Сонуннар

Саахымат: XXII төгүлүн ыытылынна

Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тумул сэлиэнньэтигэр тыыл, үлэ уонна спорт бэтэрээнэ, чэкиистэр Дэһээккин уонна Петров бириистэригэр күрэхтэһии, Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы култуура эстафетатын элбэх төгүллээх кыайыылааҕа Анастасия Егоровна Максимова сырдык кэриэһигэр аналлаах үгэскэ кубулуйбут саахымакка XXII өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолан ааста.

Күрэхтэһиигэ Саха сирин араас улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, Хатастан барыта 132 саахыматчыт кытынна, итинтэн 88-һа оскуола оҕото.

Күрэхтэһии саастарынан арааран оскуола оҕолорун ортотугар 6 бөлөҕүнэн, оттон улахан дьоҥҥо 4 бөлөҕүнэн ыытылынна. Онон хабыыта киэҥ, бирииһэ да элбэх буолла. Күрэх сүрүн уратытынан хас бөлөх аайы үрдүкү миэстэлэри былдьаһыан сөптөөх тэҥ оонньуулаах саахыматчыттар бааллара, күрэхтэһии тыҥааһынын өссө сытыырхатта, турнир бүтүөр диэри илин-кэлин түсүһүү бөҕө буолла. Ити хас биирдии партия олус хатыһыылаахтык барбытын кэрэһилиир.

Ол курдук, бэтэрээннэр ортолоругар Дьокуускайтан сылдьар 81 саастаах өрөспүүбүлүкэ биллэр саахыматчыта Жу Александр Васильевич уонна Майаттан саахымат федерациятын толорор дириэктэрэ Цыпандин Павел Ионович түмүгэр таблицаҕа очукуолара эргиччи тэҥнэһэн, эбии партияны оонньуурга күһэлиннилэр. Онуоха Цыпандин П.И. хотон иккис миэстэҕэ таҕыста. Оҕолорго эмиэ уһулуччу чорбойооччу суох буолла, бастаабыттар да, бириистээх миэстэлээхтэр да кыайтарыылаах, эбэтэр тэҥнэһиилээх турниры түмүктээтилэр. Эр дьоҥҥо тэҥ састаап түмүстэ, түмүккэ Дьокуускайтан сылдьар өрөспүүбүлүкэ күүстээх оонньооччулара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү лигатын чемпионатын араас кэмҥэ кыттыылаахтара Капитонов Н.И., Местников С.В. бириистээх миэстэлэргэ киирбэтэхтэрэ, турнир таһымын туһунан элбэҕи этэр.

Оҕолорго ордук элбэх кыттааччы Хаҥалас улууһуттан кэлбит (26 орто оскуола үөрэнээччилэрэ), онон хаачыстыбалара да ордук буолла – 6 бириистээх миэстэни ыллылар, ол иһигэр 2 чөмпүйүөн, 3 иккис миэстэ, 1 үһүс миэстэ.

Кэнники кэмҥэ хаҥаластар саахымакка оҕолор ортолоругар өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр ситиһиилэнэн эрэллэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Онуоха саахыматы бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн үбүнэн да, дьыаланан да, холобурдарынан да өйүүр меценаттары, энтузиастары Ю.Д. Яковлевы, Р.Д. Кононовы киэн туттан ааттыыбыт. Уонна Мохсоҕоллооххо тренеринэн саҥа үлэлээн эрэр бэтэрээн саахыматчыт Васильев Р.Н. дьарыктыыр оҕолоро өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бэркэ оонньоон эрэллэр. Бу күрэхтэһиигэ Роман Николаевич иитиллээччилэриттэн 1 бастакы уонна 2 иккис миэстэлэри ыллылар.

Үчүгэй түмүгү Уус Алдан оскуолаларын оҕолоро көрдөрдүлэр, 13 саахыматчыт кыттыбытыттан, биир чөмпүйүөннээхтэр уонна 3 бириистээх миэстэлээхтэр. 16 оҕо Чурапчы араас нэһилиэктэрин оскуолаларыттан кэлэн кытыннылар, бу Чурапчы улууһугар саахымакка болҕомто ууруллан эрэрин туоһулуур (1 чөмпүйүөннээхтэр уонна 1  бириистээх миэстэлээхтэр), урукку кэмнэргэ бэрт аҕыйах оҕо кыттар буолара. Дьокуускай куораттан 3 оҕо кыттынна уонна бары бириистээх миэстэҕэ киирдэ (2 чөмпүйүөн, 1 үһүс миэстэ), онуоха эмиэ саҥа саҕалаан эрэр тренер Капитонов Н.И. үлэтин хайгыыбыт, инникитин Николай тиһиктээхтик үлэлээтэҕинэ, тренер быһыытынан үрдүк кирбиилэри ылыан сөп эбит диэн бэлиэтиибит.

