Бастыҥнар анал бириистэринэн наҕараадаланнылар
Кулун тутар 14-16 күннэригэр Бэрдьигэстээххэ Саха АССР үтүөлээх тренерэ Артур Кравченко бирииһигэр 2006-2007 сс төрүөх оҕолорго боксаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһии үрдүк таһымҥа барда.
Барыта 70-ча эдэр боксер күөн көрүстэ. Оҕолор бэрт тыҥааһыннаах киирсиилэри көрдөрөн, көрөөччүлэргэ үчүгэй бэлэҕи оҥордулар.
Бэйэлэрин ыйааһыннарыгар бастаатылар: 48 кг – Максим Припузов (ОЭУ, Хаҥалас), 51 кг – Константин Устинов (Хаҥалас), 54 кг – Олимпий Оленов (ОЭУ, Горнай), 57 кг – Александр Сергучев (Мэҥэ Хаҥалас), 60 кг – Дмитрий Левин (ОЭУ, Кэбээйи), 63,5 кг – Владимир Митин (ОЭУ, Дьокуускай), 67 кг – Андрей Портнягин (ОЭУ, Уус Алдан), 71 кг – Евгений Саввинов (ОЭУ), 75 кг – Андриан Кулагин (Дьокуускай), 80 кг – Айсиэн Евсеев (Сунтаар), 86 кг – Дмитрий Тарасов (Нерюнгри), +92 кг – Арыслан Хаметов (Өймөкөөн).
Кыайыылаахтары таһынан күрэхтэһии бастыҥ боксердарынан ааттанан, Кравченколар дьиэ кэргэн уонна Горнайдааҕы бокса федерациятын салайааччыта, Ил Түмэн депута Гаврил Алексеев олохтообут сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар:
“Бастыҥ боксер” – Олимпий Оленов, “Бастыҥ киирсии” – Александр Сергучев, Алесандр Иванов, “Кыайыыга дьулуурун иһин” – Сергей Уларов, “Бастыҥ судьуйа” – Семен Румянцев, Кравченколар дьиэ кэргэн анал бирииһин Александр Иванов тутта.
Федерация толорооччу дириэктэрэ Станислав Ноговицын бокса спорда сайдыытыгар мэлдьи үлэлэһэр, спорт бэтэрээннэригэр Федор Кравченкоҕа, Андриан Андреевка, Николай Павловка Саха сирин боксатын историятын кэпсиир кинигэни бэлэх уунна.
Аны кэлэр ыйга улууспутугар спорт, бокса сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит Афанасий Парфенов аатынан күрэхтэһии буолара күүтүллэр.
Вячеслав АЛЕКСЕЕВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Горнай, Бэрдьигэстээх.