Сонуннар

Аҕам саастаах бөҕөстөр ситиһиилэрэ

Смоленскай куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа көҥүл тустууга аҕам саастаахтарга аһаҕас чөмпүйэнээтигэр Саха сирин хамаандата үрдүк ситиһиилэннэ. Ол курдук, бөҕөстөрбүт барыта алта кыһыл көмүс, үс үрүҥ көмүс, түөрт боруонса мэтээллэри ылары ситистилэр.

Чөмпүйэнээт буоларын курдук, саастарынан араарыллыбыт бөлөхтөрүнэн (дивизионнарынан) ыытылынна. Түмүккэ, Тимур Андреев (А дивизион, 62 кг), Семен Соркомов (Д дивизион, 62 кг), Александр Румин (Е дивизион, 100 кг), Алексей Николаев (Е дивизион, 130 кг), Петр Осипов (Д дивизион, 78 кг), Иннокентий Данилов (Ф дивизион, 78 кг) – бары кыһыл көмүс, Николай Иванов (С дивизион, 70 кг), Айаал Иванов (С дивизион, 88 кг), Алексей Михайлов (Д дивизион, 88 кг) – үрүҥ көмүс, Прокопий Петров (В дивизион, 78 кг), Николай Баттахов (Ф дивизион, 100 кг), Валериан Неустроев (Ф дивизион, 70 кг), Ефрем Ефремов (Ф дивизион, 70 кг) – боруонса мэтээллэр хаһаайыннарынан буоллулар.

Дивизионнар саастарын быһаардахха маннык: «А» (35-40), «В» (41-45), «С» (46-50), «Д» (51-56), «Е» (56-60), «F» (61-тэн үөһэ).

Түһүлгэ түмүгүнэн бу бөҕөстөр Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, быйыл күһүн алтынньы ыйга Хорватияҕа ыытыллар бэтэрээннэргэ аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттар кыахтаннылар.

Аҕам саастаах бөҕөстөрбүт бу үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит! Бу да түгэн, Саха сирэ тустуулаах өрөспүүбүлүкэ буоларын итэҕэтэр диэххэ сөп. Эдэрдии эрчимнээх, кырдьары билиммэт боотурдар кыайыылара-хотуулара атыттарга үтүө холобур буоллун.

«Дьулурҕан».  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

218114
Бүгүн : 274