22 сыл устата кэтээн көрүүбэр, урут кыра саастаах оскуола оҕолоругар (2012 с.т.) кыттааччы наһаа элбэҕэ суох буоллаҕына, билигин, төттөрүтүн, 15-16 саастарыттан аҕа саастаах оҕолор ахсааннара аҕыйаан иһэр. Холобур, быйыл улахан оҕолор бөлөхтөрүгэр 16 саастарыттан үөһэлэргэ 13 эрэ оҕо кытынна, кыргыттарга соҕотох кыттааччы Хаҥалас Дьөппөнүттэн кэлбит. Онон, оҕолору 5-6 саастарыттан саахымакка тардыы көстүүтэ баар курдук эрээри, дьэ, саахымат ымпыгын-чымпыгын өйдүүр, маастарыстыбаларын чочуйар кэмнэригэр дьарыктаныан баҕалаах оҕо аҕыйыыр эбит. Ити тугу этэрий?

Биллэн турар, билигин аныгы оҕо интэриэһэ кэҥээн, олох араас эйгэтэ, араас таһымнаах, хабааннаах дьарык көрүҥэ элбээн, оҕолор атын эйгэҕэ бараллар. Аны үрдүкү кылаастарга таҕыстахтарына, төрөппүттэр, учууталлар оҕону дьоҕуруттан көрөн, инникитин санаан уонна олоххо бэйэтин миэстэтин булларар санааттан, оҕолору анал идэҕэ туһулууллар. Ити эмиэ сөп. Ол гынан баран, саахымат дьарыга эмиэ элбэх идэлэртэн биирдэстэрэ ээ, саахымат оҕону дириҥник тиһэҕэр тиийэ, тулуйан-тэһийэн олорон толкуйдуурга, ырытарга үөрэтэр уонна ити үөрүйэҕи кини олоҕун устатын тухары туһанар, ханнык баҕарар ыарахан, ыксаллаах түбэлтэҕэ биир сүрүн уонна сөптөөх быһаарыыны ылынарга көмөлөһөр.

Мин билэрбинэн, саахымакка ситиһиилээх дьон, олох бары эйгэтигэр элбэҕи, үрдүгү ситиһэллэр. Холобур, аан дойду чөмпүйүөннэрэ Эммануил Ласкер (Эйнштейны кытта чугастык билсэллэр этэ диэн суруйаллар), Макс Эйве, гроссмейстер Джон Нанн математикаҕа биллэр арыйыылары оҥорбуттара, Михаил Ботвинник электроника доктора, кибернетикаҕа, саахымакка компьютеры киллэрэргэ бастакы хардыылары оҥорбут учуонай, ХХ үйэ ортолорун диэки саахымакка таһаарыылаахтык оонньообут гроссмейстер Самуэль Решевскайы аатырбыт бухгалтер дииллэр. Дьиҥинэн, кини билигин биһиги олохпутугар саҥа бигэтик киирэн эрэр өйдөбүллэринэн “Инвестиционнай уонна страховой  аналитик” диэнинэн киэҥник биллибит.

Аан дойду чөмпүйүөнэ В.А. Карпов – бизнесмен, судаарыстыбаннай деятель, РФ Госдууматын дьокутаата о.д.а., саахыматы таптааччылартан, тарҕатааччылартан ыллахха, К.Н. Илюмжинов – төрөөбүт дойдута Калмыкия сайдарын туһугар Президент быһыытынан олус элбэҕи оҥорбута, Саахымат аан дойдутааҕы федерациятын салайбыта, А.В. Дворкович, политическай уонна судаарыстыбаннай деятель, РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта этэ, билигин Саахымат аан дойдутааҕы федерациятын ситиһиилээхтик салайа сылдьар. Кини аҕата В.Я. Дворкович, сэбиэскэй саахыматчыт, норуоттар икки ардыларынааҕы шахматнай арбитр, саахыматы тэрийээччи этэ. Саха сириттэн саахымакка норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах соҕотох маастар С.Н. Николаев биллэр бизнесмен, саахыматы өйөөччү меценат этэ (званиетын 1990 с. Нови-Сад куоракка (Югославия) ФИДЕ Генеральнай ассамблеятыгар иҥэрбиттэрэ).

