдьыбытым. Онно туһааннаах салайааччылары кытта көрсөн, билсэн, салгыы бииргэ хайдах үлэлиирбитин быһаарсыбыппыт. Патриотическай иитиигэ анаан Государственнай Дума ити боппуруоска комитетын көһө сылдьар мунньаҕын манна, Дьокуускайга ыытарга былаанныыбыт, кэпсэтиилэр ыытылла тураллар. Биһиги республикабыт патриотическай иитиигэ сокуону биир бастакынан ылыммыта. Ону тэҥэ биллиилээх биатлонист, билигин ГосДума депутата Антон Шипулины кытта көрсөн кэпсэппиппит.

Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.      

“Дьулурҕан” досьета:

Георгий Русланович Балакшин 1980 сыллаахха Ленинскэй (билиҥҥинэн Ньурба) оройуонугар төрөөбүтэ. Боксанан 9 сааһыттан дьарыктанар, тренерэ – РФ, СР үтүөлээх тренерэ А.И. Пахомов.

“Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы 1-кы спортивнай оонньуу кыайыылааҕа, Россия алта (2000—2003, 2006, 2007 сс.), Европа үс (2002, 2004, 2006) төгүллээх чемпиона, аан дойду-2001 чемпионатыгар үһүс миэстэлээх, Пекиннээҕи-2008 Олимпиада боруонса призера.

Спорт үтүөлээх маастара. Ньурба улууһун бочуоттаах гражданина, 2013-2016 сс. СР физическэй култуураҕа уонна спорка министрин бастакы солбуйааччы, 2016-2018 сс. министр, СР Ил Дарханын сүбэһитэ, Ил Түмэн депутата.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227560
Бүгүн : 362