Ыратын идэтийиигэ кубулуппут киһи
…Мин кинини билэбин диэхпин, наллаан олорон, айах атан кэпсэппитим да суох эбит. Онтон билбэппин диэхпин, айар үлэтин көрө-истэ, ааҕа сылдьан мэлдьэһэр табыллыбат. Онон ортоһуор соҕустук билэр киһим диирбэр тиийэбин. Ол аата, кинини хаһааҥҥыттан билэбиний? Суруйар киһи ааҕааччыга аан бастаан айымньытынан биллэр. Кинини сирэй билбэтэргин да, суруйууларын ааҕаҥҥын сэҥээрэҕин. Петры дьэ, оннук билэр буолбутум.
Ааспыт үйэ 80-с сылларын ортотуттан Уус Алдан оройуонун хаһыатыгар, “Ленинскэй тэрийээччи” балаһаларыгар “Петр Павлов” диэн илии баттааһыннаах успуорт сонуннара тахсар буолан барбыттара. Бастакылара биллэн турар, тэттик этилэр. Онтон аны тустуу туһунан улам дириҥээн, ырытан, бэйэтин санааларын киллэрэн барда. Ити кэмҥэ, 1988 сыллааҕы Олимпиада кэнниттэн “Сеул көбүөрүн дуораана” диэн бастакы кинигэтин таһаартарбыта. Ол кинигэни билигин “тымтыктанан” да көрдөөн булар уустук буолуо…
Биллэрин курдук, 90-с сыллартан олохпут тутула уларыйан, бэчээт эйгэтигэр эмиэ уларыйыылар киирэн барбыттара. Санааны аһаҕастык этии арыый көҥүл соҕус буолан барбытынан, араас хаһыаттар элбээбиттэрэ. “Республика бүттүүнэ” хаһыакка Уус Алдан бэчээтин кыһатыттан такайыллан тахсыбыт Галина Бочкарева кылаабынай эрэдээктэринэн, Данил Макеев эрэдээктэри солбуйааччынан, Людмила Ноговицына, Петр Павлов кэрэспэдьиэнинэн киирбиттэрэ.
Петр киэҥ “суолга” киирбит киһи сиэринэн ыыра өссө кэҥээн барбыта. Бу хаһыат иһинэн “Дьулурҕан” диэн успуорка аналлаах сыһыарыы таһаарар буолбута. Ону сыыйа кэҥэтэн, улаатыннаран өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан сахалыы тыллаах успуорка аналлаах туспа хаһыат оҥорбута. Манна тустуу биллэн турар улахан миэстэни ылар. Петр тустууга ылларыыта биллэн турар, оччотооҕу оҕолор курдук, кумааҕы тустууктартан саҕаламмыта. Мин эмиэ оннук тустууктары үрэн аҕай биэрбитим. Дьэ, манна да үрэр салгыныҥ хамсатыытыттан кумааҕы араастаан имиллэн, дьиҥнээх тустуу албастарын да үтүгүннэрэн таһааран сөҕүү-махтайыы, үөрүү-көтүү буолара. Кыра Петя бастаан оннук хамсаныыларга кутун туттаран, өйө-санаата улам кэҥээн кыайыылары бэлиэтэнэр буолан истэҕэ. Онтон улам ыраатан, хаһыаттары хасыһан барбыт.
Биир суруйууга кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан Сыырдаахха, ийэтин аймахтарыгар тахсан эргэ хаһыаттар киппэлэрин хоспохтон, ампаартан киллэрэн тустуу туһунан суруйуулары кырыйан ылан альбом оҥорбутун туһунан кэпсээбит этэ. Онон бэйэтин кэмин ураты оҕото диэххэ сөп. Аны тустуу туһунан ааҕарынан, мунньарынан эрэ муҥурдаммат, көбүөргэ бэйэтинэн киирэн буһан-хатан тустуу диэн ис дьиҥин билиэн баҕаран секцияҕа суруттарар. Оччолорго оскуолаларга оҕо ахсаана билиҥҥитээҕэр лаппа элбэх буолара, онон ханнык да секцияҕа сиидэлэнии эмиэ улахана. Петя оннук сиидэлээһини ааһан, оройуон чөмпүйэнээтигэр тиийэ туста сылдьыбыта. Ити курдук үүнэн-сайдан тахсыбыта, тустуу биллэр ырытааччыта.