Сахаттан бастакы саахымат маастара Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх М.К. Афанасьев, 7 төгүллээх өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, кини оччотооҕу кэмҥэ сэдэхтик көстөр геодезист идэлээҕэ, кэлин саахымат тренеринэн, тэрийээччитинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини убайа В.К. Афанасьев, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Саха сирин 4 төгүллээх чөмпүйүөнэ. Биир Саха сирин историятыгар киирбит саахыматчытынан суруйааччы, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Ф.П. Ефимов буолар. Кини Саха сирин судаарыстыбаннаһын турууласпыт уонна олохтоспут 1920-30-с сыллардааҕы салайааччыбыт, репрессияламмыт П.А. Ойуунускай айымньыларын типографскай оттискатын сойуолаһыы кэмигэр кистээн хаалларан, кэлин бар дьон киэҥ билиитигэр таһаарбыт үтүөлээх киһинэн буолар.

Саха дьонун саахымакка легендата, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх үлэһитэ, Саахымакка ССРС спордун маастара, Россия “Урожай” уопсастыбатын, Уһук Илиҥҥи уокурук хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ М.Т. Таппыров үгүс сылларга история учууталынан үлэлээбитэ. Кини уола В.Т. Таппыров саахымакка ФИДЕ маастара, Россия, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин чөмпүйүөннэрин Ньургуйаана Баишеваны, Евдокия Избекованы, Денис Назаровы иитэн таһаарбыт биллэр тренер…

Онон, саахыматынан дьарыктанан олохторугар үрдүк кирбиилэри ситиспит дьоммут элбэхтэр. Мин санаабар, саахымат олус сайдан, аныгы технологиялар киирэннэр, үрдүк таһымҥа тахсыбыт оонньооччуларын саастара наһаа эдэр буолла. Ол иһин саахыматы тэрийээччилэртэн, тренердэртэн оҕолору кыра саастарыттан элбэхтэ күрэхтэһиннэрэн, соҕуруу куораттарга буолар үрдүк таһымнаах турнирдарга кытыннаран, 12-13 саастарыгар маастар нуорматын толороллоругар туһаайыллыбыт үлэ ирдэнэр. Оччоҕо эрэ эдэр көлүөнэлэр саахыматтан барбакка, тиһиктээхтик дьарыктанан, өссө үрдүк ситиһиилэргэ талаһыахтара этэ. Кинилэр холобурдарыгар тардыһан, саахыматы таптааччы, саахыматынан дьарыктанааччы ыччат элбээн, нэһилиэнньэ ортотугар саахымат маассабаһа кэҥээн иһиэ этэ.

Күрэхтэһиибитигэр төнүннэххэ, турнирбыт төһө да хойутуу түмүктэннэр, садуобаҕа 26 спортсмен суруттаран сытыы киирсиилэр буоллулар. Туһааннааҕынан Н.Капитонов, В.Гаврильев (Дьокуускайтан) уонна Төҥүлүттэн М.Каплин бириистээх миэстэлэри ыллылар. Бу турнирга садуобаны аан бастаан айан күрэхтэһии ыыппыт сибидиэтэлистибэлээх ааптардар Д.Мосорин, Г.Максимов кыттыннылар да, бириистээх миэстэҕэ киирбэтилэр.

