Роман Дмитриев аатыгар сүгүрүйэн…
Сахаттан бастакы олимпийскай чемпион, ССРС спордун үтүөлээх маастара, Советскай Союз уонна Российскай Федерация үтүөлээх тренерэ Роман Михайлович Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылын республика общественноһа киэҥник бэлиэтиир.
Ол курдук, улуу киһибит төрөөбүт күнүгэр – кулун тутар 7 күнүгэр Дьокуускайга, Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет государственнай театрыгар киэһэ 17:00 чаастан Роман Михайлович бэлиэ түгэнинэн сибээстээн сүгүрүйүү киэһэтэ уонна “Сулус буолан умайдын” диэн спектаклы көрүү тэриллэр. Киириитэ – босхо.
Онон сибээстээн, 2020 сыллаахха “Дьулурҕан” хаһыакка суруллубут спектакль туһунан матырыйаалы билиһиннэрэбит.
“Сулус буолан умайдын”
…Кулун тутан 6 күнүгэр республика киин куоратын олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан П.А. Ойуунускай аатынын Саха академическай театрыгар Эдьигээн оройуонун күүһүнэн “Сулус буолан умайдын” диэн спектакль үрдүк таһымнаахтык туруорулунна.
Роман Михайлович сырдык аатын кэриэстээн, киниэхэ ытыктабыл бэлиэтин оҥорон, саалаҕа баппат үлүгэрдээх элбэх киһи тоҕуоруспута эмиэ да астыныы, эмиэ даҕаны долгуйуу санаатын үөскэттилэр. Саха сирэ, биһиги киин куораппыт олохтоохторо уонна ыалдьыттара спектаклы астына көрдүлэр итиэннэ үрдүк сыанабылы биэрдилэр.
Манна сыһыары тутан эттэххэ, “Сулус буолан умайдын” спектаклы киһи ханна баҕарар кыбыстыбакка көрдөрөр үлэтэ эбит. Онон бу туруорууну салгыы сайыннаран, республика ханнык баҕарар муннугар көрдөрөн, биһиги бары ытыктыыр, киэн туттар киһибит аатын үйэтитиигэ сүҥкэн кылаат буолуо этэ дии санаатым.
Итинник даҕаны буолуохтаах. Роман Дмитриев – сахаҕа сүдү киһи. Киниэхэ итинник болҕомто ууруллуохтаах, кини аата өссө даҕаны салгыы ааттана, үйэтитиллэ туруохтаах. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, спектаклга биһиги кэлэр көлүөнэбит көхтөөхтүк кытынна уонна саалаҕа даҕаны элбэх оҕо баара – санааны көтөҕөр. Ол аата, Роман Дмитриев аата, олорон кэлбит олоҕо уостан уоска бэриллэн, биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах буолуоҕа диэн эрэниэххэ сөп.
Санатан эттэххэ, сахаттан бастакы олимпийскай чемпион Роман Дмитриев төрөөбүтэ 70 сылыгар Эдьигээннээҕи “Эйгэ” култуура киинин уонна култуура отделын тэрийиилэринэн “Сулус буолан умайдын” диэн спектакль туруоруллубута. Суруйааччы, драматург, поэт Айсен Дмитриевич Сивцев – Айсиэн Дойду суруйуутугар, кулууп үлэһитэ, спектакль режиссера Туяра Владимировна Егорова туруоруутугар спектакль үс оонньуулаах, Роман Михайлович оҕо сааһыттан саҕалаан улахан аатырбыт киһи буолан дойдутугар кэлэн саҥарар тааһы – Сата тааһы булбутун, Тенгрианствоны олоххо киллэрии туһунан кэпсэнэр. Сүрүн оруолларга, Р.М. Дмитриев кыратын 7-с кылаас үөрэнээччитэ Вова Сивцев, сиппит оруолун Эдьигээн нэһилиэгин баһылыга Василий Николаевич Сорокин кыайа-хото тутан оонньоотулар.
Спектакль үрдүк таһымнаахтык ааста, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин, сэҥээриилэрин ылла.
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа уонна видеоҕа түһэриилэрэ.
“Дьулурҕан” хаһыат 2020 сыл кулун тутар 5 күнүнээҕи №-тэн.