Сонуннар

Алдан-2024: Кыайыылаахтар – Дьокуускай, Чурапчы, Өймөкөөн, Муома

Бэҕэһээ, кулун тутар 30 күнүгэр Алдаҥҥа, Култуура дыбарыаһын иннинээҕи болуоссакка, алта күн устата ыытыллыбыт спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Саха сирин V спартакиадатын үөрүүлээхтик түмүктээһин буолла. Санатан эттэххэ, быйылгы спартакиадаҕа 28 хамаандаттан барыта 600-чэкэ спортсмен кэлэн, спорт уон көрүҥэр күрэс былдьаста.

Үөрүүлээх тэрээһин Алдан култуураҕа управлениетын үлэһиттэрин күүстэринэн тэтимнээх музыкаҕа доҕуһуоллатан эдэр саас, эрчим, доҕордоһуу бэлиэтин көрдөрөр спартакиада былааҕа тутуурдаах оҕолор үҥкүүлэринэн саҕаланна.

Ол кэнниттэн араас өҥнөөх кэрэ, сиэдэрэй спортивнай таҥастаах кыайыылаах хамаандалар сэлэлии хаамсан киирэн, трибуна иннигэр турунан кэбистилэр.

Сүрүн түһүлгэҕэ Саха Республикатын физическэй култуураҕа уонна спорка министрин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, Алдан оройуонун баһылыга Александр Шестопалов, СР физическэй култуураҕа уонна маассабай спорка управлениетын начальнига Роман Оконешников, спартакиада кылаабынай судьуйата Альберт Трофимов тахсан, бу түөрт сылга биирдэ буолар тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, этэҥҥэ түмүктэммитинэн эҕэрдэлээтилэр.

Дьэ ол кэнниттэн, бастаан көрүҥнэринэн үс бириистээх миэстэҕэ киирбит спортсменнары наҕараадалааһын саҕаланна. Салгыы, төрдүс бөлөхтөн саҕалаан, кыайыылаах уонна иккис-үһүс миэстэлээх хамаандалары пьедесталга ыҥыран наҕараадалааһын буолла.

Бастакы бөлөххө киирсии хара ааныттан сытыытык барбыта. Сүрүн миэстэ иһин Нерюнгри, Алдан, Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас хамаандалара араа-бараа баран испиттэрэ. Ол гынан, ким бастыҥын бүтэһик күн быһаарда.

Онуоха шорт треккэ, хайыһарынан спортивнай ориентированиеҕа, сноубордка, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа – бастакы, шайбалаах хоккейга иккис, хайыһар спордугар уонна кыһыҥҥы многоборьеҕа үһүс миэстэлэри ылбыт Дьокуускай куорат хамаандата (управление начальнига Эдуард Ефимов) кыайыылааҕынан таҕыста.

Иккис миэстэни, дьокуускайдартан баара-суоҕа биир эрэ очукуонан хаалан, Нерюнгри спортсменнара ыллылар. Кинилэр биатлоҥҥа, хайаттан хайыһарынан түһүүгэ, хотугу многоборьеҕа уонна хоккейга тэҥнээхтэрин булбатылар. Онтон Алдан куорат хамаандата хайыһарга уонна кыһыҥҥы многоборьеҕа күүстээҕин көрдөрөн, үһүс бириистээх миэстэҕэ таҕыста.

Иккис бөлөххө эмиэ сытыы, тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Очукуо аахсыытын түмүгэр Чурапчы хамаандатыгар (спорт управлениетын салайааччы Дь.Егоров) түһүлгэ кыайыыны мүчүк гынна. Чурапчылар шорт треккэ уонна хотугу троеборьеҕа кыахтаахтарын көрдөрдүлэр.

Тэҥ киирсиигэ бэрт кыранан сабырыйтаран (миэстэлэһиитэ аҕыйаҕынан), иккис миэстэни Нам улууһун хамаандата ылла. Онтон үһүс бириистээх миэстэ иһин Амма, Горнай, Уус Алдан бүтэһиккэ диэри тэҥҥэ тардыастылар. Маныаха бүтэһик күн быһаарыытынан, Горнай улууһун спортсменнара пьедестал үһүс үктэлигэр тахсар чиэскэ тигистилэр.

Ити курдук, Өймөкөөн уонна Муома хамаандалара бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр бастаатылар. Кыайыылаах уонна миэстэлэспит хамаандалар бары туһааннаах кубоктарынан наҕараадаланнылар.

Түмүккэ, бастыҥ спортсменнар Спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Саха сирин спартакиадытын былааҕын СР физическэй култуураҕа уонна спорка министрин солбуйааччы Г.М. Мохначевскайга туттардылар.

Кыһыҥҥы спартакиада, ханнык куоракка, улууска спорка сөптөөх болҕомто уурулларын, көдьүүстээх үлэ ыытылларын арылыччы көрдөрдө. Ол быыһыгар, быйылгы спартакиадаҕа Өлүөхүмэ, Жатай, Усуйаана, Уус Майа, Абый, Үөһээ Халыма, Аллараа Халыма, Эбээн Бытантай улуустара кыттыбатахтара хомолтолоох. Ордук, урукку сылларга күүстээх хайыһардьыттардааҕынан биллэр өлүөхүмэлэр суохтара өйдөммөт.

Түөрт сылга биирдэ ыытыллар улахан таһымнаах күрэхтэһиини – тэрийэн уонна бэлэмнээн ыытар республикатааҕы хамыыһыйа, Саха сирин спорка министиэристибэтэ, СР физическэй култуураҕа уонна маассабай спорка управлениета, Алданнааҕы спорт тэрилтэтэ үрдүк тэрээһиннээхтик салайан ыыппыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Спартакиада мин санаабар транспортан, аһылыктан саҕалаан, бары эппиэттээх салааларга туох иҥнигэһэ суох эриэ дэхситик баран, эдэр саас, спорт, саас кэлиитин бырааһынньыгын быһыытынан ыытылынна. Аны билигин туһааннаах тэрилтэлэр бэйэлэрэ ырытыы, түмүктээһин оҥороллоро буолуо.

Петр ПАВЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ, видеоҕа уһулуута.  

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252751
Бүгүн : 223