Күрэхтэһии кыайыылаахтара А.Е. Максимова сырдык мөссүөннээх грамоталарын, мэтээллэрин таһынан, уу харчынан наҕараадаланнылар. Сытыы киирсиилэри көрдөрбүт уонна ураты спортсменнар анал бириистэринэн бэлиэтэннилэр. “Аҕам саастаах саахыматчыт” бирииһинэн 81 сааһыгар сылдьар А.Е. Жу наҕараадаланна, “Бастыҥ ситиһиилээх тренер” – Мохсоҕоллоохтон Р.Н. Васильев, “Олохтоохтортон бастыҥ көрдөрүүлээх саахыматчыт” – В.Г. Максимов, “Көхтөөх кыттааччы” – бэтэрээн саахыматчыт П.М. Птицын. Оскуола оҕолоруттан анал бириистэринэн бэлиэтэннилэр: Мурунова Сардаана (Ытык Күөл 2 №-дээх орто оскуолата), Бочкарева Инесса (Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата), Макеева Сардаана (Мүрү 1 №-дээх орто оскуолата), Слепцов Миша (Хатылы орто оскуолата), Сысолятина Виктория (Ытык Күөл 2 №-дээх орто оскуолата) уонна тэрийээччилэр – Доллу нэһилиэгин көхтөөх дьоно.

Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин саахымакка федерациятын толорор дириэктэрэ В.А. Гаврильев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун саахымакка федерациятын толорор дириэктэрэ П.И. Цыпандин, Тумул спортсаалатын дириэктэрэ В.В. Васильев, күрэхтэһии сүрүн судьуйата, Саха сиригэр соҕотох Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах судьуйа С.В. Местников, Анастасия Егоровна уола академик В.П. Ларионов аатынан “Дойду ситимэ” мэҥэ хаҥаластар уопсастыбаннай түмсүүлэрин толорор дириэктэрэ Г.Г. Максимов тыл эттилэр, А.Е. Максимова туһунан ахтыы оҥордулар.

П.И. Цыпандин: “Бу сааһын тухары ыанньыксытынан үлэлээбит, ону тэҥэ бэйэтин кэтэх хаһаайыстыбатын көрөн, алта оҕону иитэн, үөрэтэн-такайан ыал оҥортообут уонна төһө да солото суох буоллар, ыарырҕаттар даҕаны, хаһан да аккаастаабакка үгүс сыл устата бэйэтин нэһилиэгин, отделениетын туһугар араас күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт уонна элбэхтик кыайыылааҕынан тахсыбыт боростуой тыа сирин үлэһитигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи маннык хабааннаах турнир ханна да ыытыллыбат диэххэ сөп. Онон биһиги бу күрэхтэһиинэн киэн туттабыт. Быйыл турнир 22-с төгүлүн ыытыллар, бу күрэхтэһиигэ 7-8 саастарыттан саҕалаан сыл аайы оонньоон маастарыстыбаларын үрдэтэн элбэх биллэр Мэҥэ Хаҥалас саахыматчыттара иитиллэн таҕыстылар, ол иһигэр билигин инники күөҥҥэ тутар спортсменнарбыт, өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Денис Назаров, спорт маастарыгар кандидат, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук чөмпүйүөнэ Миша Куприянов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр Ирина Николаева, тимир суол поеһын машиниһа Николай Сидоров о.д.а.. Онон биһиги бу күрэхтэһиини үбүнэн көмөлөһөн ыытар уонна тэрийсэр Анастасия Егоровна Максимова оҕолоругар улахан махталбытын биллэрэбит”.

Анастасия Егоровна уола Г.Г. Максимов: “Сыллата кыттааччылар ахсааннара элбээн иһэр, чуолаан, оскуола оҕолоро, онон бу элбэх сыл устата тиһиктээхтик ыытыллар үгэс буолбут турнир саҕаланыытыгар 2001 сыллаахха туруоллубут сыалын-соругун ситистэ дии саныыбын. Саахыматчыттар өрүү ыйыталаһаллар, кэтэһэллэр, көхтөөхтүк кытталлар. Итиэннэ быйыл өрөспүүбүлүкэ саахымакка федерациятын президенэ В.А. Егоров болҕомтотун ууран оҕолорго аналлаах  бирииһи үбүлээн улаханнык үөртэ, ити уһун кэмнээх сыралаах үлэбит таах хаалбатаҕын туоһута. Инникитин даҕаны саахымат салгыы сайдан иһэрин туһугар өйөбүл баар буоларыгар сүүһүнэн саахыматы таптааччылар эрэнэбит. Итиэннэ быйыл турнир түмүктэрэ Саха сирин саахыматчыттарын рейтинигэр ааҕылыннылар.

