Айар үлэ аартыгар киллэрбитэ
Милан Матвеевич Афанасьев мин орто үөрэҕи бүтэрэн, олохпор суолбун буларбар сирдьит буолбут киһи. Кини туһунан суруйуом иннинэ хайаан даҕаны ийэм туһунан ахтыахпын баҕарабын.
Оччолорго, ааспыт үйэ 70-с сылларын оҕолоро октябренок, пионер саастарбытыгар ханнык баҕарар сэбиэскэй ыалга курдук, элбэҕи ааҕа, билэ-көрө сатыыр идэлээх этибит. Хас биирдии ыал элбэх хаһыаты, сурунаалы сурутан ааҕара. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыата “Кыым”, оройуоннааҕы “Ленинскэй тэрийээччи”, оҕолорго анаан “Бэлэм буол” хаһыаттары, “Хотугу сулус”, “Мурзилка”, “Весёлые картинки” сурунааллары сурутан ааҕарбыт.
Оо, ити хаһыаттары, сурунааллары хаһан аҕалалларын кэтэһэн да биэрэрбит. Почтаны таһааччыны – таҥара курдук көрөрбүт. Уулуссаҕа оонньуу сылдьан наар кинини кэтэһэн, хаһан почта аҕаларын манаан тахсарбыт. Оҕолор күнүнэн үллэстэн, кэлбит почтаны дьиэҕэ үөрдэ-көтүтэ сүүрдэн киллэрэрбит. Онно хаһыаты, сурунаалы таһынан кэмбиэрдээх суруктар, эбэтэр бырааһынньыктарга эҕэрдэ открыткалар элбэх буолааччылар.
Дьэ, оннук үөрүүлээх сонуну дьиэҕэ киллэрбит киһи – ол күн дьоллооҕунан ааҕыллара, сулус буолара. Аны ону остуолга тэлгэтэн, биир-биир интэриэспитинэн көрөн-ааҕан, астыныыны ыларбыт. Ырааҕы, кэскиллээҕи ыралыырбыт ханна барыай?! Оннук, ааҕыыга тапталы биһиэхэ күндү киһибит ийэбит – Екатерина Егоровна Павлова иҥэрбитэ.
Бастаан утаа, кыра сылдьан хаһыаттар уонна сурунааллар уруһуйдарын, хаартыскаларын сирийэн көрөр эбит буоллахпытына, кэлин, эмиэ ийэбит такайыытынан, аны бэйэбит кыралаан суруйарга, бэчээттэнэргэ холоммуппут. Ол үөрүүтэ – туспа. Хас кыра-улахан бооччойууҥ күн сирин көрдөҕүҥ ахсын өссө кынаттанан, сүргэҥ көтөҕүллэн суруйуоххун баҕаран иһэҕин. Ийэбит бэйэтэ оройуон хаһыатын общественнай корреспондена этэ. Ол иһин даҕаны биһиэхэ хаһыакка, уопсайынан бэчээккэ тапталы иҥэрдэҕэ. Ол хаһыаттарбытын ааҕан баран, быраҕан кэбиспэт этибит. Оҕолор, ким эрэ “Кыымы”, ким эрэ “Ленинскэй тэрийээччини”, ким “Бэлэм буолу” үллэстэн, кичэйэн хас биирдии нүөмэринэн мунньан, тиһэн иһэр этибит. Били чыыһылынньык курдук, истиэнэҕэ тоһоҕо саайан баран, онно барытын тиһэн иһэрбит. Наада буоллаҕына, хаһан баҕарар ылан ааҕарбыт.
Дьэ, ол саҕана Уус Алдан оройуонун хаһыатын редакторынан Милан Матвеевич Афанасьев үлэлиирэ. Ийэбит кини туһунан истиҥник кэпсиирэ. Хаһыаппыт редактора бэрт сэргэх киһи кэлбит, эйэҕэс, лоп бааччы саҥалаах, көхтөөх, аны ырыаһыт, оһуохайдьыт бэрдэ, олоххо активнай позициялаах диэн сырдатара.
Оччолорго мин Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэбин. Эмиэ ийэм сүбэтинэн, учуутал Татьяна Ильинична Алексеева салайар “Эдэр корреспонденнар” куруһуоктарыгар сылдьарым. Оройуон хаһыатыгар тэттик соҕустук да буоллар, оскуола сонунун суруйан ыытарым. Барыта да буолбатар, сороҕо бэчээттэнэрэ. Оччоҕуна мин, үөрүүбүттэн этэргэ дылы, харыс үрдүү түһэрим.
Оруобуна ити кэмҥэ редактор Милан Афанасьев “Ленинскэй тэрийээччигэ” корреспонденнарыгар анаан рубрика аһан үлэлэппитэ. Онно хаһыакка туох, хайдах суруллуохтааҕын, ханнык жанрдар (интервью, очерк, публицистика, репортаж…) баалларын быһааран биэрэн сырдаппыта. Ону барытын хас биирдиилэрин арааран, дьиэбэр – ийэм, оскуолаҕа – куруһуогум салайааччыта үөрэппиттэрэ, такайбыттара. Онон хас биирдии матырыйаал хайдах быһыылаахтык сурулларын эрдэттэн былааннанан оҥоһулларыгар үөрэппиттэрэ.
