Көбүөргэ – аҕам саастаах бөҕөстөрбүт
Ыам ыйын 28-31 күннэригэр Смоленскай куорат «Юбилейнай» Спорка дыбарыаһыгар көбүөр маастардарыгар көҥүл уонна гректии-римнии тустууларга Арассыыйа аһаҕас чөмпүйэнээтэ ыытыллар.
Түһүлгэҕэ Арассыыйа бастыҥ бөҕөстөрүн тэҥэ, омук дойдуларын спортсменнара эмиэ күөн көрсүөхтэрэ. Бу күрэхтэһии түмүгүнэн, аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттар хамаанда састааба талыллыа.
Чөмпүйэнээккэ Саха сириттэн 15 бөҕөс кыттар. Ол курдук, көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастардара Семен Соркомов, Ефрем Ефремов, спорт маастардара Прокопий Петров, Алексей Николаев, Вадим Данилов, спорт маастарыгар кандидаттар Валентин Хомутовскай, Айаал Иванов, Александр Румин, Иннокентий Данилов, Николай Баттахов итиэннэ бастакы разрядтаах Тимур Андреев, Николай Иванов, Алексей Михайлов, Петр Осипов, Валериан Неустроев күүстэрин холоһуохтара.
Санатан эттэххэ, бөҕөстөр – саастарынан араарыллыбыт сэттэ бөлөххө ким күүстээҕин быһаарсыахтара.
Аҕам саастаах бөҕөстөрбүтүгэр ситиһиилэри баҕарабыт.
«Дьулурҕан».