Сонуннар

Үөрүүлээх, кэтэһиилээх түгэн

Бүгүн Саха Республикатын спорка историятыгар бэлиэ күн буолла. Республикабыт киин куоратыгар – Дьокуускайга, Краснояров аатынан уулусса 15 №-гэр бу иннинэ самнайан турбут эргэ кулууп дьиэтин оннугар икки этээстээх саҥа таас дьиэ дьэндэйэн таҕыста. Бу – Бүтүн Россиятааҕы көрбөттөр, эбэтэр мөлтөхтүк көрөр дьон Саха сиринээҕи обществоларын иһинэн Николай Островскай аатынан культурнай-спортивнай, чэбдигирдэр комплекса.

Сиэр-туом быһыытынан бу күн саҥа дьиэни үөрүүлээхтик аһыы буолла. Бэлиэ түгэн сахалыы үгэһинэн дьиэ тэлгэһититтэн, алгысчыт Аал уоту аһатыытыттан, Үрдүкү Айыылартан көрдөһүүтүттэн саҕаланна. Саҥа дьиэни “Якутпромстрой” тэрилтэ тутан, дьэндэтэн таһаарбыт. Бу тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы Лариса Рашидовна Панькова саҥа дьиэ символическай күлүүһүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха сиринээҕи көрбөттөр обществоларын председателэ Ибрагим Михайлович Ишниязовка туттарда.

Тэлгэһэҕэ сиэр-туом кэнниттэн, олохсуйбут үгэһинэн, саҥа дьиэ ааныгар туора тардыллыбыт кыһыл лиэнтэни быһар үрдүк итэҕэл Саха Республикатын үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министрэ Елена Александровна Волковаҕа, “Якутпромстрой” тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Лариса Рашидовна Паньковаҕа уонна Ибрагим Михайлович Ишниязовка сүктэрилиннэ.

Саҥа дьиэ килэйэн-халайан ырааһа, сырдыга, киэҥэ-куоҥа дьону сөхтөрдө. Бастакы этээскэ актовай саала, иккис этээскэ – спортивнай саала, араас аналлаах хостор, кабинеттар… быһата, бэртээхэй дьиэ тутуллубут.

Ыалдьытымсах дьон быһыытынан хаһаайыттар бастаан саҥа дьиэни кэрийэ сылдьан көрдөрдүлэр, билиһиннэрэн кэпсээтилэр.

Ол кэнниттэн үөрүүлээх чаас актовай саалаҕа саҕаланна.

Бастакынан тыл Ибрагим Михайлович Ишниязовка бэрилиннэ. Кини бу дьиэ тутуллуута хайдах курдук элбэх этиинэн, туруорсуунан хас эмэ сылы быһа барбытын кэпсээтэ итиэннэ бастатан туран, спонсордарга, чуолаан “Якутпросмтрой” тутуу тэрилтэтигэр барҕа махталын биллэрдэ. Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо Дьокуускай куоракка чугастааҕы кэмҥэ бу үһүс тутуу буоларын эттэ.

Дьиэ сабыс-саҥа тутуллан туттарыллыбыт, онон кураанах кэриэтэ. Ол иһин Ибрагим Михайлович, аны бу саҥа дьиэни сөптөөх мебелинэн, тэрилинэн, сөптөөх оборудованиенан хааччыйарга көмө буолалларыгар ыҥырда. Итиэннэ түгэнинэн туһанан, бу Краснояров уулусса саас аайы ириэрии кэмигэр уунан-хаарынан туоларын санатан, уулуссаны тупсаран оҥорорго уонна табыллар буоллаҕына өссө автобус тохтобулун чугас оҥороллоро эбитэ буоллар, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй, диэн бэйэтин санаатын эттэ.

Саха сиринээҕи көрбөттөр обществоларын председателин солбуйааччы Мария Егоровна Кириллина эмиэ спонсордарга, үөрүүнү үллэстэ кэлбит дьоҥҥо махтанна. Саҥа дьиэҕэ үлэлииргэ-хамсыырга дьэ үчүгэй буолбутуттан астынарын биллэрдэ.

Ити курдук, СР үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министрэ Елена Александровна Волкова, Ил Түмэн депутаттара Алена Николаевна Атласова, Дмитрий Александровна Паньков, Үүнэр көлүөнэ анал сыаллаах фондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Анатольевич Егоров, СР физическэй култуураҕа уонна спорка министрин солбуйааччы Гаврил Михайлович Мохначевскай, республикатааҕы адаптивнай спорт уонна физическэй култуура киинин дириэктэрэ Ньургун Валерьевич Иванов, “Якутпромстрой” тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Лариса Рашидовна Панькова уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Республикатааҕы көрбөттөр обществоларыгар ситиһиилэри баҕардылар, өйдөбүнньүк бэлэхтэри, туоһу суруктары туттардылар.

Үөрүүлээх түгэн буолан баран ырыата суох буолуо дуо?! Николай Спиридонов, Мичил Моисеев, Алексей Потапов сахалыы ылбаҕай ырыаны толорон, тэрээһин силигин ситэрэн биэрдилэр.

Бэлиэ түгэҥҥэ И.М. Ишниязов ыалдьыттары аны бэс ыйыгар саҥа дьиэ малааһыныгар ыҥырда. Ол кэмҥэ бу култуурнай-спортивнай, чэбдигирдэр комплекс өссө киэркэйэн, ситэн-хотон, хааччыллан көрсөрүгэр баҕарабыт.

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону физическэй култууранан уонна спордунан дьарыктааһын элбээн, кэҥээн иһэр диэххэ сөп. Республикаҕа адаптивнай спорт сайдар. Холобур, көрбөт, эбэтэр мөлтөхтүк көрөр дьон бүгүн “шоудаун” диэн көрбөттөр уонна истибэттэр теннистэринэн, голболунан, дуобатынан, саахыматынан, чэпчэки атлетиканан, харбааһынынан дьарыктаналлар. Кинилэргэ анаан сыллата араас күрэхтэһиилэр тэриллэллэр…

Петр ПАВЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.  

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252746
Бүгүн : 218