Сонуннар

Николай Николаевич Тарскай аатынан музей

Спорт талааннаах тэрийээччитэ, салайааччыта Николай Николаевич Тарскай сырдык аатын үйэтитэр инниттэн оскуола иһинэн музей аһыллыбыта. Музейы төрүттээччинэн уонна салайааччынан мин эбэм, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна Ксения Иннокентьевна Румянцева буолар.

Мин эбэм 1950 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр Нам оройуонугар Көбөкөн нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Баатаҕай 8 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, салгыы Найахы орто оскуолатын бүтэрбитэ. Орто оскуоланы бүтэрээт да, комсомольскай путевканан төрөөбүт нэһилиэгэр сүөһү көрүүтүгэр икки сыл тохтоло суох үлэлээбитэ. 1978 сыллаахха Саха государственнай университетын саха салаатын бүтэрбитэ.

Баатаҕай оскуолатыгар анал саха тылын учууталын миэстэтэ суох буолан, интернат уонна уруок аахтарыы группатыгар воспитателинэн, библиотекарынан, история, саха тылын предметтэрин учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Кэлин биир дойдулааҕын Н.Н. Тарскай музейын төрүттээн, салайааччы быһыытынан үлэлээбитэ, үгүс наҕараадалардаах.

Музейы тэрийии

Эбэм Ксения Иннокентьевна 1994 сылтан Тарскай аймахтарыттан, доҕотторуттан, үөрэнээччилэрин, дьиэ кэргэнин көрдөөн Дьокуускайынан, Танданан, Бороҕонунан, Өнөрүнэн, Кэптэнинэн сылдьан элбэх киһини көрсүбүт, үгүс матырыйаалы хомуйбут. Музейы тэрийии үлэтэ олус уустук эбит. Нэһилиэк баһылыгынан Василий Васильевич Сивцев үлэлиирэ. Кини нэһилиэккэ музей тэриллиитин суолтатын таба өйдөөбүт, ол иһин ис дууһатыттан өйөөбүт.

Музей тэриллиитигэр Бороҕон фотограба Лонгинов Василий Афанасьевич хаартысканы оҥорууга, корреспондент Петр Семенович Павлов, СГУ преподавателэ Валерий Пантелеймонович Кочнев сүбэлэрэ, көмөлөрө үгүс. Нэһилиэк киэн туттар кырдьаҕаһа Денис Алексеевич Ефимов 1994-1997 сс. баһылыгынан үлэлиир кэмигэр музей атаҕар туруоруутугар улахан өҥөлөөх. Кэпсэтэн, туруорсан, сороҕор бэйэтинэн үлэлэһэн үлэҕэ киллэрсибитэ. Ону кэлин даҕаны нэһилиэк ыччата умнуо суоҕа.

Музей балаҕанын уонна дьиэтин ис-тас үлэтин Гоголев Николай Егорович барытын кыһаллан, дьаныһан оҥорбута. Нэһилиэк уран тарбахтааҕа Семен Семенович Готовцев элбэх арааманы оҥорон музейы тупсарбыта.

Бастакы экспонат хаартыскалары Гоголев Борис Степанович биэрбитэ. Саамай элбэх хаартысканы «24 устууканы» музейга Аманатов Дмитрий Дмитриевич бэлэхтээбитэ. Музей тэриллиитигэр эбэм марафон ыыппыт. Онно син харчы хомуйбут. Элбэх киһиттэн ахтыы хомуйуутугар учууталлар: Сивцева В.И., Ушницкай П.Н., Бурцева Р.И. уонна кэргэнэ Румянцев А.И. улаханнык көмөлөспүттэр.

Музей үлэтэ бүтэн, 1996 сыллаахха балаҕан ыйын 28 күнүгэр аһыллыбыта. Онно күндү ыалдьыттарынан сахалартан аан бастакы РСФСР чемпиона Н.А. Гоголев, хапсаҕайга республика 8 төгүллээх чемпиона В.Г. Румянцев, үтүөлээх тренер В.П. Кочнев, Тарскай уолаттара Сергей, Александр, сиэнэ Антон кэлбиттэрэ.

Музей араас хайысхалаах үлэтэ

Н.Н. Тарскай аатынан «Спорт албан аат» музей үлэлиир сүрүн сыала: үөрэнээччилэр төрөөбүт нэһилиэктэрин туһунан билэн, сүгүрүйэ, таптыы, убаастыы иитиллэллэригэр тирэх буолуу.

Музей анал территориялаах, икки объектаах, 4 саалалаах: 1 саала – Тарскай олоҕо, үлэтэ; 2 саала – Нэһилиэк спортсменнара; 3 саала – Нэһилиэк историята; 4 аһаҕас павильиоҥҥа – Былыргы сир техниката.

Музей бастакы саалатыгар Н.Н. Тарскай оҕо сааһыттан спорт салайааччыта, тэрийээччитэ буолуор диэри олоҕун, үлэтин туһунан кэпсиир матырыйааллар, стендэлэр туруоруллубуттар, кинигэлэр, ахтыылар бааллар. Манна сэдэх экспонаттар бартыбыала, блокнота, бэйэтэ суруйбут докумуона, грамоталара, ахтыылар бааллар. Кэргэнэ Людмила Петровна Серкина бэлэхтээбит альбома, буклеттара кэккэлэччи ууруллубуттар. Тарскай бииргэ үлэлээбит доҕотторо Е.Д. Кычкин, Р.Р. Бурнашев, В.П. Кочнев ахтыылара, хаартыскалара бааллар.

Иккис саала «Тарскай саҕалаабыт дьыалатын салҕааччыларга» ананар. Уус Алдан улууһун бастыҥ тустууктарын туһунан нэһилиэктэринэн оҥоһуллубут альбомнар ууруллубуттар.

