Дмитрий Егоров: «Саахымат сайдарыгар эрэнэбин»
Туймаада туонатыгар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуу ахсыс төгүлүн ыытыллаары турар. Манан сибээстээн «Дьулурҕан» хаһыакка оччотооҕу, 1996 сыллаахха Саха сирин чиэһин көмүскээбит, күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт уонна күн бүгүнҥэ диэри республика спордун сайыннара, кыайыыларынан үөрдэ сылдьар спортсменнар тустарынан сырдатыыбытын салгыыбыт.
Бүгүҥҥү биһиги ыалдьыппыт – билиҥҥи кэмҥэ саахымакка эр дьоҥҥо бастыҥ көрдөрүүлээх, олох соторутааҕыта Ил Дархан Кубогар Бүтүн Россиятааҕы турнирга ситиһиилээхтик оонньообут спорт маастара Дмитрий Егоров.
-Дмитрий, дьэ кэпсэтиибитин саҕалыахха, «Азия оҕолоро» бастакы оонньууга кыттыыҥ туһунан ахтан, санаан ылыах эрэ.
– 1996 сыллаахха ити оонньууларга саахымат күрэхтэһиитэ хамаанданан ыытыллыбыта. Барыта үс хамаанда кыттыбыта. Монголия уонна Саха сирин икки хамаандата. Састаапка икки уол уонна биир кыыс баара. Монголия саахыматчыттара күүстээх этилэр.
Бастаан, Монголия уонна Саха сирин иккис хамаандата оонньообуттарыгар, ыалдьыттарбыт улаханнык кыайбыттара. Онтон Монголия – Саха сирин бастакы хамаандатын оонньуута тэҥнэһиинэн (1,5:1,5) түмүктэммитэ. Түмүккэ, хаачыстыбанан ааҕыыга монголлар бастаан тахсыбыттара. Мин бастакы дуоскаҕа монгол уолугар хотторон кэбиспитим. Иккис дуоскаҕа оонньообут Ленскэй уола Саша Пятков утарсааччытын кыайбыта. Онтон кыыспыт Туйаара Егорова тэҥнэспитэ. Кэлин Туйаара международнай маастар буолбута.
Күрэхтэһиибит сабыс-саҥа тутуллубут «Эллэй Боотур» Муус дыбарыаһыгар буолбута. Күҥҥэ биирдии тууру оонньообуппут. Онон күрэхтэһиибит үс күн буолбута.
-Сэрэйдэххэ, хамаандаҕа киириигэ, састаабы талыыга күрэстэһии бөҕө буолуохтаах, хайдах бэлэмнэммиккитий?
-Сүүмэрдээһин кытаанаҕа бөҕө буоллаҕа дии. Республикатааҕы Дуобат, саахымат киинигэр анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүү ыытыллыбыта. Онно Саха сирин саахымакка бастыҥ тренердэрэ бары кэлбиттэрэ: Евгений Охотин, Захар Егоров, Ленскэйтэн Петр Борисов…
Сүүмэрдээһин түмүгүнэн үстүү киһилээх икки састаабы талбыттара. Хас биирдии састаапка киирбит оҕо тренерэ эмиэ хамаандаҕа баара. Онон делегациябыт улахан этэ. Итинник курдук.
-Дмитрий, «Азия оҕолоро» бастакы оонньуу эйиэхэ туох өйдөбүлү хаалларбытай?
-Оонньуулары үөрүүлээхтик аһыыга, «Туймаада» стадиоҥҥа тыһыынчанан киһи мустубута. Мин, Саха сирин алта бастыҥ спортсмен оҕолор кэккэлэригэр киирэн, түһүлгэҕэ оонньуу ымыытын тутан тахсыбыппын, стадиону эргийэ хаампыппын, ону диктор улахан куолаһынан хас биирдиибитин ааттаабытын долгуйа истибитим. Ити мин кэрэ, үтүө өйдөбүлүм.
