Сонуннар

Саахымат сайдар саҕахтара

«Дьулурҕан» хаһыакка Дьокуускайтан Петр Яковлев дириҥ хорутуулаах ис хоһоонноох «Саахымат сайдыа дуо?» диэн ыстатыйата тахсыбытын болҕойон, сэҥээрэн, сэргии аахтым. Ааптар бу тиэмэҕэ киэҥ билиилээҕин, дууһатынан ыалдьарын, сайдыы үктэллэрин уурар оруннаах этиилэрдээҕин күүскэ кэрэхсээтим. Онон эмиэ санааларбын тиһэн суруйарга сананным.

Саахымат – IV үйэҕэ Индияҕа айыллыбыт, киһи-аймах устуоруйатыгар саамай биһирэнэр интеллектуальнай успуорт көрүҥэ буолар. Бу дириҥ ис хоһоонноох умсугутуулаах оонньууга, 2022 сыл сайыныгар Индия Ченнаи куоратыгар саахымат 44-с олимпиадата буолан ааспыта. Аан дойдуга 200-тэн эрэ тахса судаарыстыба баарыттан, эр дьоҥҥо 188, дьахталларга 162 хамаанда кыттаннар, саахымат түргэн тэтиминэн сайдан, киэҥ билиниини ыллар ылан иһэрин бигэргэппиттэрэ. Манна Узбекистан эдэр саахыматчыттара кыайыы өрөгөйүн билбиттэрин, салайааччылара 20-тэн тахса сыл устата сыралаһан ситиспиттэрин ахтан ааспыттара.

Сахабыт сиригэр успуорт бу көрүҥэ салгыы хайдах сайдыахтааҕын тула кэпсэтии 2022 сыл ахсынньы 4-14 күннэригэр ыытыллыбыт кэнгириэскэ киэҥ кэпсэтии тэриллибитин бэчээт нөҥүө билэбит. Манна икки суол боппуруоска сүрүннээн тохтообуттара: «Саахыматы – оҕолорго» бырайыак уонна успуорт көрүҥүн быһыытынан сайыннарыы.

Оҕо эрдэхтэриттэн угуйуохха

Оҕо сайдыытыгар маҥнайгы бигэ үктэли уурааччы дьиэ кэргэн буоларын туһунан эмиэ этиллибит. Манна ийэ, аҕа, эдьиий, убай, эбэ, эһэ оруоллара, маҥнайгы тириэньэр (баар буоллаҕына) сабыдыала солбуллубаттар. Үгүс биллиилээх саахыматчыттар сүрүннээн 4-6 саастарыттан саҕалаан оонньообуттара биллэр. Саахымат эдэримсийэн иһэр, 16-18 саастарыттан аан дойду таһымыгар биллэр оонньооччулар тахсаллар. Холобура, билигин Индия уола Гутеш Доммараджу 17, Рамешбабу Прагнананхда – 18 саастаахтар. Кинилэр муус устарга Канадаҕа аан дойду чөмпүйүөнүн аатын былдьаһар (турнир претендентов), планета бастыҥ 8 оонньооччутун иһигэр киирсэн кыттыахтаахтар. Узбекистантан 17 сааһыгар Нодирбек Абдусатторов түргэн оонньууга аан дойдуга бастаабыта (2021 с.). Дьахталларга эмиэ түргэн оонньууга Бибисара Асаубаева (Казахстан) 17-18 сааһыгар, икки сыл субуруччу кыайыылаах таҕыста. Бэйэбитигэр кэллэххэ, кэскиллээх ыччаппыт Денис Назаров (Майа), өрөспүүбүлүкэҕэ 1937 сыллаахтан ыытыллан кэлбит турнирга, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр 2019 с. 14 сааһыгар, 2021 с. 16 сааһыгар бастаабытын, 2022 с. 17 сааһыгар иккис буолбутун санатабыт.

