Аҕам саастаахтар көмүс дуйдаах мэтээллэрэ
Екатеринбург куоракка Россия спордун министерствотыгар ресгистрацияламмыт IPF пауэрлифтиҥҥэ федерацията көҕүлээһининэн ыытыллыбыт Россия чемпионата түмүктэнэн эрэр. Бу күннэргэ саха саарыннара үрдүк ситиһиилээхтик кытыннылар.
Күрэхтэһии бастакы күнүгэр 105 киилэҕэ бэтэрээннэргэ 60-69 саастаахтарга Хаҥалас Хахайа – Антон Адамов чаҕылҕайдык бастаан туран, эбиитин штанганы өрө тардыыга 251 киилэни кыайа тутан, 2015 сылга олохтоммут рекоду тупсарда!
Иккис күн “Сталь” фитнес кулууб салайааччыта Вячеслав Быковников хамаанданы иилээн-саҕалаан, бэлэмнээн илдьэ сылдьан, 105 киилэҕэ 40-50 саастаахтарга кыттан эрэллээхтик бастаата.
Үһүс күн спорт маастара Виктория Макарова 63 киилэҕэ, 40-50 саастаахтарга кыайыыга дьулуурун көрдөрөн туран бастаата.
Төрдүс күн 71 саастаах Александр Скрыбыкин помостка тахсыыта кыттааччылар уонна көрөөччүлэр сөҕөр-махтайар убаастыбалларын биллэрэр ньиргиэрдэринэн доҕуһуолланна. Штанганы өрө тардыыга аатырбыт саха бэтэрээнэ иккис төхтөрүйүүтүгэр 216 киилэни кыайа тутан, Россия рекордун уруй-айхал ортотугар тупсарда!
Ити курдук саха дьонугар өтөрүнэн кэлбэтэх көмүс дуйдаах мэтээллэри аҕам саастаах спортсменнарбыт дойдуларыгар илдьэ кэлэн, спорду сэҥээрээччилэри биллэрдик сэргэхситтилэр. Күрэхтэһии салгыы бара турар, иһитиннэриилэри биэрэ туруохпут.
Руслан Ефремов.