Роман Дмитриев сырдык уобараһа – биһиги сүрэхпитигэр
// Кэриэстэбил
Күн-дьыл ааһара түргэнин!.. Роман Дмитриев сирдээҕи олохтон туораабыта номнуо уон төрдүс сыла туола оҕуста.
2010 сыл олунньу 11 күнүгэр сэбиэскэй уонна российскай спорт номоххо киирбит спортсмена, 1972 сыллааҕы Мюнхеннааҕы XX сайыҥҥы Олимпиада көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ, 1976 сыллааҕы Монреаллааҕы XXI Олимпийскай оонньуу үрүҥ көмүс призера, аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, ССРС түһүлгэтин алта төгүллээх кыайыылааҕа Роман Дмитриев биһиги кэккэбититтэн соһуччу өлөн туораабыта.
Ол да буоллар, Роман Дмитриев аата саха баарын тухары умнуллуо суоҕа. Кини курдук дьоннор өлбөттөр, норуот өйүгэр-санаатыгар өрүү тыыннаахтар! “Маҥнайгы чөмпүйүөн кимий? “Ааны аспыт ким этэй?”, диэн хайаан да ыйытыллыаҕа, онуоха бастакынан Роман Михайлович аата ааттаныаҕа. Кини эмискэ халлааны сырдаппыт уоттаах сулус суулларын кэриэтэ кылгас, чаҕылхай олоҕу олорон ааста. Саамай муударай айар-тутар сааһыгар тиийэн баран олохтон туораабыта хомолтолоох, аһыылаах…
Кини олоҕо бэйэтэ сулус курдук. Саха сирин биир түгэх улууһуттан сириэдийэн тахсан, олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойдуга тиийэ биллэр киһи буола үүммүтэ. Роман Михайлович тустууга киллэрбит кылаата муҥура суох. Элбэх ахсааннаах эдэр уолаттар кини курдук буолуохтарын баҕаран, спорт саалаларыгар, дыбарыастарыгар кэлбиттэрэ, тустуук аатын сүкпүттэрэ.
Кини улахан таһымнаах тустуугун тэҥэ, айымньылаах үлэлээх тренер этэ. Сэбиэскэй Сойуус, Россия, Саха сирин элбэх талааннаах тустууктарын иитэн-такайан таһаарбыт үтүөлээх. Олоххо бэйэтин сыһыанынан эдэр ыччакка холобур буолбута. Аҥардас спордунан эрэ үлүһүйбэтэҕэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитин, норуот дьокутаатын быһыытынан олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр көмөлөспүтэ. Роман Михайлович спорка кыайыылара, олоххо ситиһиилэрэ историяҕа умнуллубаттык хаалан, биир дойдулаахтарын саҥа кыайыыларга сирдии турарыгар эрэл улахан.
Кырдьык, кини бэйэтин төрөөбүт дойдутун дьиҥнээх патриота. Бүтүн олоҕун саха норуота аан дойдуга аатырарын туһугар анаабыта диэтэххэ омуннааһын буолбата буолуо. Олимпийскай оонньуулар, аан дойду чөмпүйэнээттэрин көбүөрдэригэр тахсарыгар Роман Дмитриев хаһан баҕарар спорка хорсун быһыыны көрдөрөрө, эдэр спортсменнарга үтүө холобур буолара. Кини сырдык уобараһа куруук биһиги сүрэхпитигэр хаалыаҕа уонна спорка саҥа кыайыыларга ыҥыра, угуйа туруоҕа.
Саха сирин уһулуччулаах уолун аатын үйэтитии салҕанан бара турар. Дьокуускай куорат 385 сылын көрсө “Туймаада” стадион таһыгар олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев аатынан сквер тутуллан дьэндэйбитэ. Сквергэ Роман Дмитриев пааматынньыга туруоруллубута. 2018 сыллаахха Роман Дмитриев аата – Тустуу аан дойдутааҕы түмсүүтүн (UWW) Албан аат саалатыгар киллэриллибитэ. Онтон быйыл, кулун тутар 8-10 күннэригэр Дьокуускайга, Роман Дмитриев кэриэһигэр эдэрдэргэ көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы Х турнир ыытыллыаҕа. Быйылгы турнир Роман Михайлович төрөөбүтэ 75 сылыгар ананар.
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.