Одинцово-2024: Яков Павлов финал аҥарыгар таҕыста
Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, Россия көҥүл тустууга чемпионатын бастакы күнүгэр эр дьоҥҥо 61 уонна 92 кг ыйааһыннаахтар күрэхтэһиини саҕалаабыттара.
Онуоха 61 киилэҕэ Оренбург чиэһин көмүскүүр Томпо улууһун ыччата Яков Павлов үчүгэй тустууну көрдөрөн, финал аҥарыгар таҕыста. Кини утуу-субуу Бутуевы (Чечня) 10:0, Умаровы (Дагестан) 5:4, Исраиловы (Дагестан) 6:1 уонна Жильясовы (КБР-Оренбург) 4:0 ахсааннарынан эрэллээхтик кыайталаата.
Финалга тахсар иһин тустууга Яков эдэрдэргэ аан дойду чемпиона, Россия чемпионатын призера дагестанец Башир Магомедовы кытта тустуоҕа.
Бу күн иккис киһибит – Ньургун Сергин (92 кг) финал чиэппэригэр сүрдээх тыҥааһыннаах хапсыһыыга Пшеничниковка (Кемерово) хотторон кэбистэ.
Финалга тахсар иһин тустуохтара:
61 кг: Яков Павлов (Оренбург) – Башир Магомедов (Дагестан), Заур Угуев (Дагестан) – Тамерлан Караев (Ставрополь).
92 кг: Константин Пшеничников (Кемерово) – Асхаб Саадулаев (Дагестан), Алан Багаев (ХМАО) – Гаджимагомед Нажмудинов (Москва).
Финалга тахсар иһин хапсыһыылар Дьокуускай бириэмэтинэн түүн 00:00 саҕаланаллар.
«Дьулурҕан».