Биирдэ эмэ, ийэм батыһыннаран, редакцияҕа сылдьарбыт. Редакторы, суруналыыстары кытта көрүһүннэрэрэ. Өссө оччолорго редакция салайыытынан селькордар мунньахтара ыытыллара. Онно бастыҥ “Эдэр корреспонденнары” эмиэ ыҥыраллара. Оннук мунньахтарга мин хаста да сылдьыбытым. Биирдэ эдэр корреспонденнар конкурстарыгар миэстэлэһэн, редактор Милан Афанасьев илии баттааһыннаах грамотанан наҕараадаланан үөрбүтүм. Билигин санаатахха, ити барыта суруналыыс буолан үүнэн тахсарбар улахан төһүү буолбута.
Салгыы кэпсээтэххэ, маннык. Оскуоланы бүтэрэрим саҕана, инники идэни талыы толкуйугар түспүппэр, эмиэ ийэм ыйыытынан хаһыакка, суруйууга сыһыаннаах идэни талбытым. Манна сыһыары тутан суруйдахха, биир сайын юннатскай станцияҕа хас да сезону үлэлээн мунньуммут харчыбар ийэм “Смена” фотоаппарат ылан биэрбитэ. Онон аны иллэҥ кэммэр суруйууну таһынан, хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйбүтүм. Бэйэм суруйууларбын аны түһэрбит хаартыскаларбынан ситэрэн биэрэр буолбутум. Арба да, хаһыакка оҕо эрдэхпиттэн суруйарбын билэр буоланнар оскуолаҕа да, кылааска даҕаны эркин хаһыатын таһаарыыга биир эппиэттээх киһинэн сылдьыбытым.
Дьэ, итинник уһаарыллан, орто оскуоланы бүтэрбитим. Иитийэхтээн илдьэ сылдьыбыт санаабын кынат оҥостон Уфаҕа, полиграфистар училищеларыгар, фотокорреспонденнар салааларыгар барарга быһаарыммытым. Түһэрбит хаартыскаларбын, суруйууларбын мунньан анал альбом оҥостубутум уонна барыахтаах үөрэҕим ирдэбилинэн оройуонум хаһыатын редактора Милан Матвеевичка тиийэн көрдөрдүм. Онуоха Милан Матвеевич альбомум хас биирдии сирэйигэр чопчу бу Петя Павлов үлэтэ диэн бигэргэтэн бэчээт уурбута, илии баттаабыта итиэннэ училищеҕа үөрэххэ киирэргэ направление биэрбитэ. Ийэм барахсан үөрээхтээбитэ аҕай, олох да бара илик оҕото хаһыатчыт буолбутун курдук санаахтаабыта. Оннук итэҕэйээхтээбитэ. Кырдьык, барыта кини ыйбыт суолунан буолан тахсыбыта. Өссө үөрүүтүттэн, били Бороҕонтон дьөрү куоракка да элбэхтик сылдьыбатах уолун, дьиэ кэргэнинэн Уфаҕа атаарар буолбута. Ол дьоро киэһэтигэр Милан Матвеевич Афанасьевы ыалдьыт быһыытынан ыҥыран – махтал, баһыыба тылларын эппитэ.
Үөрэхпин бүтэрэн кэлэн баран, төрөөбүт оройуонум хаһыатыгар үлэлиэхтээҕим туһунан өссө эрдэттэн кэпсэтии оҥоһуллубута. Онон, редактор Милан Афанасьевы кытта Башкирияҕа үөрэнэ сылдьан, эмиэ ийэм сүбэтинэн суруйсар этим. Биир оннук суругу билиһиннэрэбин:
Петя, дорообо!
Суруккун туттум. Баһыыба. Эн ыйыппыт ыйытыыларгар эппиэттиибин.
Фотолаборатория редакцияҕа баар. Редакцияҕа “Зенит”, “Киев” диэн фотоаппараттар бааллар. Эн ыыппыт фоторепортажкын наһаа сөбүлээтибит. Үчүгэй эбит. Маладьыас. Туттуохпут. Экзаменнаргын кытаат, практикаҕа кэллэххинэ, үлэ бөҕө күүтэр. Миэстэ баар. Эйигин күүтэ сылдьабыт.
Чэ, ситинник, пока. М.Афанасьев, 25.03. 1983
Дьэ, онон мин балтараа сыл Башкирия киин куоратыгар – Уфаҕа полиграфистар училищеларыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн, фотокорреспондент идэтин ылбытым. Бу үөрэх кыһатыгар мин иннибинэ билэр, ытыктыыр биир идэлээхтэрим, убайдарым кэриэтэ күндүтүк саныыр дьонум Петр Оконешников, Александр Бочкарев үөрэммиттэр эбит. Онон көрүстэхпитинэ, Уфа куорат, үөрэммит училищебыт, учууталларбыт тустарынан астынан ахтыһабыт.