Үһүс, төрдүс саалаларыгар Баатаҕай нэһилиэгин чиэһин көмүскээбит спортсменнарга, колхоз саҕана үлэлээбит бастыҥ үлэһиттэргэ, кэрэ-бэлиэ историческай миэстэлэргэ ананаллар. Бу саалаҕа Саха сиригэр спорт сайдыытыгар “Урожай” обществоҕа өр сылларга үлэлээбит Д.П. Коркин аатынан государственнай бириэмийэтин лауреата Готовцев Прокопий Прокопьевиһынан киэн туттабын. Кэргэнинээн Тамара Сергеевналыын Тарскай музейыгар үйэ саас тухары өйдөбүнньүк бэлиэ быһыытынан 22-с Кыһыҥҥы Олимпиада факелын туттарбыттара. Спортивнай саалаҕа үгүс киһи мустан үөрэн, аал уоту уматан алҕаан тыл эппиттэр. Ырыаһыттар, тойуксуттар, үҥкүүһүттэр бу спортивнай факел кэлиитин эҕэрдэлээн үөрбүттэр-көппүттэр. Факелы туттарыы уһулуччулаах государственнай, общественнай, политическай деятель Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 90 сылыгар ананан «Спорт албан аат» музейыгар туттарыллыбыт. Олимпиада уота диэн кыайыыга дьулууру, чиэһинэй күрэхтэһиини уонна эйэни бэлиэтиир.

Музей сүрүннээн маннык хайысханан үлэлиир: Тарскай олоҕун, үлэтин чинчийии; Экскурсиялары, выставкалары тэрийии; Ирдиир-чинчийэр үлэҕэ оҕолору уһуйуу; “Мүрү саһарҕата” хаһыакка селькорунан үлэ; Нэһилиэк историятын үөрэтии, музей фондатын хаҥатыы; Культурнай-маассабай мероприятиелары ыытыы, кыттыы. Биһиги музейбыт 1000-тан тахса экспонаттаах.

Бастаан музей иһинэн «Дьулуур» краеведческай ис хоһоонноох куруһуок үлэлээбит. 1990-2020 сыллар диэки оҕолор нэһилиэктэрин туһунан интэриэһиргиир этилэр. Паартаҕа олордон уруок курдук суруйтаран ыытара. Оччотооҕу оҕолор музей ис-тас үлэтигэр барытыгар көмөлөһөллөрө.

Эбэм бу музейы тэрийэн, элбэх оҕону ирдиир-чинчийэр үлэҕэ дьарыктаабыта. Ону үксүн музей матырыйаалларыгар олоҕуран үөрэтэрэ. Дьарыктаабыт оҕолоро Петрова Настя, Сивцева Саргы, Сивцева Таня, Ганачевская Галя, Гоголева Надя, Румянцева Надя, Романова Маша, Готовцева Маша, Портнягина Люба улуустааҕы, республикатааҕы конференцияларга ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Билигин бары үөрэхтээх үлэһиттэр, ыаллар. Маша Готовцева «Учителя воины Великой Отечественной войны» кинигэҕэ бэчээттэммитэ.

Саха сиригэр көҥүл тустууну төрүттээччи Н.Н. Тарскай уонна учуонай-историк Д.Д. Петров юбилейдара учууталлар, үөрэнээччилэр көмөлөрүнэн тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттар.

Нэһилиэк бастыҥ үлэһиттэригэр, спортсменнарыгар аналлаах чиэстээһиннэри үгүстүк ыытара. Ол курдук нэһилиэк сэбиэтин председателлэр Баһылай Федоров 85 с. “Көмүс тарбах” – Марфа Новгородова, теннисист А.А. Ядрихинскайга уо.д.а. чиэстээһиннэри ыытан олохтоохторго үтүө өйдөбүлү хаалларбыт.

Н.Н. Тарскайга ыытыллар тустуу күрэхтэһиитигэр элбэхтик быыстапкалары туруоран, спортсменнары сэргэхсиппит. Манна оҕолору көмөлөһүннэрэн барар эбит. Төһөлөөх элбэх экскурсиялары, көрсүһүүлэри, биэчэрдэри, конкурстары, улахан бырааһынньыктары ыыппыта буолуой?

Манна барытыгар эбэм үөрэнээччилэри көмөлөһүннэрэн үлэлээбит эбит.

Кэлиҥҥи сылларга музейга үлэлии-үлэлии “Музыка для всех” программа оскуолаҕа ирдэммит. Музыканы үөрэтэр учуутал суоҕунан, эбэбин оҕолору хомуска дьарыктаа диэн эбии сорудах биэрбиттэр. Хас да сыл үлэлэһэн «Биэттэ дьүрүһүйэ» диэн хомусчуттар ансамблларын тэрийбит. Бу бөлөх оҕолоро «Хомус кырдала», «Хотугу сулус», «Арктика куолаһа», конкурстарга кыттан дипломант буолан үөрбүттэр. Оҕолор элбэххэ үөрэммиттэр.

Онон оскуолаҕа музей наһаа туһалаах эбит дии санаатым. Бэйэлэрэ араас матырыйааллары хасыһан суруйбуттар, экскурсовод буолан кэпсии-саҥара үөрэммиттэр. Төрөөбүт нэһилиэктэрин туһунан элбэҕи билбиттэр.

Сандаара КОЛЕСОВА, Баатаҕай орто оскуолатын 6-с кылааhын үөрэнээччитэ быйыл научнай-практическай конференцияҕа кыттыбыт дакылаатыттан. Салайааччы: саха тылын уонна литературатын учуутала Л.В. Копырина.

2024 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227581
Бүгүн : 383