"Дьулурҕан" туһунан

Тохсунньу 13 күнэ – Бэчээт күнэ: «Дьулурҕан» туһунан этэргэ көҥүллээҥ…

Тоҕоостоох түгэнинэн туһанан, бэйэбит үлэбит туһунан билиһиннэрэргэ, сырдатарга сананныбыт. Сорохтор «Дьулурҕан» ыйга иккитэ эрэ тахсар дии саныыллар. Кумааҕы хаһыат быһыытынан оннук.

Ол эрээри, уопсастыбаннай корреспонденнар көмөлөрүнэн, «Дьулурҕан» биир да күнү көтүппэккэ куйаар ситимигэр бэйэтин анал сайтыгар – спорду, спорт сонуннарын, күрэхтэһиилэри тутатына сырдатан иһэр дии саныыбын. Онуоха биһиги бастатан туран, бэйэбит көмөлөһөөччүлэрбитигэр улаханнык махтанабыт! Бу сыллар усталарыгар «Дьулурҕан» бэйэтэ тиһигин быспакка суруйар, бииргэ үлэлэһэр элбэх ааптарданна, итиэннэ, күннэтэ кэтэһэр ааҕааччыланна диир кыахтаахпыт.

«Дьулурҕан» – норуот хаһыата. Ардыгар биһиги, бэйэбит суруйуубутун киллэрбэккэ даҕаны туран, тастан кэлбит дьон суругун таһаарарга, онон хаһыат, аҥардас оҥорон таһаарааччылар эрэ суруйууларынан буолбакка, бэйэтин тэрийэр аналлааҕын тутуһарга дьулуһабыт. Дьон «Дьулурҕаны» билинэн, күннэтэ бэйэтинэн сурук ыытара, таһааттарарга көрдөһөрө – биһигини элбэххэ эбээһинэстиир.

«Дьулурҕан – бу аҥардас хаһыат эрэ буолбатах. Аныгы кэмҥэ «Дьулурҕан» бэйэтэ интернет эйгэтигэр анал сайтаах, ютуб каналлаах, Телеграмҥа уонна ВКонтакте ситимнэргэ анал страницалардаах. Итилэр барыта күннэтэ спорду сырдатыыга бэйэ-бэйэлэрин хатыласпат гына, туспатык үлэлииллэр.

Холобур, кумааҕы хаһыакка сүрүннээн – санаа атастаһыыта, дьүүллэһии, ырытыһыы, история, сынньалаҥҥа уура сылдьан ааҕыллар эргэрбэт матырыйааллар бэчээттэнэр эбит буоллахтарына, сайтка күннэтэ туох баар сонуннар, хаартыскалар, видеолар тиһиллэн иһэллэр. Ютуб каналбытыгар араас күрэхтэһиилэртэн түгэннэри, интервьюлары, видеонан архыып матырыйаалларын көрүөххүтүн сөп. Онтон телеграмҥа сүрүннээн хаартысканан, видеонан кылгас суһал сонуннар, биллэриилэр тахсаллар. Ити курдук, социальнай ситимнэртэн ВКонтакте туспа страницалаахпыт. Эппитим курдук итиннэ барытыгар тус-туспа сонуну-нуомаһы таһаарарга, биллиилээх ааптардары кыттыһыннарарга дьулуһабыт.

Онон сонуну киэҥник тарҕатар средстволар билиҥҥи күрэстэһиилээх кэмнэригэр “Дьулурҕан” бэйэтэ хаһыаттаах, сайтаах, Ютубка уонна Телеграмҥа туспа каналлаах – республикаҕа спорт туһунан күннэтэ сырдатар туспа сырдатар-эйгэ буолла.

Саха сирэ – спорка үтүө үгэстээх, дойдуга биир үчүгэй үлэлээх республиканан биллэр. Спорт, физическэй култуура, чөл олох сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллар. Сир-дойду аайы спортивнай базаны тутуу элбиир, сыллата улахан таһымнаах күрэхтэһиилэр тэриллэллэр, спортсменнар эриэ-дэхси көрдөрүүлэнэллэр…

Маннык үтүө түгэҥҥэ арай, билиҥҥи биллэрии-иһитиннэрии, көрдөрүү-сырдатыы аныгы сайдыбыт кэмигэр республикабытыгар спорду сырдатар анал хаһыаппыт да, сурунаалбыт даҕаны суоҕа, хайдах эрэ кэрэгэй. «Дьулурҕан» балаһаттан саҕалаан, сыһыарыы буолан тахсыбыта 24-с сыла. «Дьулурҕан» дьулуһуута – туспа анал хаһыат буолан тахсыы! Ону туһааннаах салалта, кыахтаах тэрилтэлэр болҕомтоҕо ылан, өйүүллэригэр, күүс-көмө буолалларыгар баҕарабыт.

Онтон спорду таптааччылары – биһиги хаһыаппытыгар, анал таһаарыыларбытыгар суруттараргытыгар, спорт сонуннарын көтүппэккэ ааҕа-билэ сылдьаргытыгар уонна биһиги ыытар үлэбитигэр көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!

“Дьулурҕаны” кытта доҕордоһуҥ! “Дьулурҕанныын” бииргэ буолуҥ! “Дьулурҕанныын” олоххо тэҥҥэ хаамсыҥ!

Петр ПАВЛОВ, «Дьулурҕан» редактора, Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин Бэчээккэ туйгуна.      

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227561
Бүгүн : 363