Биллэн турар, маннык элбэх кыттааччылаах турнир улахан былааннаах тэрээһини эрэйэр, онуоха мин олохтоох дьаһалтаҕа (баһылык Сивцев Н.П.), С.Н. Сивцев аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэригэр (дириэктэр Власова А.С.), Үлэ Дьоруойа Т.Г. Десяткин аатынан Тумуллааҕы орто оскуола кэлэктиибигэр (дириэктэр Десяткин С.Н.), спорду тэрийээччи В.В. Васильевка уонна сыл аайы анал бирииһи туруорар олохтоох тэрилтэлэргэ, чуолаан “Тумул” ТХПК кэлэктиибигэр (бэрэссэдээтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо Т.В.Десяткина), бэтэрээннэр сүбэлэрин бэрэссэдээтэлигэр Д.Д. Слепцовка уонна бары биир дойдулаахтарбар барҕа махталбын тиэрдэбин.

Элбэх саахыматчыт оонньуур сирин тэрийии, кинилэри спорт инвентарынан (саахыматынан, чаһынан) хааччыйыы сыл аайы ыараан иһэр. Бу кыһалҕаны сыллата өрөспүүбүлүкэтээҕи Саахымат, дуобат киинэ (СӨ саахымакка федерациятын толорор дириэктэрэ В.А. Гаврильев), Мэҥэ Хаҥалас улууһун саахымакка федерацията (бэрэссэдээтэл, СӨ Ил Түмэнин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.М. Находкин), Хаҥалас улууһун саахымакка федерацията (бэрэссэдээтэл Ю.Д. Яковлев) уонна тренердэр көмөлөрүнэн быһаарабыт, онон кинилэргэ барыларыгар махтал, саахымат сайдарын туһугар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы туруҥ. Оттон биһиги төһө кыалларынан бу ийэбит А.Е. Максимова сырдык кэриэһигэр анаммыт саахымат турнирын өйөөн, үбүлээһинигэр, тэрээһинигэр кыттыһан ыыта сатыахпыт. Сыл аайы биһиэхэ, атын да тэрийээччилэргэ, саахыматчыттарга бу күрэхтэһии кэтэһиилээх бырааһынньык курдук буолар.

Чуолаан алталаах-сэттэлээх быыкаайык саахыматчыттар уочараттаах туурга кыайдахтарына-хоттохторуна үөрэн-көтөн харахтара чоҕулуһан дьиэрэҥкэйдээн кэлэн ситиһиилэрин күрэхтэһии солбуллубат сэкирэтээригэр Т.Т. Максимоваҕа суруттараллара, онтон хоттордохторуна санаалара түһэн, хомойон хаалан баран, дьулуурдарын, тулуурдарын сыыһын түмэн, салгыы оонньоон кыайдахтарына эмиэ сэргэхсийэ түһэллэрин көрөр, кинилэр тустарыгар ыалдьар, үөрүүлэрин, хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэр бу олохпутугар биир эмиэ дьоллоох түгэн уонна саахымат сайдыытыгар өссө биир хардыы оҥоһулунна диэн астык санаа инникигэ кынаттыыр, эрэли үөскэтэр.

Анастасия Егоровна Максимова-Кривошапкина 1926 сыллаахха Таатта улууһугар Сиэллээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кинилэр  үксүн биир дойдулаахтарын кытта Көрдөрүүлээхтэрбит диэн оччотооҕу холкуос аатынан ахтыһалларын өйдүүбүн. Оччолорго ити эҥээргэ саахыматы маассабайдык оонньууллар эбит. Ол да иһин сахаттан саахымакка ССРС бастакы спордун маастара М.К. Афанасьев Чычымахтан таҕыстаҕа. А.Е. Максимова 1946 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка Доллу нэһилиэгэр кэргэн тахсан кэлэр уонна дойдутугар оонньуу үөрэммит үөрүйэҕинэн саахыматын сөргүтэн кэлин утумнаахтык күрэхтэһиилэргэ кыттар этэ. Ийэбит суох да буоллар, кини олоҕун тухары сөбүлүүр дьарыга, ситиһиилэрэ эдэр көлүөнэни өрө тарда, саахымат умсугутуулаах, муударай оонньуутугар угуйа турара барыбытыгар улахан суолталаах. Итиэннэ Анастасия Егоровна аата умнуллубакка дьонугар-сэргэтигэр өрүү ахтылла, өйдөнө сылдьар буолан, кини биһиги сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүү тыыннаах…”.

М.НИКОЛАЕВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253176
Бүгүн : 34