Улахан успуорка рейтинг диэн баар. Манан хайа баҕарар көрүҥҥэ ким бастыҥын быһаарыахха сөп. Бу ордук успуортан тэйиччи соҕус киһиэхэ тута өйдүүрүгэр ордук табыгастаах. Дьэ, манныгы Петр Павлов тустууга киллэрэ сатыыр. Ол спортивнай суруналыыстыка эйгэтигэр биһирэнэн, “Павлов рейтинэ” диэн өйдөбүл баар буолла. Ити эрээри, Петр Павловы рейтинэ дарбааннаахтык ааттаппыт эрэ буолбатах. Кинини 2011 сыллаахха таһаарбыт “Покорившие Олимп” кинигэтэ олох аан дойду таһымыгар таһаарбыта. Ону аан дойду аатырбыт тустууктара бигэргэтэн тураллар. Бүтэһик үһүс кинигэтин 2016 сыллаахха Рио-де-Жанейро Олимпиадатын кэнниттэн таһаарбыта. Хас тахсыытын аайы кэҥэтэн, тупсаран иһэр. Аны онно тустууктарын хаартыскаларын атыны олордон иһэр. Атынтан-атын хаартысканы булуу элбэх сыраны эрэйэрин туһунан эппитин истэн аһарбыттааҕым. Чахчыта да оннук.
Аатырбыт тустуук, олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду түөрт төгүллээх чемпүйүөнэ Александр Иваницкай кинигэни көрөн баран сөҕөн-махтайан, Петр бу үлэтин хаатырга кытаанах үлэтигэр тэҥнээбит эбит. Петр Павлов бу кинигэтин оннооҕор Японияҕа улаханнык сэҥээрбиттэр. Ол туһунан Күн тахсар дойдутун тустууга бэдэрээссийэтин сайтын эрэдээктэрэ Икуо Хигучи суруйбутун интернеттэн булбуппун, хайдах баарынан билиһиннэриим.
“Спортивный журналист Петр Павлов подготовил к печати красочный фото-справочник о биографии олимпийских чемпионов по вольной борьбе. В него вошли 175 чемпионов из 26 стран мира. Книга хорошо иллюстрирована и выполнена в высоком полиграфическом исполнении. Всего 216 страниц. Книга имеет международный уровень. В этом издании вошли все 16 олимпийских чемпионов из Японии начиная с Шохачи Иши, который завоевал золотую медаль на Олимпийских играх в Хельсинки в 1952 году и заканчивая с олимпийским чемпионом Лондона 2012 года – Тацухиро Енемицу. Книга написана на русском языке, поэтому, к сожалению, японцы наслаждаются только фотографиями. Хотелось бы, в дальнейшем она была напечатана на английском языке. Петр Павлов сотрудничает официальным сайтом федерации спортивной борьбы Японии. Его фото-информации о выступлениях борцов Японии на международных турнирах памяти Ивана Ярыгина в Красноярске и мемориале Дмитрия Коркина в Якутске опубликовались на нашем сайте. Международная федерация борьбы подготовила книгу по истории борьбы в честь 75-летия основания ФИЛА. После этого не было ни одного издания по истории этого вида спорта. Хочется в дальнейшем издать такую книгу и написать в нем не только про вольную борьбу, но и женскую и греко-римскую борьбу. Она стала бы ценным документом для будущих поколений. Этим, прежде всего, должны интересоваться руководители Объединенной мира борьбы (UWW)”.
Дьэ, маннык улахан сыанабылы биэрэллэр эбит, Петр Павловка. “Покорившие Олимп” кинигэни көрбүт аатырбыт тустууктар маннык үлэ аан дойдуга ханна да суоҕун этэн тураллар. Онон Петр тустуу устуоруйатыгар да суолун хаалларда дии саныыбын. Софрон Данилов бэйиэт Эллэйи аҥаардас “Туман буолбут хонуктар тумулларын кэтэҕэр, кыһыл буурҕа аттаахтар силлиэлэрэ иһиллэр” диэн тылларын, саха поэзиятыгар оспот суолу хаалларыа этэ диэбитэ. Онон Петры аҥаардас ити да кинигэтин иһин улаханнык сыаналыахха сөп. Сүдү үлэ!
Хаһан эрэ, өссө да кимэ-туга биллибэт кыракый уолчаан, Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатын үөрэнээччитэ Петя Павлов тустуу диэни аан бастаан көрүөҕүттэн кутун туттаран, оҕотук санаатыгар тустуук буола охсуон баҕарбыт буолуохтаах. Ол эрээри, улаатан истэҕин ахсын тустуу туһунан суруйууга улам ылларан, ону киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэн, улахан суруналыыска тиийэ үүннэҕэ. Оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаата туолан, Петр Семенович Павлов билигин тустууга идэтийэн суруйар соҕотох суруналыыс диэххэ сөп. Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын Бэчээтин туйгуна, Уус Алдан улууһун, Мүрү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина. Кини олоҕун орто омурҕаныгар сылдьар. Өссө даҕаны элбэҕи, үйэлээҕи, кэскиллээҕи айан-тутан таһаарарыгар баҕарыаҕыҥ!
Афанасий КОПЫРИН, суруналыыс.
“Мүрү саһарҕата” хаһыат, 2020 сыл олунньу 7 күнүнээҕи №-рэ.
Уус Алдан.