Сонуннар

Кыайыы күнүн көҥүл тустуута, халбас харата-хапсаҕайа!

Кыайыы 79 сылын көрсө билиилээх общественнай деятель Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн, Улуу Кыайыы күнүгэр, Аҕа Дойду сэриитигэр кыттыбыт буойуттар бириистэригэр Илин эҥэрдээҕи оҕолорго көҥүл тустуу күрэхтэһиитэ буолан ааста.

Бу күрэхтэһии аан маҥнай 1989 сылга Мүрү оскуолаларын икки ардыларыгар ыытыллыбыта. Бастакы тэрийээччилэринэн Уус Алдан улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Николай Ефремович Аммосов уонна Мария Егоровна Фомина буолбуттара. Салгыы 2002 сылтан үгэскэ кубулуйбут тэрээһин силигин ситэн, Илин эҥэр улуустарын оскуолаларын икки ардыгар ыытыллар буолбута. 2004 сылтан Бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Иван Семёнович Калининскай уонна Мария Егоровна Фомина үрдүк таһымнаахтык тэрийбиттэрэ. 2021 сылтан Олег Фёдорович Фёдоров уонна Мария Егоровна Фомина үгэс буолбут күрэх таһымын түһэрбэккэ, иилээн-саҕалаан ыыталлар. Ити сылларга Уус Алдан улууһун успуордун отделын бэрэсэдээтэлинэн Давыдов Константин Васильевич үлэлээбитэ, күүс-көмө буолбута.

Быйылгы күрэхтэһиигэ 112 оҕо күөн көрүстэ, күрэс былдьаста. Чурапчыттан 28, Мэҥэ Хаҥаластан -10, Өймөкөөнтөн – 5 оҕо кэллилэр. Ону таһынан улуус оскуолалара: Суотту, Танда, Сыырдаах, Мындааба, Мүрү №1, №2 орто оскуолалара, “Уолан” гимназия үөрэнээччилэрэ күөн көрүстүлэр. Бирииһи туруордулар: Уус Алдан улууһун Аҕа Дойду сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэрин дьиэ кэргэттэрэ,ону таһынан билигин ыытылла турар Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара.

Маны таһынан халбас харата хапсаҕайга абсолютнай күрэхтэһии ыытылынна. Бирииһи Уус Алдан Хапсаҕайын Федерацията Наум Наумович Ермолаев, Савва Петрович Алексеев туруордулар. Хапсаҕай муҥутуур кыайыылааҕынан Чурапчы улууһуттан Владимир Басов таҕыста. Бу күрэхтэһиигэ бэйэлэрин кэмнэригэр Арыйаан Тютрин, Виктор Рассадин, Егор Пономарёв, Ньургун Скрябин уо.д.а биллэр спортсменнар кытта сылдьыбыттара.

Күрэхтэһии кыайыылаахтарынан буоллулар: 30 кг – Данил Егоров (Өймөкөөн), 32 кг – Егор Старостин (Бороҕон), 35 кг – Женя Колодезников (Суотту), 38 кг – Ярик Баньков (Мэҥэ Хаҥалас), 41 кг – Андрей Макеев (Мындааба), 45 кг – Валентин Яковлев (Чурапчы), 48 кг – Николай Алексеев (Мындааба), 51 кг – Саша Соломонов, 55 кг – Толя Николаев, 60 кг – Виталий Мордовской (үһүөн – Чурапчы), 65 кг – Айкар Макаров (Мэҥэ Хаҥалас), 71 кг – Василий Винокуров (Өймөкөөн), 82 кг – Владимир Басов (Чурапчы).

Түгэнинэн туһанан, тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит Уус Алдан култууратын отделыгар, Улуустааҕы оҕо библиотекатыгар, Аан дойдутааҕы «Азия оҕолорун» спортивнай оонньууларын тиэмэтигэр быыстапка туруорбут коллекционер Анна Михайловна Фёдороваҕа, Уус Алдан успуордун отделыгар, үөрэҕин управлениятыгар, бирииһи туруорбут, өйөөбүт буойуттар, бэтэрээннэр дьиэ кэргэттэригэр.

Эһиил Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылыгар өссө күүстээх, үрдүк тэрээһиннээх күрэхтэһии күүтэр. Ким да умнуллубат! Туох да умнуллубат!

Виктор ПОРТНЯГИН.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242832
Бүгүн : 222