-Оонньууларга кыттыаҥ иннинэ тус бэйэҥ ханнык ситиһиилэрдээх этигиний?
-Итиннэ, 1996 сылга Россия спордун маастарга кандидатын нуорматын номнуо толорон баран сылдьабын. Ол саҕана биһиги хоту Усуйаанаҕа, Депутатскайга олорор этибит. Аҕам тренердиир миэхэ.
Оҕолорго Саха сирин чемпиона этим. Дальнай Восток күрэхтэһиитигэр эмиэ ситиһиилээхтик кыттарым. Биир сыл Липецкэйгэ күрэхтэһиигэ бара сылдьыбыппыт, аҕабынаан. Онно бастаабытым. 1995 сыллаахха Сёлигор диэн куоракка баран, улахан күрэхтэһиигэ үһүс бириистээх миэстэни ыламмын, РФ спордун маастарыгар кандидат нуорматын толорбутум.
–Саахымакка бастакынан эйигин ким үөрэппитэй? Хаһааҥҥыттан оонньуур буолбуккунуй?
-Спорт бу көрүҥэр аҕам уһуйбута. Биэс саастаахпыттан саахыматынан дьарыктанан киирэн барбытым. Аҕам күрэхтэһиигэ эҥин барытыгар илдьэ сылдьар этэ. Сүрүн тренерим – кини.
–Дмитрий, баһаалыста аҕаҥ туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.
-Аҕам Егоров Захар Константинович. Саахымат эйгэтигэр биллэр киһи. Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үйэтин тухары саахымат тренерэ. Манна куоракка Оҕо дыбарыаһыгар үөрэнээччилэри саахымакка сүүрбэччэ сыл устата үөрэппитэ. Хоту, Усуйаанаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка тренердээбитэ. Сааһырыар диэри үлэлээбитэ. Анатолий Карпов аатынан оскуолаҕа дириэктэрдээбитэ. Саха сирин 1994 сыллааҕы саахымакка чемпиона. Спорт маастарыгар кандидат, үтүөлээх учуутал.
Тренер быһыытынан бастыҥ иитиллээччилэрэ: Людмила Хантаева, Александр Лунгин, Гумар Моисеев, Ариан Александров, Павел Бекетов уо.д.а. элбэх республика чемпионнарын иитэн, бэлэмнээн таһаарбыта.
Аҕам бэйэтэ Уус Алдантан, Тандаттан төрүттээх. Ийэм Мэҥэ Хаҥалас, Моорук. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт, бары уолаттарбыт. Саахыматы бары сатыыллар. Дьиэ иһигэр өрүүтүн күрэхтэһии ыытыллааччы. Ийэбит эмиэ оонньоһор этэ. Саахыматчыт дьиэ кэргэн этибит. Улахан убайым Гаврил маастарга кандидат нуорматын толорбута. Биирдэ республика чемпионатыгар Блиц оонньууга иккис буолбута.
– «Азия оҕолоро» бастакы оонньууларга спортсмен эбит буоллаххына, кэлин ыытыллыбыт оонньуулар тэрээһиннэригэр кыттыбытыҥ дуо?
-Дьокуускайга буолбут оонньууларга барытыгар кэриэтэ судьуйаласпытым. Бастакы категориялаах судьуйабын. Тренердэр штабтарыгар киирбэтэҕим. Билигин, буолаары турар ахсыс оонньууларга эмиэ судьуйалааһыҥҥа кыттаары сылдьабын.
(Ээ, ити дии, көрдүҥ, сибээс! 1996 сыллаахха бастакы оонньууларга ситиһиилээхтик кыттыбыт, мэтээллээх киһи билигин даҕаны ситимин быспакка, бу оонньууларга аны судьуйа быһыытынан кытта сылдьарын кэрэхсэбиллээх түгэн. Итинэн эн киэн туттуоххун сөп – П.П.).
-Дмитрий, “Азия оҕолоруттан” ханнык биллиилээх саахыматчыттар үүнэн таҕыстылар?
