“Дьулурҕанныын” бииргэ буолуҥ!
Саха сиригэр спорт туһунан сырдатар соҕотох “Дьулурҕан” хаһыат республикатааҕы “Забота-Арчы” хаһыат иһинэн сыһыарыы быһыытынан бэчээттэнэн тахсар.
“Дьулурҕан” интернет ситимигэр бэйэтэ анал сайтаах. Кумааҕы хаһыакка сүрүннээн – санаа атастаһыыта, дьүүллэһии, ырытыһыы, сынньалаҥҥа уура сылдьан ааҕыллар үйэлээх матырыйааллар бэчээттэнэр эбит буоллахтарына, сайтка күннэтэ туох баар сонуннар, хаартыскалар, видеолар тиһиллэн иһэллэр.
Онон эһигини, “Дьулурҕан” сайтын күннэтэ киирэн көрөргүтүгэр, сыаналыыргытыгар ыҥырабыт. http://dzulurgan.ru
Итиэннэ туспа Ютуб каналлаахпыт https://www.youtube.com/@Dzulurgan/videos Онно араас күрэхтэһиилэртэн түгэннэри, интервьюлары, видеонан архыып матырыйаалларын көрүөххүтүн сөп.
Өссө Телеграмҥа, “Дьулурҕан” канала t.me/dzulurgan үлэлиир. Онно сүрүннээн суһал сонуннар, биллэриилэр тахсаллар.
Ити курдук, социальнай ситимнэртэн өссө ВКонтакте туспа страницалаахпыт. Итиннэ барытыгар тус-туспа сонуну-нуомаһы таһаарарга, биллиилээх ааптардары кыттыһыннарарга дьулуһабыт. Онон сонуну киэҥник тарҕатар средстволар билиҥҥи күрэстэһиилээх кэмнэригэр “Дьулурҕан” бэйэтэ хаһыаттаах, сайтаах, ютубка уонна телеграмҥа туспа каналлаах – спорт туһунан күннэтэ сырдатар туспа медиа-эйгэ буолла.
Спорду таптааччылары, биһиги хаһыаппытыгар, анал таһаарыыларбытыгар суруттараргытыгар, спорт сонуннарын көтүппэккэ ааҕа-билэ сылдьаргытыгар уонна биһиги ыытар үлэбитигэр көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!
“Дьулурҕаны” кытта доҕордоһуҥ! “Дьулурҕанныын” бииргэ буолуҥ! “Дьулурҕанныын” олоххо тэҥҥэ хаамсыҥ!
“Дьулурҕан”.