«Азия оҕолоро-2024»: Ханнык хамаанда төһө мэтээллэннэ?
«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньууга 24 тас дойду уонна Россия 5 регионун хамаандалара спорт 24 көрүҥэр күрэхтэһэллэр.
Хаһан баҕарар буоларыныы, оонньуу түмүгүнэн ханнык хамаанда төһө мэтээли ыларыгар күрэстэһии буолар. Ол үгэс маннык хамаанданан күрэхтэһиигэ билигин даҕаны салҕанар.
Оонньуу иккис күнүн түмүгүнэн самбоҕа уонна тхэквондоҕа мэтээллэр оонньоннулар. Онуоха, син бастакы күҥҥэ курдук, Узбекистан спортсменнара инники иһэллэр.
Хамаандаларынан мэтээллэр:
- Узбекистан – 4 кыһыл көмүс, 4 үрүҥ көмүс, 6 боруонса = 14 мэтээл
- Казахстан – 1 кыһыл көмүс, 8 боруонса = 9 мэтээл
- Сибиирдээҕи ФУо – 2 үрүҥ көмүс, 1 үрүҥ көмүс, 4 боруонса = 7 мэтээл
- Дальнай Восток – 4 кыһыл көмүс, 2 боруонса = 6 мэтээл
- Ураллааҕы ФУо – 2 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс, 2 боруонса = 6 мэтээл
- Монголия – 2 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ көмүс, 2 боруонса = 5 мэтээл
- Беларусь – 1 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс, 1 боруонса = 4 мэтээл
- Азербайджан – 1 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ көмүс, 2 боруонса = 4 мэтээл
- Саха сирэ-1 – 4 боруонса = 4 мэтээл
- Москва – 1 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ көмүс, 1 боруонса = 3 мэтээл
- Кыргызстан – 3 үрүҥ көмүс = 3 мэтээл
- Таиланд – 2 боруонса = 2 мэтээл
- Саха сирэ-2 – 1 үрүҥ көмүс = 1 мэтээл.
“Дьулурҕан”.