-Биһиги оонньууларбытыгар Кытай оҕолоро кэлэ сылдьыбыттара. Кинилэртэн Ван Хао диэн уоллара кэлин улахан таһымнаах гроссмейстер буолбута. Бэйэтин кэмигэр аан дойду 10 күүстээх саахыматчыттарын ахсааныгар киирэ сылдьыбыта. Ити сыыстарбат буоллахпына, 2000 дуу, 2004 сыллаахха дуу буолуохтаах.
2012 сыллааҕы «Азия оҕолоругар» наһаа элбэх дойду оҕолоро кэлэн кыттыбыттара. Индия, Кытай, Катар, Монголия, Оман…
-Саха сиригэр саахымат сайдыытыгар туох санаалааххын?
-Саахымат федерациятыгар президенинэн Владимир Анатольевич Егоров талыллыаҕыттан, үлэ сэргэхсийдэ. Ити иннинэ Саха сирин үөрэххэ министрэ, билигин СР Үүнэр көлүөнэҕэ тус сыаллаах фондатын генеральнай дириэктэрэ, депутат. Кини көҕүлээһининэн Ил Дархан Кубога саҕаламмыта. Быйыл иккис сылын субуруччу буолла. Киһи бөҕө кэлиэн, кыттыан баҕарар. Эһиилгиттэн кыттааччы өссө элбиирэ буолуо. Биһиги кэскиллээх ыччаттарбыт бары кытталлар. Улахан опыт ылаллар. Эмиэ Владимир Анатольевич көҕүлээһининэн гроссмейстердэр оскуолалара аһыллыбыта. Онно Антон Шомоев диэн биллэр гроссмейстер дьарыктыыр.
Саахымат билигин республикаҕа саамай сайда турар кэмэ дии саныыбын. Аҥардас Дьокуускай куорат үрдүнэн 600 оҕо утумнаахтык дьарыктанар. Тренердэр күүстээхтэр, оскуолалар аһылыннылар. Чааһынай да оскуолалар бааллар. Онон оҕолор билигин наһаа күүстээхтик оонньууллар. Бастыҥ саахыматчыттарбыт үгүстэрэ – оскуола оҕолоро. Бары маастар таһымыгар чугаһаан баран сылдьаллар. Биир-икки сылынан маастардар ахсааннара элбиэҕэ, онтон гроссмейстер да чугас ини. Ити эмиэ В.А. Егоров үтүөтэ. Уопсайынан, оҕо спордугар улахан болҕомто уурулунна. Роман Ганжуров, Ньургун Винокуров эрчийэр оҕолоро сүрдээх тэтимнээхтик үүнэн, сайдан эрэллэр.
-Быйылгы оонньууларга кыттыахтаах Саха сирин хамаандата хайдах, туох бэлэмнэнэ сылдьарый?
-Бастыҥ оҕолору түмэн гроссмейстердар күн аайы кэриэтэ дьарыктаналлар. Саахымат интернеккэ сайдан, онлайн эрчиллиилэр ыытыллаллар. Онон ыраахтан да олорон, үөрэтэ, такайа, сорудах биэрэн эрчийэ олороллор. Ый аайы сбордар буолаллар. Онон биһиги саахыматчыттарбыт «Азия оҕолоругар» ситиһиилээхтик кытталларыгар эрэнэбин. Састаап сүрүннээн билиннэ. Сүүмэрдээһин эҥин буолла. Итини барытын хамаанда кылаабынай тренерэ Роман Владимирович Ганжуров салайар.
Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.
Досье:
Дмитрий Захарович Егоров. 1980 сыллаахха төрөөбүтэ. Республикатааҕы Саахымат, дуобат киинин инструктора. Саха сирин физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна.
“Азия оҕолоро” бастакы оонньууга иккис миэстэлээх (1996 с.).
Саха сирин саахымакка алта төгүллээх чемпиона. ФИДЕ маастара. Кэргэннээх, икки уоллаах.