Чулуу дьоммут аатын үйэтитии үлэтэ сөҕүрүйбэтиҥ
Дьокуускай. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2 №-дээх дьиэтин мунньахтыыр саалатыгар Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Кэрэ бэлиэ тэрээһини Саха сирин физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай иилээн-саҕалаан ыытта. Инники суруйууларга сырдаппыппыт курдук, биһиги чулуу киһибит Николай Николаевич Тарскайы, саха спордун аҕатынан билинэр, сүдү талааныгар, ыыппыт үлэтигэр сүгүрүйэр, үтүө аатын кэриэстиир, этэргэ дылы кини бары көҕүлээһинин, тэрийиитин ылынар дьон бу кэрэ бэлиэ түгэҥҥэ көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка министрэ Леонид Спиридонов, Уус Алдан улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Илья Артамонов, Н.Н. Тарскай орто уола Александр Тарскай, Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскай, уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Кинилэр, Николай Николаевич хайдах курдук тэрийэр талааннааҕын, биир санаалаахтарын мунньан улахан хамсааһыны оҥорбутун сөҕөн-махтайан, чахчы даҕаны бэйэтин кэмигэр физическэй култуура, успуорт сайдыытыгар элбэх саҥаны, сонуну киллэрбит салайааччы буоларын киэн туттан туран эттилэр.
Саха сиригэр физическэй култуура уонна успуорт сайдыытыгар умнуллубат үтүөлээх Н.Н. Тарскай төрөөбүт күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Арассыыйа физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Алексеев, аатырбыт ырыаһыт уонна мелодист, спорт бэтэрээнэ Аркадий Алексеев, Саха сирин спорка Албан аатын түмэлин салайааччыта Михаил Друзьянов, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет физическэй култуураҕа уонна успуорка институтун ректора Николай Гоголев, Уус Алдан улууһун баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт Иннокентий Васильевич Бочкарев бэйэлэрин ахтыыларын оҥордулар.
Тэрээһин силигин биллиилээх ырыаһыттар Анастасия Готовцева уонна Владимир Заболоцкай сахалыы ылбаҕай ырыанан ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Спорт эйгэтэ мэтээл аргыстаах
Арассыыйа физическэй култуураҕа уонна успуорка үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1977-1986 сс. Саха сирин успуордун тэрилтэтин салайбыт Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Афанасий Егорович Алексеев, саха чаҕылхай уола, успуорт талааннаах салайааччыта Н.Н. Тарскай аата саха тыллаах баарын тухары ааттана туруоҕа, кини оҥорбут дьыалата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа диэн этэн баран, саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт «Николай Тарскай» диэн кинигэни хомуйан оҥорооччуларга: Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, оҕону олоҥхоҕо уһуйуу маастар-педагога Наталья Иннокентьевна Мордовскаяҕа уонна «Дьулурҕан» хаһыат эрэдээктэрэ, Саха Бэчээтин туйгуна Петр Семенович Павловка – бэйэтэ анаан сакаастаан оҥотторбут мэтээллэрин үөрдэ-көтүтэ кэтэрдиитэ, соһуччу үөрүүлээх буолла.
Мэтээллэр кэннилэригэр «Спорт уһулуччулаах тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай туһунан бэртээхэй кинигэни бэлэмнээн таһаарбыккытынан» диэн анал суруктаах.
Тарскай илии баттааһыннаах грамоталар
Аатырбыт ырыаһыт, биллиилээх мелодист, үрдүк көрдөрүүлэрдээх спортсмен, тыа сирин спордун салайааччытынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьыбыт сахалар улаханнык ытыктыыр киһибит Аркадий Михайлович Алексеев бу бэлиэ күҥҥэ, Н.Н. Тарскайтан ылбыт наҕараадаларын – грамоталарын, дипломнарын уонна сэдэх хаартыскаларын аҕалан көрдөрөн, кэпсээн, мустубут дьон сэҥээриилэрин ылла.
