Сонуннар

Дуобат – оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар

Кулун тутар 21-22 күннэригэр улууспут киинигэр Бороҕоҥҥо оскуола үөрэнээччилэригэр дуобат күрэхтэһиитэ буолан ааста. Ол курдук, 21-кэ алын сүһүөх үөрэнээччилэр икки бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр. Манна 9 хамаанда күөн көрүстэ.

Тулуна оскуолатын чиэһин саамай кыра бөлөххө /1-2 кыл/ Саша Шепелева, Айталы Архипова, Эрсан Васильев,  Савелий Троев, арыый улахаттарга /3-4 кыл/ Саяна Шелковникова, Арина Иванова, Никита Шепелев, Павел Тарабукин көмүскээтилэр. Уопсай түмүккэ 4-с миэстэ буоллулар. Иккис күн орто уонна улахан бөлөх оҕолоро илин-кэлин түһүстүлэр. Орто бөлөххө Милана Атласова, Албан Гоголев, Игнат Аргунов, улахан бөлөххө Ганя Сергеев, Кэскил Атласов, Диана Шелковникова оонньоотулар.

Орто бөлөххө 3-с миэстэни ыллылар. Оскуоланан уопсай түмүккэ 13 хамаандаттан 5-с миэстэ буоллулар. Салгыы дьарыктанан инники кирбиигэ тахсар бигэ санааҕа кэллилэр. Биирдиилээн түмүккэ саастыылаахтарыгар Эрсан Васильев – 2 м, Никита Шепелев – 2 м, Саша Шепелева – 3 м, Айталы Архипова – 3 м, Милана Атласова – 2 м, Игнат Аргунов – 3 м буолан үөрүүлэрэ үрдээтэ.

Дуобат күрэҕэ кыра оҕолортон саҕалаан тэриллэрэ олус үчүгэй эбит. Оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдар, күрэхтэһэ үөрэнэр. Биһиги оскуолабыт оҕолорун дуобакка эрчийэр киһибит уһун сылларга физкультура учууталынан үлэлээбит, наставник-уһуйааччы, билигин даҕаны оскуоланы кытта сибээһин быспакка өрүү көҕүлүү сылдьар, нэһилиэк ыччатын, саастаах да дьонун спорду таптыырга, чөл-чэгиэн буоларга ыҥыра, угуйа сылдьар бэтэрээн учууталбыт, убаастыыр киһибит Раиса Николаевна Троева буолар.

Оскуолабыт үөрэнээччилэригэр салгыы дьарыктанан саҥаттан саҥа ситиһиилэр кэлэ туралларыгар баҕарабыт.

Мариса ВАСИЛЬЕВА-Күбэйэ. 

Уус Алдан, Тулуна.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253193
Бүгүн : 51