Билигин Арассыыйаҕа саахымакка соҕотох 289 №-дээх оскуола-интэринээт Санкт-Петербурга баар. Сылга хастыы да дьоҕурдаах оҕону ыытан үөрэттэриэххэ сөп. Бэйэбитигэр, Уһук Илин сайдыытын бырагырааматыгар сөп түбэһиннэрэн, кыра кылаастартан үлэлиир дуобат, саахымат, остуол тенниһэ курдук успуорт көрүҥнэригэр оскуола-интэринээт аһылларыгар кэнэҕэскитин үлэлэһиэххэ баара. Уопсайынан, саахымат сайдыыта эмиэ атын көрүҥнэр кэриэтэ, оҕо успуордун кытары быһаччы ситимнээҕин бары өйдүүбүт.

Босхоломмут солбуйааччы баара буоллар…

«Саахыматы – оҕолорго» бырайыак 2000 сыллартан киллэриллэ сатыыр, ол эрэн күүскэ «буксуйар». Анаан-минээн үс кэнгириэс ыытылынна да, өнүйүү суох. Өрөспүүбүлүкэ саахымакка федерациятын (бэрэсидьиэн Егоров В.А.) солбуйааччыта (толорооччу дириэктэр) дуоһунаһыгар босхоломмут ыстаакка, сөптөөх таһымнаах киһи ананан, туһааннаах министиэристибэлэри (үөрэх уонна наука, ыччат, успуорт о.д.а.), улуустары кытта күннэтэ үлэлээтэҕинэ эрэ хамсааһын тахсыаҕа. Манна анаммыт киһини успуорт бу көрүҥэр биирдиилээн дьоҕурдаах оҕолору булуу, сүүмэрдээһин, улуустарга, куораттарга тэриллибит федерациялардыын бииргэ үлэлээһин, араас хабааннаах күрэхтэһиилэри ыытыы, пресс-киин тэрийии, о.д.а. элбэх үгүс өрүттээх үлэ күүтэр. Эппиэттээх исписэлиис суоҕун тухары 5-10 да кэнгириэһи ыыт, нууччалыы эттэххэ «А воз и ныне там» дэниэҕэ, бастакы бэрэсидьиэммит ыра санаата, сорудаҕа салгыҥҥа ыйанан туруо.  Успуорт хайа баҕарар көрүҥүн курдук маассабай эрэ буоллаҕына ситиһиилэр кэлиэхтэрин туһунан ыстатыйаҕа эмиэ этиллибит.

Маннык этиилээхпин

Кэлин икки сылга, тохсунньу ыйдарга Арассыыйа саахымакка Федерациятын (ФШР) былааныгар киллэриллэн, 5-6 гроссмейстер кыттыылаах «Кубок главы РС(Я)» ыытыллыбыта кэрэхсэнэр. Кэлэр сылларга тэрийээччилэр манныгы учуоттуулларыгар этиилээхпин. Бу тэрээһин дьыл арыый сылаас кэмигэр барыан наада. Кэлбит ыалдьыттар улуустарга сеанс биэрэллэрин хааччыйыахха. Сеанстарга элбэх оҕону, ыччаты хаба сатыахха наада. Холобур, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Горнай улуустара буолуохтарын сөп. «Саха» НКИХ нөҥүө күннээҕи түмүктэри сырдатар «Дневник турнира» таһаарыахха. Саамай сүрүн болҕомтону Саха сирин саахыматчыттара хайдах оонньоон иһэллэригэр ууруохха.

Петр Яковлев дуобат сайдыытын кытары билиҥҥи тэҥнэбиллэри аҕалар. Дуобат сайдыыта биһиэхэ быдан дириҥ силистээх-мутуктаах. Олус ырааппакка эрэ сырдаттахха маҥнайгы улахан хардыылары Мэҥэттэн Иннокентий Васильев оҥорбутун санатабыт. 1952 с. Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ тыа сирин дуобатчыттарын ортотугар бастаан, Рязань куоракка Арассыыйа финалыгар тиийэ кыттыбыта, сахаларга суол тэлэн биэрбитэ. 1950-60-с сылларга Николай Находкин нэһилиэнньэ ортотугар дуобаты пропагандалааһыҥҥа оройуоннары кэрийэ сылдьан сүүһүнэн сеанстары биэрбитэ. Сахалартан бастакынан успуорт маастарын аатын Ньурбаттан төрүттээх Семен Николаев 1961 с. ылбыта. Дуобакка анаан сахалыы ис хоһоонноох 14 кинигэни бэчээттэппитэ. Дуобат успуордун Арассыыйа, аан дойдутааҕы Фөдерациятын президенынан Владимир Птицын талыллан үлэлээбитэ. Уопсайынан, дуобат сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибит дьон олус элбэхтэр.