Аркадий Михайлович успуорт эйгэтигэр үлэлээбит киһи быһыытынан, бэйэтин санааларын эттэ. Ол курдук, ханнык баҕарар норуот киэн туттар киһилээх буолуохтаах диэн туран, биһиги, сахалар оннук, тумус туттар дьоруойдаах буолуохтаахпытын ыйда. Оннук дьоммутун умнууга хаалларбакка, кинилэр ааттарын үйэтитиигэ күүскэ үлэлэһэргэ эттэ. Холобур, көҥүл тустууга сахалартан бастакынан уолаттарга Сойуус чөмпүйүөнүнэн буолбут Вячеслав Карпов аатынан күрэхтэһии тэриллэн иһэн уостан хаалбытын сөргүтэргэ санатта. Салгыы кини өрөспүүбүлүкэҕэ хайыһар успуордун киэҥник тэнитэн ыытарга ыҥырда.
«Николай Тарскай» саҥа кинигэ
Үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу кинигэ – Н.Н. Тарскай туһунан төрдүс кинигэ. Бу иннинэ икки дьоҕус кинигэ: «Үтүө аата умнуллубат» (В.П. Кочнев) уонна «Талааннаах тэрийээччи этэ» (П.С. Павлов) – 1994 сыллаахха Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 70 сылыгар анаан Уус Алданнааҕы типографияҕа бэчээттэнэн тахсыбыттара. Үһүс, «Николай Тарский – организатор физкультурного движения в Якутии» кинигэ В.П. Кочнев, П.С. Павлов, Н.И. Мордовская (Тарская), С.И. Черноградскай бэлэмнээһиннэринэн 2012 сыллаахха тахсыбыта.
Саҥа кинигэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын үбүлээһининэн, С.А. Новгородов аатынан «Айар» кинигэ кыһата тутан-хабан оҥорон таһаарыытынан, «Республика чулуу дьоно» сериянан өрөспүүбүлүкэтээҕи типографияҕа 1000 ахсаанынан тупсаҕай гына бэчээттэнэн таҕыста.
Кинигэни Н.Н. Тарскай аймаҕа Наталья Иннокентьевна Мордовская уонна суруналыыс Петр Семенович Павлов бэчээккэ бэлэмнээтилэр. Бу дьоһун үлэ «Айар» кинигэ кыһатын уус-уран литератураҕа эрэдээксийэтин сэбиэдиссэйэ Екатерина Дмитриевна Сивцева көрүүтүнэн-истиитинэн оҥоһуллан таҕыста.
Кинигэни «Айар» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыттан атыылаһыаххытын сөп.
Тарскай аата бастакынан ааттаныахтаах
Улуу тириэньэр Д.П. Коркин үөрэнээччитэ, көҥүл тустууга ССРС успуордун маастара, өрөспүүбүлүкэтээҕи физическэй култуура уонна успуорт түмэлин салайааччыта Михаил Егорович Друзьянов бэйэтин ахтыытыгар ааспыт үйэ 80-с сылларыгар Н.Н. Тарскай үтүө аатын хайдах курдук турууласпыттарын сиһилии кэпсээтэ.
Итиэннэ, биирдэ үлэтинэн Москваҕа тиийэ сылдьан соһуччу, Николай Тарскай «Что такое ыстанга» диэн биир балаһанан суруйан таһааттарбыт «Физкультура и спорт» сурунаалга (1954 с. 10 №-рэ) түбэһэн атыыласпытын кичээллээхтик уура сылдьан баран, Н.Н. Тарскай уолугар Александр Тарскайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Салгыы Михаил Егорович, Саха сирин успуорка устуоруйатын ахтар буоллахха, Николай Тарскай аата хаһан баҕарар кэмин-кэрдиитин быһыытынан бастакынан ахтыллыахтаах диэтэ. Кини эрэ кэнниттэн Дмитрий Коркин, Роман Дмитриев, Павел Пинигин ааттара ааттаныахтаахтарын эттэ…
Дьэ, ити курдук, Николай Николаевич Тарскай 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар уонна төрөөбүт улууһугар – Уус Алдаҥҥа үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Үбүлүөй үчүгэйдик ааста. Ол эрээри, биллиилээх чулуу дьоммут ааттарын үйэтитии үлэтэ уостан хаалбакка, күннэтэ бара, ыытылла туруохтаах. Олох салҕанар…
“Дьулурҕан”.
Петр ПАВЛОВ видеоҕа уһулуута уонна хаартыскаҕа түһэриитэ.