Гаврил Колесов: “Азия оҕолоро” – олоҕум биир кэрэ бэлиэ түгэнэ”
Быйыл сайын биһиги Сахабыт сирин киин куоратыгар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар ыытыллыахтара.
Манан сибээстээн, 1996 сыллаахха бастакы ыытыллыбыт оонньуу кыттыылаахтарын ахтыыларын уонна быйылгы күрэхтэһиигэ бэйэлэрин санааларын, этиилэрин таһаарыыны салгыыбыт.
Бүгүҥҥү биһиги ыалдьыппыт – “Азия оҕолоро” оонньууттан кынаттанан тахсыбыт биллиилээх спортсмен, Саха сирин аатырдыбыт дуобатчыт, гроссмейстер Гаврил Колесов.
– Гаврил Гаврильевич, дьэ, оччотооҕу, бастакы оонньууларга үөскээбит санааҕын үллэһин эрэ.
– 1996 сыллаахха аан бастакы ыытыллыбыт “Азия оҕолоро” оонньууларын уотун уматыспыт, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэм чиэһин көмүскээбит дьоллоохпун.
Оонньуу уотун боксер Балакшин Гоша, дзюдоист Бирюкова Аня, Ленскэй куораттан кыыс баар этэ, араспаанньатын чуолкай өйдөөбөт эбиппин (сүүрүүк быһыылааҕа), тустуук Чукров Коля уонна мин буолан умаппыппыт. Репетициялыырбытын өйдүүбүн. “Туймаада” стадиоҥҥа толору тоҕуоруспут дьон ортотугар оонньуу уотун тутан хаамар олус долгутуулаах этэ.
Араас иэйиилэр киирэн ааспыттарын өйдүүбүн: бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, бүтүн Россияҕа, аан дойдуга биллэр спорт бырааһынньыгын тыыныттан өрө көтөҕүллүү, төрөөбүт Сахабыт сирин туһугар киэн туттуу, дьон-норуот, спорду таптааччылар, хамаанда иннигэр эппиэтинэс…
-Күрэхтэһии хайдах ааспытай?
-Күрэхтэhиигэ бэлэмнэнэн анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүүнү ааспыппыт. Хамаандабыт састааба барыта Чурапчытааҕы спортивнай интернат-оскуолатын оҕолоро этибит: бастакы дуоскаҕа мин, иккискэ – Новгородов Сергей, үһүскэ – Богимова Маша, төрдүскэ – Иванова Алёна. Хамаандабытын аатырбыт улуу тренербит Кычкин Николай Николаевич салайбыта.
Күрэхтэhиибит “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһыгар буолбута. Балаһыанньа быһыытынан, 100 харахтаах дуобакка оонньообуппут. Ол иннинэ биһиги наар 64 харахтаах дуобакка дьарыктанарбыт, күрэхтэһэрбит. Биэс хамаандаттан монголларга хотторон 2-с миэстэҕэ тахсыбыппыт. Бу хотторуубут Саха сиригэр 100 харахтаах дуобат сайдарыгар төрүөт буолбута дии саныыбын.
Наҕараадалааhын “Туймаада” стадиоҥҥа ыытыллыбыта. Оҕотук санаабар, пьедестал үрдүкү үрдэлигэр турбатахпыттан хомойбуппун өйдүүбүн. Ол эрээри, бу оонньууга кыттыбыппын хаһан да умнубаппын.
– “Азия оҕолоро” оонньуулар суолталара эн санааҕар туохханый?
– Бу – аан дойдуга оҕо спордун бырааhынньыга. Атын дойду оҕолорун кытта билсиhии, урукку өттүгэр күрэхтэһиилэргэ көрсөр оҕолорбут биһиги дойдубутугар кэлэн маннык үрдүк таһымнаах, үчүгэй тэрээһиннээх күрэхтэһиигэ кыттыбыттарыттан астыныы… Оҕо саас, спорт, сомоҕолоһуу тыына… олоҕум биир кэрэ-бэлиэ түгэннэрэ этэ.
Ону таһынан, куораппыт киһи хараҕар быраҕыллар гына киэркэйбитэ, саҥа тутуулар дьэндэспиттэрэ, дьон-сэргэ сэргэхсийэн, тутта-хапта сылдьардыын уларыйбыкка дылыта буолбута.