Баары-баарынан эттэххэ…

СМИ нөҥүө дуобаты, саахыматы сырдатыыга болҕомтото күүһүрэрэ эрэйиллэр. «Азия оҕолоро» оонньууларга 1996-2016 с.с. кэтээн көрүүбүнэн ырааҕынан ситэтэ суоҕа. Успуорт бу көрүҥэр Индияттан, Кытайтан, Узбекистантан, Казахстантан, Монголияттан, Вьетнамтан, Белоруссияттан уонна Арассыыйа регионнарыттан таһыччы күүстээх хамаандалар кэлиэхтэрэ. «Азия оҕолоро» тэриллэринэн куоһурданан аан дойду чөмпүйүөнүн Дин Лижэнь ыҥыран ыалдьыттатыахха, маастар-кылаас, сеанс бэрдэриэххэ. Быһаччы, аһаҕастык баары-баарынан этиэххэ наада, билиҥҥи турукпутунан отой ыраах сылдьабыт. Ил Дархан Кубогар аҕыйах хонукка кэлэн ааһар ыалдьыттар хайҕаатахтарын аайы, үчүгэй эбиппит диэн түөһү охсунар олус эрдэ.

Идэтийии эрэ ситиһиигэ тиэрдэр

Биир Федеральнай уокурукка сытар, нэһилиэнньэбит ахсаанынан араа-бараа Бурятияҕа Инна Ивахинова, Антон Шомоев, Батор Самбуев, Жамсаран Цыдыпов диэн гроссмейстердаахтар. Ыччаттарын ситиһиилэрэ ыраатта. Соторутааҕыта Арассыыйа Кубогар 13 саастарыгар диэри оҕолорго Софья Унгаева икки туур иннинэ бастаабыта. Мария Хамнуева 16 саастарыгар диэри эмиэ тэҥнээҕин булбатаҕа. Холобурдары аҕала туруохха сөп. Онтон биһиэхэ, хаһан? Гроссмейстер аатын-суолун ылар аһары уустук. Манна ситимин быспат уонунан сылларга үгүс былааннаах үлэ эрэйиллэр. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар ФИДЕ маастара буолбут оҕолорго ордук туһаайыллыан сөп. Туохха да арайдьыйбакка «Профессиональнай саахыматчыт” эрэ буоллаххына ситиһии кэлиэхтээх. Былырыын 16 саастаах гроссмейстер Володар Мурзин Дьокуускайга кэлэ сылдьан ити туһунан этэн турардаах.

Салгыы бардахха…

Ыраата барбакка бэйэбит улуустарбытыгар баар уопуту үллэстиэххэ. Саахымат аан маҥнай күүскэ сайдыбыт улууһунан Таатта буолар. Мантан сахаттан бастакы маастар Михаил Афанасьев, киэҥник биллибит Мэндэ Таппыров, кэлин уола Владимир Таппыров кынаттанан тахсыбыттара. Таатта талыы хонуутугар муҥ сатаатар сылга биирдэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ масштабтаах турниры тэрийэр тоҕо сатамматый!  Салгыы Бурятия уопутун кытары билсиэххэ. Арассыыйа саахымакка федерацията (ФШР) «Рокировка в сторону Азии» оҥорбутунан, бу мындыр оонньуу балысханнык сайдыбыт чугастыы Казахстан, Узбекистан судаарыстыбаларыгар билсиһэ барыахха сөп буолуо.

Салгыы эттэххэ, ФШР (Президент Андрей Филатов, толорооччу дириэктэр Александр Ткачев) бииргэ үлэлэһиэххэ, Арассыыйа араас таһымнаах күрэхтэһиилэрин Сахабыт сиригэр ыытарга кэм кэллэ. Түмүктээн эттэххэ, саахымат успуорда олохпут аргыһа буолан сайдарыгар баҕарабыт эрээри, маннык тэтиминэн «Саахымат сайдыа дуо?» диэн боппуруоска, өтөрүнэн суох эрэ дииргэ тиийиллэр.

Степан АНДРЕЕВ.

Майа с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242828
Бүгүн : 218