Бу субуотаҕа – Аллараа Бэстээххэ тустуу!
Олунньу 16-17 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас киинигэр Аллараа Бэстээххэ, олимпийскай чемпион Тимир Пинегин аатынан «Парус» спортивнай комплексыгар спортивнай тустууга Дальнай Восток федеральнай уокуругун чемпионата ыытыллар.
Тустуу, дьахталларга уонна эр дьоҥҥо 10-нуу ыйааһыҥҥа буолуоҕа. Бу күрэхтэһии түмүгүнэн Россия чемпионатыгар кыттааччылар сүүмэрдэниэхтэрэ. Онон эппиэттээх күрэхтэһии диэххэ сөп. Сүрүн утарсааччыларбыт биллэн турар, буряттар.
Программа быһыытынан олунньу 16 күнүгэр – хамаандалар кэлиилэрэ, анал хамыыһыйаҕа бэлиэтэниилэрэ; судьуйалар уонна хамаанда бэрэстэбиитэллэрин сүбэ мунньахтара уонна киэһэ – дьахталларга уонна эр дьоҥҥо бары ыйааһыннарга сэрэбиэй.
Сарсыныгар, олунньу 17 күнүгэр сарсыарда 10:00 чаастан – көбүөргэ хапсыһыылар. Программаҕа олоҕуран, чемпионат тустуута биир күнүнэн түмүктэнэр.
Чемпионаты СР физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтэ; Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата; СР спортивнай тустууга федерацията үүннээн-тэһииннээн ыыталлар.
Санатан эттэххэ, “Парус” спортивнай комплекска бу иннинэ, иллэрээ сыл көҥүл тустууга Н.Н. Тарскай кэриэһигэр Саха сирин биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионата уонна былырыын 24-гэр диэр саастаахтарга Дальнай Восток федеральнай уокуругун күрэхтэһиитэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттара.
«Дьулурҕан».