Кэлин бэйэм бу оонньууларга кыттар саха оҕолоругар дьарыктарыгар көмөлөhөрүм, сүбэ-ама биэрэрим. 2016 сыллаахха буолбут “Азия оҕолоро” оонньууларга судьуйалааһыҥҥа үлэлэспитим. “Азия оҕолоро” оонньууттан кынат анньынан өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан аан дойду таһымнаах дуобатчыттар үүнэн тахсыбыттара, кыайыы көтөллөнөн Сахаларын сирин, Россияны аан дойдуга сураҕырдыбыттара. Ол курдук, Ирина Платонова, Марфа Данилова, Степанида Кириллина, Наталья Шестакова, Айыына Собакина, Ксения Нахова, Николай Гуляев, Николай Гермогенов уо.д.а.
– Гаврил, “Азия оҕолоро” эйиэхэ, тус бэйэҕэр суолтата?
– Биһиги бастакы президеммит М.Е. Николаев мындыр, ырааҕы өтө көрөр салайааччы буолан, бу оонньуулар билигин да ыытылла, үүнэ-чэлгийэ тураллара кэрэхсэбиллээх. Туох барыта кыраттан саҕаланар. 1996 сыллаахха ыытыллыбыт бастакы оонньууларга тэҥнээтэххэ, билигин бу оонньуулар таһымнара үрдээн иһэр, кыттар дойду ахсаана элбиир. Төhөлөөх элбэх оҕо спорка чугаhаабыта, бу оонньуулартан кынаттанан улахан спорка ситиhиилэммитэ буолуой?!
Тус бэйэбэр бу оонньуулар элбэҕи биэрбиттэрэ, дуобат хонуутугар суолбун солонорбор биир бигэ үктэл буолбуттара. Ити бастакы “Азия оҕолоругар” кыттыбыт сылым алтынньы ыйыгар Узбекистаҥҥа улахан дьоҥҥо аан дойду чемпионатыгар кыайыылаах тахсан, аан дойду чемпиона ааты ылары бастакыбын ситиспитим. Онтон ыла элбэх сыл-хонук ааста, үгүс үктэли дабайан, араас элбэх кыайыылары ситиhэн, күн бүгүнүгэр диэри үрдүк таhымҥа оонньуу сылдьарбыттан астынабын уонна онон киэн туттабын.
– Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
– Хом санаабын этэрбэр тиийэбин, быйыл Дьокуускайга буолаары турар “Азия оҕолоро” оонньуулартан биһиги омук төрүт көрүҥмүт – дуобат туоратылынна. Эрдэ Сахабыт сиригэр буолбут оонньууларга барытыгар кыттар, өрөспүүбүлүкэбит хамаандатыгар мэтээллэри аҕалар этибит. Аан дойдуну, Европаны, Россияны “тэпсэ” сылдьан, бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар буолар оонньууларга 22 көрүҥ иhигэр киирбэтэхпит өйдөммөт. 2022 сыл күhүн тэрийэр кэмитиэт итинник быhаарыныыны ылыммыта. Онтон ыла сүүрэн-көтөн, туруорсан, сурук бөҕөтө суруйан көрдүбүт да, хомойуох иhин, дуобат көрүҥүн киллэрбэтилэр…
Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.
«Дьулурҕан» досьета:
Гаврил Гаврильевич Колесов. 1979 сыллаахха Чурапчы оройуонугар төрөөбүтэ. Биэс сааһыттан дуобатынан дьарыктанар. Тоҕус сааһыттан РФ, СР үтүөлээх тренерэ Н.Н. Кычкин салалтатынан эрчиллибитэ. Уон сааһыгар дуобакка ССРС спордун маастарыгар кандидат буолбута. Онтон 14 сааһыгар Россия уонна аан дойду чемпиона буолан, Россия спордун маастарын нуорматын толорбута.
1996 с. Самарканд куоракка ыытыллыбыт нуучча дуобатыгар сахалартан аан бастакынан аан дойду чемпионатыгар кыайан, киниэхэ международнай гроссмейстер нуормата иҥэриллибитэ. Нуучча дуобатыгар аан дойду чемпионатыгар барыта 7-тэ бастаабыта. Россия хас да төгүллээх чемпиона. Саха сирин бастыҥ спортсменынан аҕыста ааттаммыта. Тренерэ – сахалартан дуобакка бастакы гроссмейстер, СР үтүөлээх тренерэ А.Г. Азаров.
Гаврил Колесов – Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданина.