”Хапсыһыы” киинэ киэҥ экраҥҥа таҕыста
Сүрүн дьоруойунан көҥүл тустууга ССРС оҕолорго бастакы чемпиона Вячеслав Карпов буолбут. Кини очурдаах, түһүүлээх- тахсыылаах олоҕо.
Мин ”Хапсыһыы” киинэ уһулларын туһунан дьонтон истибитим. Араадьыйаҕа Е.Неймохов ”Хапсыһыыта” уус-уран киинэ буолар диэбиттэр. Онно соһуйбутум, миэхэ ким да тахсыбатаҕа, ол иһин киинэ устар режиссер уолу булан эдьиийбинээн дьиэбэр ыҥырбыппыт, ирэ-хоро кэпсэппиппит, матырыйааллары биэрбиппит, көҥүллээбиппит. Онно В.Карпов туһунан буолуо диэбитэ, В.Карпов ”Ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан олох” диэн кинигэтинэн. Ол кинигэни эмиэ Егор Петрович суруйбута, кини тиһэх кинигэтэ этэ. Карповтарга баран кэпсэппитэ, магнитофоҥҥа уһулбута уонна Саҥа дьыл каникулугар магнитофонун истэ-истэ суруйбута. Күүскэ үлэлээн бүтэрбитэ. Онно наһаа сылайбыта быһыылааҕа, аҕыйах ыйынан орто дойдуттан букатыннаахтык бараахтаабыта. Хата, биир дойдулааҕа Борис Павлов көмөтүнэн ”Көмүөл” кинигэ кыһатыгар кинигэлэрэ күн сирин көрбүтүн, наһаа тупсаҕайдык тахсыбытын суһаллык тутан үөрбүтэ, аҕыйах хонугунан күн сириттэн күрэммитэ…
Вячеслав Павлович мин туспунан суруйуоҥ дуо диэн көрдөспүтүгэр үөрүүнэн ылыммыта. Кэлиҥҥи кэмҥэ спорт тематыттан тэйдэҕэ, атын араас спортивнай суруналыыстар да таҕыстахтара. Ону миэхэ эрэннэ диэн үөрээхтээтэҕэ. Егор Петрович суруналыыс эрэ буолбатах, суруйааччы буолан үчүгэйдик уустаан-ураннаан суруйуо диэн В.Карпов да эрэннэҕэ. Хайа уонна Е.Неймохов оччотооҕу быһыыны-майгыны, тустууктары, күрэхтэһиилэри иһиттэн билэрэ сыттаҕа, бары бииргэ алтыспыт биир көлүөнэ дьоно буоллаҕа. Вячеслав Карпов уонна Петр Попов оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн кумирдара этэ. Кинилэр тустарынан матырыйаалы мунньара, Петр Попов туста киирээри сүүрэн иһэр хаартыскатын уруһуйдаан оронун үрдүгэр ыйаан туруорара.
Кэлин кинилэри кытта ыкса доҕордоспута.
Доҕотторугар ытыктабыллаах сыһыаннааҕа, ол иһин төһө да барытын бэйэтэ суруйдар, кинигэлэрин кинилэр ааттарынан таһаартарбыта. Холобура, Миитэрэй Зверев биллиилээх тустуук Александр Иванов туһунан ”Улуу Пехлеван” диэн кинигэтин бэйэтин аатынан таһаартарбыта. Ол курдук Е.Неймохов П.Пинигин туһунан ”Олимпаҕа айан”, В.Карпов ”Ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан олох” кинигэлэрин бэйэтин аатынан таһаартарыан сөбө, ону Пинигин, Карпов диэн автордаан таһаартарбыта. Ол Егор Петрович тустуук доҕотторугар дириҥ ытыктабылын, саха норуотун аар- саарга аатырдыбыттарыгар махталын бэлиэтэ этэ. Кумира тустуук Петр Попов кинигэтин суруйарыгар эмиэ көмөлөспүтэ. Олимпийскай чемпион Павел Павлович Пинигин Дьөгүөр туһунан ахтыытыгар маннык суруйбута: “Баҕар, ким эрэ ”тупсарар” диэни сыыһа өйдүө, ону-маны айан, суоҕу баар гынан эбэн биэрэр курдук. Сөҕүөх иһин, Егор Петрович сороҕор мин сатаан эппэтэх тылларбынан оруобуна толорон-ситэрэн иһэрэ. Мин ол саҕана Киевкэ баарым, кини – Дьокуускайга. Дьэ ол буолуо дии – дьиҥ талаан! Итиччэ ыраах олорон, субу баардыы, мин өйбүттэн атын ханна да суох көстүүлэрин, мин санаам кыымнарын, этим-сииним быыппастыытын хайдах өтө көрөн ылара буолла!
Биһиэхэ, сахаларга, ”аһаҕас эттээх киһи” диэн өйдөбүл баар. Туох да саарбаҕа суох Егор Петрович оннук киһи этэ… Онтукайа барытыгар көстөрө. Дьону-сэргэни, айылҕаны хайдах курдук чараастык, уйаннык ылынарай! Сибэккини, чыычааҕы да кытары кэпсэтэн кэлиэх курдуга. Кэпсэтэрэ да буолуо. Оннук буоллаҕына олох соһуйуом суоҕа…”
Ылбычча киһи эрэ чемпион буолбат, чахчы улахан таһымнаах, уһулуччу кыахтаах киһи үгүстэри баһыйан кыайыы үрдүк пьедесталыгар өрө тахсар.
Биһиги көлүөнэ чахчы да дьоллоох дьоммут. Үс олимпиецтаахпыт, Советскай Союз көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын уон тустуугуттан үһэ саха буоларын ситиспит кэмҥэ олорбуппут. Оччотооҕу тустуук уолаттар саха бастыҥ ыччата этилэр. Барахсаттар, бу көрүҥнэрэ үчүгэйин, кыраһыабайдарын, тутта-хапта сылдьаллара, таҥастара-саптара сэргэҕин, киһи киһилээхпин диир дьоно этилэр, саха норуотун аатыртахтара.
Биирдэ Хабаровскайга студенныы сылдьан, тустууну соччо сэҥээрбэтэрбин да, кыргыттары батыһан биир күрэхтэһиини көрбүттээхпин. Онно Кавказ уонна саха уола туста таҕыстылар. Аттыбар олорор нуучча киһитэ: “Ну, сейчас кавказец победит, у них борьба в крови”, – диэтэ. Онуоха табаарыһа утарда: “У якутов тоже в крови”. Онно саха уола кыайбытыгар үөрдүм да этэ.
Киинэҕэ төнүннэххэ, оччотооҕу эдэр ыччат сиэрин-майгытын, психологическай өттүн көрдөрбүттэр дии санаатым. Киинэ ис хоһоонун кэпсээбэппин, бэйэҕит хайаан да сылдьыҥ. Тустууну сэҥээрээччилэр бу эдэр айар кэллэктиип үлэтин өйөөҥ диэн ыҥырабын.
Тустуу кыайыы, өрөгөй эрэ буолбатах. Бу – элбэх көлөһүн тохтор, ытыс хабылы барар чэрэ, дууһа быыппастар муунтуйуута, харах уута, ону кытта тапталлааҕыҥ өйдөөһүнэ, өйөөһүнэ, доҕотторуҥ үтүө сыһыаннара.
Ыччакка иитэр- үөрэтэр суолталаах киинэ
Карпов сэмэй, холку киһи этэ. Наһаа начитаннай, олох интеллектуал, ол иһин Егор Петровиһы кытта араас темаҕа тапсан кэпсэтэллэрэ. Сила есть, ума не надо – не про него.
Биир сүрүн санаа киинэҕэ кэргэҥҥитин өйөөҥ, өйдөөҥ диэн.
Билигин аныгы кыргыттар кыраттан да тымтан кэбэҕэс баҕайытык ойон хаалаллар. Киинэҕэ Карпов кэргэнин, оҕотун аһынан арахсыахха диэбитин үрдүнэн кэргэнэ барбат, үчүгэй баҕайытык өйдөтөн, быһааран биэрэр, кэргэнин таптыыра, аһынара күүстээхтик бэриллибит. Татьянаны К.Туприна үчүгэйдик оонньоото. Оруобуна Татьяна Петровна эдэр эрдэҕинээҕи хаартыскатын санатар дьүһүннээх. Ол хаартыска кинигэтигэр баар, көрөн сыаналыаххытын сөп. Вячеслав сырдык плащтаах, весь из себя олох плейбой, истиэнэҕэ өйөнөн турар, аттыгар эдэркээн Таня күлэн мичилийбит. Наһаа үчүгэй истиҥ хаартыска, кинилэр уобарастарын толору арыйар.
Ити кэргэнниилэр сыһыаннарын өттүнэн ыччаты толкуйдатар, иитэр-үөрэтэр суолтата дириҥиир. ”Жизнь прожить – не поле перейти” диэн курдук этии сөптөөҕүн кэрэһилиир.
Дьоллоох, ситиһиилээх олоҕу олоруу кэргэнниилэргэ улахан сыраттан, тулууртан, үлэттэн тахсарын үчүгэйдик көрдөрбүттэр. Ситиһиилээх дьон, тустуук да буоллун, кэннилэригэр үчүгэй, үтүө дьахтар баар. Кинилэр тапталлара, өйөбүллэрэ, өйдүүллэрэ кыайыыга кынаттыыллар. Ол да иһин ким эрэ урут эппитэ, чемпионнар кэргэттэригэр, кэрэ аҥардарыгар памятник туруоруохха наада. Сахалар тустууга ситиһиилэрэ кинилэр ахсаабат тапталларыттан, тулуурдарыттан, кыһамньыларыттан тахсар диэн. Олох ”бойцы невидимого фронта” курдук тулхадыйбат тулааһын, эрэллээх эркин, бигэ акылаат.
Киинэҕэ сүрүн геройу режиссер Никандр бэйэтэ оонньообут.