Үөрэхпин бүтэрэн, тута икки сыл Ийэ дойдубар ытык иэспин төлөөн, Бороҕоммор төннүүбэр, Милан Матвеевиһы куоракка үлэҕэ ылбыт этилэр…
Түмүктээн эттэххэ, билигин мин – 1982 сылтан күн бүгүнүгэр диэри суруйуу, сырдатыы идэтигэр сыстан Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Саха сирин Бэчээтин туйгуна, Россия Суруналыыстарын союһун XXII съеһин делегата, хас да кинигэ ааптара, төрөөбүт Мүрүм нэһилиэгим, Уус Алданым бочуоттаах гражданиннара буолан тахсарбар бастакы олугу охсубут киһинэн – маҥнайгы редакторбын Милан Матвеевич Афанасьевы ааҕабын. Кыра оҕо эрдэхпиттэн суруйар тиэмэм спорт, чуолаан тустуу буоларын быһыытынан, онно дьүөрэлии эттэххэ, Милан Матвеевич бастакы тренерим. Онон мин туох баар ситиһиим – кини ситиһиитэ, үөрүүтэ, киэн туттуута.
Тренер диэбиккэ дылы, Милан Афанасьев эдэр эрдэҕинэ трико, борцовка кэтэн, тустуу көбүөрүгэр күүһүн холоһон, спорт бу көрүҥүнэн үлүһүйэн дьарыктаммытын кэнники билбитим. Аатырбыт Сунтаар тустууга кыһатын биир иитиллээччитэ. Ол туһунан тоҕо эрэ бэйэтэ ыһа-тоҕо кэпсээбэт. Сэдэх хаартыскалартан көрөн билбитим.
Биир үөрүүлээх түгэнинэн, идэбинэн Дьокуускайга үлэлии кэлэн баран, редакторбынаан бииргэ республика сүрүн хаһыатыгар – “Саха сиригэр” уонча сыл биир коллективка отделлар салайааччыларынан үлэлээбиппит буолар. Ол курдук, Милан Матвеевич – промышленность отделын, оттон мин – спорт отделын үлэлэппиппит. Наһаа даҕаны үчүгэй, иллээх, түмсүүлээх коллектив этэ. Үлэбит, командировкаларга бииргэ сылдьыыбыт таһынан араас көрсүһүүлэр, ыһыахтар, бырааһынньыктар… Онно барытыгар Милан Матвеевич ыллаан-туойан, кэпсээн-ипсээн саамай көхтөөх киһибит, дьаһайааччыбыт буолааччы. Үөрүүлээх-көтүүлээх түгэннэргэ “Тойбохойун” ис-иһиттэн сөбүлээн, бэйэтэ этэринии “хайа баҕарар балаһыанньаҕа, сытан да, олорон да, туран да” ыллыыра. Ол кэнниттэн хайаан да Эллэй эһэбит эһиэхэйин, Омоҕой баайбыт оһуохайын дьиэрэтэн кэбиһээччибит. Онно оһуохай тылын таһаарааччы, эһиэхэйдээн эҥээрээччи ким буолуой? Саамай сөп, Милан Матвеевич!
Билигин да дөрүҥ-дөрүҥ көрүстэхпитинэ уруккуну-ааспыты ахтыһан, сибээспитин быспаппыт. Ол эрээри, редакторбын, улахан киһини – Саха сирин биир биллиилээх суруналыыһын, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитин, Республика суруналыыстарын судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын, били хаһааҥҥы эрэ үөрэнээччитэ, син биир толло, ытыктыы, киэн тутта саныыбын.
Онон айар үлэ аартыгын ыйан биэрэн, суолу булларбыт күндү киһибэр олоҕум тухары махтана, сүгүрүйэ саныыбын. Махтал эйиэхэ, Милан Матвеевич! Махтал, эн тыа сирин боростуой дьиэ кэргэнин уолун өйөөбүккэр, киһи-хара оҥорбуккар! Махтал, үлэ-олох киэҥ суолугар сиэтэн киллэрбиккэр! Махтал, эн бэйэҥ үөрэнээччилэргэр, эдэр биир идэлээхтэргэр аҕалыы амарах сыһыаҥҥар!
Ытыктыыр, сүгүрүйэр киһим Милан Матвеевич, үбүлүөйдээх 75 сааскын туолбуккунан ис сүрэхтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Өссө да туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһэргэр баҕарабын. Чэгиэн-чэбдик буол! Туохха барытыгар көхтөөх майгыгар, өрүү сүбэлии-амалыы, билсэ сылдьар кыһамньыгар махтанабын.
Петр ПАВЛОВ, “Дьулурҕан” хаһыат редактора.