Үһүс кыһыл көмүс мэтээли Виктория Татаринцева аҕалла
“Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуу тхэквондоҕа күрэхтэһиитэ икки күн устата “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаһыгар ыытыллан түмүктэннэ. Саха сирин хамаандата спорт бу көрүҥэр үс мэтээллэннэ.
Ол курдук, бастакы күн 63-тэн үөһэ кг Наталья Лазарева үһүс бириистээх миэстэҕэ тахсыбыта. Онтон күрэхтэһии иккис күнүгэр Максим Гавришев 73-тэн үөһэ киилэҕэ боруонса мэтээли ылла. Ол эрээри, ордук үөрдүбүт киһинэн Виктория Татаринцева (тренерэ Яков Гаврильев) буолла.
Кини 44 киилэҕэ кыайыылаах аатын ким ыларын быһаарсар бүтэһик киирсиигэ Виктория Беляеваны (Дальнай Восток федеральнай уокуруга) баһыйа тутан, бастакы миэстэни эрэллээхтик ылла. Итинэн Татаринцева Саха сирин хамаандатыгар үһүс кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Онон оонньуу үһүс күнүгэр хамаандабыт кыттааччылара дьэ төлө биэрдилэр. Муус хамсаата! Мантан инньэ атын да көрүҥнэргэ эдэр спортсменнарбыт ситиһиилээхтик кытталларыгар эрэл улахан.
Онтон бүгүн биһиги, Саха сирин хамаандатыгар кыһыл көмүс мэтээллэри аҕалбыт мадьынылар Тимир Луковцевы, Александр Захаровы, тхэквондист Виктория Татаринцеваны уонна кинилэр тренердэрин эҕэрдэлиибит! “Азия оҕолоруттан” кынаттанан спорка өссө элбэх кыайыыны-хотууну ситиһэллэригэр баҕарабыт.
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна видеоҕа уһулуута.