Уол маладьыас. Бэйэм оонньуом диэбитигэр соһуйбутум, онтум дьарыктанан, эрчиллэн хатыҥыр уол быччыҥнаммыт, спортивнай көрүҥнэммит. Никандр бэйэтэ маладьыас, тулаайах тыа уолугар, ийэтэ кини кыра эрдэҕинэ оҕону ууттан быыһыыбын диэн бэйэтэ былдьаммыт эбит, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһар. Биһиги аҕабыт сэһэнинэн ‘Мой убийца” киинэҕэ артыыс Вячеслав Лавернов аҕыйах күн иһигэр уонча киилэни бырахпыта. Прототип биллиилээх следователь Макар Макарович Яковлев билигин да спортивнай көрүҥүн ыһыктыбакка сылдьар спортсмен этэ буоллаҕа.
Коркин олох үчүгэй, наһаа кинегеничнай, дьоһун киһи оонньообут. Только ыллыыра хайдах эбитэ буолла? Арай художественнай вымысел буолан дьиппиэн тренери ”киһититии”, лирическай өттүн көрдөрүү диэн санаатахтара буолуо. Биир бэйэм Коркин ыллыырын олох өйдөөбөппүн. Ол курдук хаартысканы уокка быраҕыыны, бэйэтин сэмэлэнэн кыйыттан буоллаҕа буолуо…
Биллэхтэрэ диир буоллаҕым.
Көбүөргэ тустуу түгэннэрин, сценаларын бэркэ устубуттар, киһи умсугуйан көрөр, ыалдьа олорор. Төһө да тустууну билбэтэрбин, приемнара, арааһа, итинник буолуохтаах диэн өйдүүбүн, ылынабын.
Киинэни устубут эдэр дьоҥҥо махталын Вячеслав Карпов огдообото Татьяна Карпова наһаа үчүгэйдик тыл эттэ.
Киинэ сүрүн геройун прототибыттан хайҕанар наһаа үрдүк суолталаах. Карповтар төрөппүт уоллара эмиэ махтанна. Аҕатын туһунан ”Ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан олох” кинигэтин ааҕан баран кини олоҕун өйдөөбүтүн аҕынна.
Элбэх киһи санаатын үллэһиннэ (ол иһигэр суруналыыс Бястинов, атыттары соччо билэттээбэппин), бары киинэ үчүгэй, табыллыбыт диэн сыаналаатылар, режиссер сыалын сиппит диэн буолла.
Мин кыра уолум Мишалаах наһаа сөбүлээбиттэр. Петербурга үөскээбит, үөрэммит уол запроһа олох үрдүк.
Студент сылдьан төһө да ”технарь” буоллар каникулугар табаарыстарын, эмиэ бары ЛЭТИ-гэ үөрэнэр уолаттары, кытта уус-уран киинэ устубуттара. Аҕата үчүгэй видеокамера ылан биэрбитинэн. Эмиэ туох эрэ сиэр-майгы тематыгар этэ. Оҕолор айылҕаны алдьаталлар, онтон куорат иһэ кубус кураанах буолан хаалар, ол сэтэ кэлэн диэбит курдук сюжеттаах.
Оттон биир сайын туох эрэ брутальный герой буолан (үрдүк уҥуохтааҕын иһин буолуо) Кирзавод карьерыгар автомат тутуурдаах сүүрэкэлээн киинэҕэ уһуллубута. Ити киинэлэр төһө да улаханнык ситиһиилэммэтэллэр оҕолор сайдыыларыгар көмөлөөх буолбута саарбаҕа суох. Каникулга мээнэ күүлэйдии сыппакка, кэм кэскиллээх дьыаланан дьарыктаннахтара. Миша айтишник, программист буолан киинэни хайдах устары, таҥары биллэҕэ, ону тэҥэ сценарий суруйуутун, режиссердааһынын, оператордааһынын ымпыгын-чымпыгын билистэҕэ. Аҕатын айар хаана баар буолан хамсатан эрдэҕэ.
Мин эмиэ бэйэм, автор Е.Неймохов дьиэ кэргэним аатыттан ”Хапсыһыы” киинэ режиссеругар Никандр Федоровка – Айыы Тыннаах Эр Санаа Ох – Хоторго уонна кини айар эдэр хамаандатыгар (ол иһигэр Егор Неймохов быраатын Альберт Неймохов ииппит уолугар, Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһыгар Евгений Шамаевка) махталбын этэбин. Инникитин да үчүгэй киинэлэри устан Саха киинэтин сайыннардын, тус олоҕор дьоллоох-соргулаах, доруобай буоллун диэн алгыыбын!
Саха дьонугар туһаайан бу саҥа киинэни көхтөөхтүк сылдьан көрүҥ, сэҥээриҥ. Киинэ ороскуотун уйунарын ааһан, өссө элбэх үп киирэн эдэр дьон инникитин да киинэ айалларыгар, усталларыгар кыахта биэриэҕиҥ диэн ыҥырабын.
Мария НЕЙМОХОВА.
21.02.2024 с.